Урут бобуллубут айымньылар бесплатное чтение
Аан тыл
Саха литературата, биллэрин курдук, толору көрүҥүнэн ХХ үйэ саҕаланыытыгар үөскээбитэ. Маҥнайгы суруйааччыларбыт Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, Анемподист Софронов-Алампа, Николай Неустроев бэйэлэрин айымньыларыгар саха олоҕун-дьаһаҕын, оччотооҕу кэм бары кыһалҕаларын дириҥ хорутуулаахтык уонна киэҥ хабааннаахтык көрдөрбүттэрэ. Саха уратылаах өйө-санаата, толкуйа хааччахха хаайтара илик кэмигэр үлүмнэһэ үлэлээн, литературабыт көмүс кылаата буолбут бастыҥ айымньыларын суруйан хаалларбыттара. Хомойуох иһин, ити көҥүл кэм уһаабатаҕа. 1920-с сс. ортолоруттан уус-уран литератураҕа судаарыстыба уонна былаас өттүттэн кытаанах хонтуруол олохтоммута. 1925 с. бэс ыйын 18 күнүгэр тахсыбыт партия Киин кэмитиэтин «О политике партии в области художественной литературы» диэн ааттаах резолюцията уус-уран литератураҕа «күөрэйтэлиир» контрреволюционнай көстүүлэри, баайдыы санааны утары күүстээх охсуһууга ыҥырбыта. Саҥа үөдүйэн эрэр саха литературнай кириитикэтэ бу тыалга оҕустарар, классик суруйааччылар айар нэһилиэстибэлэригэр нигилистии хаҕыс сыһыан бу кэмтэн үөскүүр.
1927 с. буолбут П.В. Ксенофонтов баһылыктаах былааһы утарар хамсааһын саха интэлигиэнсийэтин, ол иһигэр суруйааччылар, үрдүлэринэн барбыта. Бу долгуҥҥа хаптаран, уопсастыба уонна култуура биллэр диэйэтэллэрэ, литератураны төрүттээбит В.В. Никифоров-Күлүмнүүр, А.И. Софронов-Алампа, айымньылара «Чолбоҥҥо» бэчээттэнэн, суруйааччы быһыытынан саҥардыы биллэн эрэр Г.В. Баишев-Алтан Сарын, П.И. Оросин-Хайыкы Бүөтүр, литературнай кириитик В.Н. Леонтьев хаайыы дьоно буолбуттара. 1928 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр партия Киин кэмитиэтин «О положении в Якутской организации» уурааҕа ылыныллыбыта. Манна обком биир сүрүн алҕаһын быһыытынан националистыы санаалаах саха интэлигиэнсийэтин үрдүкү араҥатын бэйэтигэр тардыбыта ыйыллыбыта. Н.П. Канаев «Зарождение и становление литературной критики в Якутии (1925—1940 гг.)» үлэтигэр суруйар: «Теперь все, что было сказано в постановлении в отношении “верхушечной части” националистически настроенной интеллигенции, стало целиком переноситься на литературу, в частности, на оценку творчества дореволюционных писателей. …Следовательно, никакой преемственности в якутской советской литературе не должно существовать, ибо развивается она на принципе строгой пролетарской классовости. Исходя из такой узко понятой природы пролетарской литературы, якутские критики стали полностью игнорировать значение дореволюционного литературного наследия для развития якутской литературы». Ити курдук, сүүрбэһис сыллар бүтүүлэриттэн литература уонна искусство айымньыларыгар партийнай-кылаассабай сыһыан букатыннаахтык олохсуйар, «бобуулаах» суруйааччылар уонна айымньылар диэн баар буолаллар.
Саха литературатын төрүттээбит классиктар, саарбаҕа суох, баайдыы санаалаах, омугумсук көрүүлээх суруйааччылар кэккэлэригэр киллэриллибиттэрэ. Манна суруйааччылар социальнай төрүттэрэ, ханнык араҥаттан үүнэн-үөскээн тахсыбыттара кырата суох оруолу оонньообута. Ол курдук, Күлүмнүүр Дүпсүн улууһун, Өксөкүлээх убайа Оонньуулаах Уйбаан Таатта улууһун кулубата буолан үлэлээбиттэрэ, Н.Д. Неустроев Байаҕантай уонна Таатта баайдара Слепцовтартан уонна Оросиннартан сыдьааннааҕа, Алампа убайа В.И. Софронов ВЯОНУ чилиэнигэр кандидат буола сылдьыбыта барыта аахсыллыбыта. Биллэн турар, көҥүл санаалаах, төрөөбүт норуоттарын муҥура суох таптыыр суруйааччылар айымньыларын ис хоһооно саҥардыы олохсуйан эрэр социалистическай реализм ирдэбиллэригэр сөп түбэспэт этилэрэ. Өксөкүлээх нэһилиэстибэтиттэн элбэх мөккүөрү таһаарбыт, араас утарсыылаах санаалары үөскэппит айымньынан «Ойуун түүлэ» поэмата буолбута. Кириитиктэр поэманы националистыы санааны күөртүүр айымньынан аахпыттара, эдэр ойууннары кыырарга үөрэтэр босуобуйа да диэн сыаналаабыттара, поэты киһини абааһы көрөр теорияны олохтообут Англия аҕабыыта Мальтус үөрэҕин тарҕатааччыларга да сыбыы сылдьыбыттара. Айымньы ортотугар сылдьар сэбиэскэй былаас туһунан суруллубут кэрчиги туспа тутан, эпилог курдук айымньы кэннигэр бэчээттииллэрэ эбэтэр олох даҕаны ылан быраҕан кэбиһэллэрэ. Айымньы ааптар хайдах суруйбутунан 1993 с. биирдэ тахсан турар.
Анемподист Софроновы саха андеграунун бастакы бэрэстэбиитэлин быһыытынан көрүөхпүтүн сөп. Кини кимтэн эмэ тутулуктаах буолары адьас сөбүлээбэт суола этэ, суруйааччы көҥүл буолуохтаах диэн санааны мэлдьи этэрэ: «Госудаарыстыба суута суруйар идэлээх дьону алыс онон-манан майаачылаабакка, баар сокуон иһинэн туох көҥүл, быраап бэриллэрин биэрэр буоллаҕына, суруйааччы киһи ол-бу тылтан, салгынтан куттаммат, кыбыстыбат буоллаҕына, сайдан суруйан, идэтин таһааран иһиэх тустаах. Таһыырдаах оҕо килбик буолар, ол кэриэтэ ол киһини өһүргэтиэм, ол сууту кыыһырдыам диэн симиттэн-куттанан, тыынын эрэ мананан сылдьан суруйбутуттан хаһан даҕаны үчүгэй сурук тахсыан сатаммат» («Саха суруга, саха үөрэҕэ», 1922). Поэт гражданскай сэрии событиеларын норуот трагедиятын быһыытынан ылыммыта, тоталитарнай систиэмэ көлөһөтө үлтү ныһыйан ааспыт көлүөнэтин хараастыылаах дьылҕатын хоһоонноругар тиспитэ, бэйэтин кэмин кырдьыктаах поэтическай летопиһын айбыта («Оҕо утутар ырыа», «Хаайыылаах», «Оруоһун ахтылҕана», «Олох сүүрүгүн дорҕооно»). Алампа бобуулаах айымньылара, ол иһигэр үрүҥнэр гимнэринэн биллибит «Саха ырыата» хоһооно, омугумсуйууга буруйдаммыт, «санаа түһүүлээх, оҥорууну-ыйааҕы итэҕэйиилээх, мистика уонна фатализм элеменнэрдээх» «Нууччатымсыйбыт», «Бүдүрүйбүт көммөт» пьесалара 1996 с. «Ырыа быстыыта хоһоон» диэн хомуурунньукка күн сирин көрөн тураллар.
Чаҕылхай талааннаах Николай Неустроев нэһилиэстибэтиттэн бу хомуурунньукка «Куттал», «Үрүҥ күөлгэ» кэпсээннэр, «Тар» кэмиэдьийэ киирдилэр. Аныгы кэмҥэ киһи киһиэхэ сыһыана уларыйыытын, сиэр-майгы сатарыйыытын уйулҕаһыт суруйааччы кыраҕытык бэлиэтии көрөн суруйбут. Ол эрээри, бу олох хартыынатын хайдах баарынан дьүһүйэр айымньылар өр кэмҥэ идиэйэтэ суоҕунан уонна националистическайынан ааҕыллан бобулла сылдьан баран, 1995 с. биирдэ бэчээттэммиттэрэ.
Онон көстөрүн курдук, литератураны төрүттээбит классиктар саха олоҕун-дьаһаҕын кырдьыктаахтык көрдөрбүт айымньылара омугумсуйууга буруйдаммыттара, суруйааччылар бэйэлэрэ «революция уонна гражданскай сэрии сылларыгар контрреволюция диэкки охтубут, норуоту утарбыт буржуазнай суруйааччылар» быһыытынан өр кэмҥэ ааҕыллыбыттара. Кулаковскай, Софронов, Неустроев ааттара 1960-с сс. саҥаларыгар ырааһырбыта, ол эрээри нэһилиэстибэ тула мөккүөр уларыта тутуу сылларыгар диэри салҕанан барбыта.
Саха литературатын историятыттан букатыннаахтык сотулла сыспыт, өр сылларга ааттара ааттаммат буола сылдьыбыт дьонунан уопсастыба биллэр-көстөр диэйэтэллэрэ, репрессияламмыт суруйааччылар В.В. Никифоров-Күлүмнүүр (1866—1928), К.О. Гаврилов-Тыа оҕото (1890—1938) буолаллар. Саха драматургиятын маҥнайгы хараҥаччытын – Күлүмнүүр «Манчаарытын» туһунан «Саха советскай литературатын историятын очеркатыгар» (1956) маннык суруллубут: «Саха буржуазията бэйэтин идеологиятын киэҥник тарҕатар наадатыгар уус-уран тыл орудиетын эмиэ туһаммыта. Ол курдук, «Саха союһун» биллэр лидерэ тойон В. Никифоров «Манчаары» диэн пьесаны суруйбута. …пьеса автора, дьиҥэр, историческай кырдьыгы токурутан туран, Манчаарыны төрүөтэҕиттэн түөкүн-уоруйах эрэ быһыытынан көрдөрбүтэ. Манчаары социальнай-кылаассабай майгыннаах бууннааһына, дьадаҥылары кытта үчүгэй сыһыана арыллан көрдөрүллүбэккэ хаалбыта. Ону таһынан, Никифоров пьесата националистическай тыыннаах айымньы буолара өтө көстөр этэ». Күлүмнүүр аата 1990-с сс. биирдэ тиллибитэ.
К.О. Гаврилов-Тыа оҕото 22 эрэ саастааҕар «Саха саҥата» (1912—1913) сурунаалга этнографическай хабааннаах түөрт кэпсээни бэчээттэппитэ. Айымньылар тыа киһитин майгытын, олоҕун-дьаһаҕын илгэтин хайдах баарынан чахчылаахтык уонна мындырдык ойуулуулларынан, тыллара-өстөрө хомоҕойунан киэҥ кэрэхсэбили ылбыттара. Кэпсээннэр С.А. Новгородов «Ааҕар кинигэтигэр» (1923) киирэн оскуола программатыгар үөрэтиллибиттэрэ. Онон, талааннаах прозаик аҕыйах да айымньытынан бэйэтин аатын саха литературатын историятыгар суол тэлээччи быһыытынан хаалларбыта. Гаврилов 1938 с. тутуллан хаайыллыбыта уонна ытыллан өлбүтэ. Суруйааччы айымньылара, үлэлэрэ уонна кини туһунан ахтыылар кыыһа М.К. Гаврилова хомуйан оҥоруутунан 1995 с. бэчээттэнэн тахсыбыттара.
«Бобуулаах ааттар» кэккэлэригэр И.Е. Кулаковскай-Оонньуулаах Уйбаан (1865—1921) уонна И.Е. Попов ааттарын киллэриэххэ сөп. Өксөкүлээх убайа Оонньуулаах Уйбаан бэйэтин кэмигэр киэҥник биллибит норуот ырыаһыта этэ. Кини «Сут ырыата», «Хонон турарбыт ырыата» айымньылара 1913 с. «Саха саҥата» сурунаалга бэчээттэнэн тураллар. И.Е. Кулаковскай 1913 с. саҥа тэриллибит Таатта улууһугар бастакы кулубанан талыллыбыта. Баһылыгынан үлэлиир кэмигэр нэһилиэнньэттэн сиэртибэ хомуйан, улуус быраабатын, фельдшерскэй пуун, икки кылаастаах училище дьиэлэрин туттарбыта. Ыраахтааҕы былааһын саҕана кулубалыы сылдьыбытын төрүөт оҥостон, кыһыллар 1921 с. Чурапчы Амматыгар ытан өлөрбүттэрэ. Кини айымньылара «Халлаан сырдыыра» диэн ааттаах хомуурунньукка 1990-с сс. аан бастаан бэчээттэнэн тахсыбыттара. Баай төрүттээҕиттэн сылтаан, өр кэмҥэ аата ааттамматах киһинэн норуот ырыаһыта К.Г. Оросины (1858—1903) эмиэ билиниэхпитин сөп. Кини 1895 с. Э.К. Пекарскай көрдөһүүтүнэн «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйан биэрбитэ. Ону таһынан «Аан дойду айыллыбыт ырыата», «Арыгы ырыата» курдук кэрэхсэбиллээх айымньылардаах.
Бу хомуурунньук биир сонун өрүтүнэн И.Е. Попов (1879—1944) икки кэпсээнэ киирбитэ буолуон сөп. Илья Егорович Сунтаар улууһун Илимниириттэн төрүттээх киһи этэ. Урут учууталлыы сылдьан баран, 1904 с. ыла таҥара дьиэтигэр аҕабыытынан сулууспалаабыта. 1914 с. «В долине скорби» кинигэни «Рассказы и заметки из жизни якутов» диэн хос ааттаан таһаарбыта. Хомуурунньукка «кутурҕан хочотугар» олохтоох саха дьонун эрэйдээх-буруйдаах олохторо хайдах баарынан көрдөрүллүбүтэ. Кини 1890-с сс. бүтүүлэриттэн Томскайга тахсар «Сибирская жизнь» хаһыакка сүүрбэччэ кэпсээни уонна уочарканы бэчээттэппитэ, сорох бэлиэтээһиннэрэ «Якутские епархиальные ведомости» хаһыакка тахсыбыттара. И.Е. Попов сэбиэскэй кэмҥэ репрессияланан, хаайыы дугуйдаммыта. Хомойуох иһин, кини уонна биир идэлээҕэ, «В якутской глуши» (1910) кинигэ ааптара, эмиэ Сунтаартан төрүттээх Г.М. Попов (1881–1913) ааттара, сэбиэскэй судаарыстыба атеизмҥа олоҕурбут идеологическай политикатыгар сөп түбэспэттэрин быһыытынан, саха култууратын историятыттан киэр илгиллибитэ. Дьиҥэр, кинилэр былааһы утарбатахтара, айымньыларыгар да киһи баайсар төрүөтэ суох. Ол эрээри үтүө төрүттээхтэрэ, таҥара итэҕэлин үлэһиттэрэ буолаллара, ол эбэтэр социальнай төрүөт улахан мэһэйи үөскэппитэ.
«Ксенофонтовщина» дьыалатыгар түбэһэн суорума суолламмыт дьонунан Г.В. Баишев-Алтан Сарын (1898—?) уонна П.И. Оросин-Хайыкы (1895—1957) буолаллар. Г.В. Баишев сахалартан биир бастакынан үрдүк үөрэхтэммитэ – Ленинградка Илиҥҥи тыллар институттарын бүтэрбитэ. Алтан Сарын бэйэтин күүһүн литература бары көрүҥэр: хоһооҥҥо, кэпсээҥҥэ, драмаҕа холонон көрбүт талааннаах киһи быһыытынан биллэрэ. Кини төрөппүттэрэ эр-биир олохтон туораабыттарын утаатыгар, соҕурууттан кэлээт, дойдутугар тахса сылдьан, санаарҕаабыт ахтыы-санаатын суруммутун ким эрэ булан ылан, «Чолбон» сурунаалга «Уруккутун өйдүөбүт» диэн ааттаан, 1926 с. бэчээттээбит. Ону 1928 с. кириитик Сэттэ Бытык (Н. Заболоцкай) булан, «Уруккутун умнубатах суруйааччы» диэн ааттаах рецензия суруйар. Революцияны утары үгэнэн суруллубут кэпсээнигэр атын кылаас суруйааччыта биһиги сэссийэлиичэскэйдии тутуубутун токурутан суруйбута өстөөхтөрбүтүгэр туһалыыр диэн матыыптыыр. Киниэхэ харда быһыытынан Алтан Сарын «Кыҥаан көрө-көрө кырадаһын таҕаара сатаабыт» диэн ыстатыйаны суруйбута, онно кэпсээн бэлиитикэҕэ сыһыана суох, бэйэм тускум, санаабыт санаам, дьайбыт дьайыым диэн этэн көрбүтэ да, ол аахсыллыбатаҕа. Алтан Сарын хаайыыттан эргиллибэтэҕэ. Кини айымньылара, үлэлэрэ туспа кинигэнэн 1998 с. тахсыбыттара.
П.И. Оросин Соловецкай концлааҕырга биэс сылга түбэһэн олорбута, ол эрээри тыыннаах ордубута уонна Бодойбоҕо олохсуйбута. Кини бэйэтин кэмигэр суруйааччы быһыытынан балачча биллэрэ. Оҕо үөрэҕин кинигэлэригэр киирбит айымньыларын аахпакка туран, оччотооҕу хаһыаттарга, сурунаалларга сүүрбэччэ хоһоону, кэпсээни бэчээттэппитэ. Оруоһун, репрессия хаптарбатаҕа буоллар, сахаҕа биллэр суруйааччы буолар кыахтааҕа. Ол эрээри сэбиэскэй былааһы утарбыт өстөөх дьарылыктанан аата өр кэмҥэ ахтыллыбакка сылдьыбыта, айымньылара 2000-с сс. биирдэ хос бэчээттэммиттэрэ.
Кинигэҕэ Соловецкай концлааҕыртан күрээбит эр сүрэхтээх, кэлин кыраныысса таһыгар олохсуйбут, айар дьоҕурдаах М.Ф. Корнилов «Олох долгуна» хоһооно киирдэ. Бу айымньы туһунан Багдарыын Сүлбэ маннык суруйбут: «Хоһоон, көрөргүт курдук, син улахан. Ити – чахчы үрдүк идиэйэлээх, норуот бүттүүнүн дьылҕатын дьылҕа оҥостубут киһи суруйуута. 1920—30-с сс. суорума суолламмыт дьоммут бары даҕаны итинник дьон эбиттэрэ буолуо. … Хоһоонунан ааптар омук бүтүннүүтэ даҕаны уонна кини, М.Ф. Корнилов, тус бэйэтэ даҕаны, Сэбиэскэй былаас буолбутун кэннэ хайдахтаах үтүргэҥҥэ түбэспиттэрин, туох эрэйи-буруйу көрбүттэрин кэпсиир. Соловецкай концлааҕырга сааһылаан һаха барахсаны айыы күнүттэн һүтэртээбиттэриттэн кини бассабыыктарга ынырыктаах хом санаатын этэр. Хомуньуус партия салайар сэбиэскэй былааһа төрөтөр оҕотун төннөрдө, үөскэтэр сүөһүтүн иҥнэрдэ диэҕин диир. Кини кэмигэр быһыы-майгы хайдах сайдан иһэрин көрбүт көнө сүрэхтээх, омугун олоҕунан олорор, дьылҕатын дьылҕа гыммыт ким баҕарар итинник диэхтээх этэ».
Дьэ ити көрөрбүт курдук, саҥалыы сайдан эрэр саха литературатыгар репрессия бастакы долгуна ыараханнык тайанан ааспыта. Баартан бастыҥнара, суолталаахтара, дьоҕурдаахтара, сытыылара ким хайа иннигэр түбэспиттэрэ, тоталитарнай режим бастакы сиэртибэлэрэ буолбуттара. Ааптардар уустук олохтоммуттарын курдук, айымньылара эмиэ кэрэгэй дьылҕаламмыттара.
Иккис долгун, бастатан туран, П.А. Ойуунускай уонна даҕаны атын норуот биллэр-көстөр салайааччыларын тутуллуутун кытта ситимнээҕэ. К.О. Гаврилов бу кэмҥэ хаайыллыбыта. Суруйааччыларыттан Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон, Н.М. Заболоцкай, С.А. Саввин-Күн Дьирибинэ хаайылла сылдьыбыттара. 1940-с сс. араас төрүөтүнэн Н.Н. Павлов-Тыаһыт, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан түрмэҕэ киирбиттэрэ.
И.Е. Слепцов-Иван Арбита (1913—1943) – уопсай халыыпка киирбэтэх, тыллыын-өстүүн ураты, саха андеграунун чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ этэ. Кини туох-хайа иннигэр саха литературатын историятыгар «Долгуннар» диэн омоним-рифмалаах поэматынан биллибитэ. Байыаннай учуокка турбакка сылдьарын сэриигэ барымаары соруйан куотуна сатаабыт, санаа түһүүлээх үс хоһоонунан былааһы холуннарбыт диэн матыыптаан 1942 с. тутуллубут. Саха сирин НКВД-тын байыаннай трибунала ытарга бириигэбэрдээбит, ону ааһыммытыгар 10 сыл түрмэнэн солбуйбуттар. Арбита хаайылларыгар төрүөт буолбут хоһооннорун ааҕааччылар бу хомуурунньуктан билиэхтэрэ. Поэт айымньыларын доҕоро Г.М. Васильев өр сылларга харыстаан уура сылдьыбыта. Арбита нэһилиэстибэтэ 1993 с. күн сирин аан бастаан көрбүтэ.
1940-с сс. Саха сирин литературнай олоҕун чаҕылхай көстүүтүнэн Г.П. Башарин «Саха үс реалиһа-сырдатааччыта» кинигэтин тахсыыта буолбута. Учуонай оччотооҕу кэмҥэ бобуллубут суруйааччылар А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев айымньыларын олохтоохтук ырыппыта. Кинилэр саха литературатын төрүттээбит, үрдүк таһымнаах айымньылары суруйбут классик суруйааччылар буолалларын дакаастаабыта уонна: «Литературное наследство Кулаковского, Софронова и Неустроева, будучи энциклопедией письменной интеллектуальной культуры дореволюционной Якутии, является сокровищницей благородных чувств, свободолюбия, прогрессивных идей, культурным богатством якутского народа», – диэн түмүктээбитэ. Ол эрээри Г.П. Башарин үлэтэ былаас, салалта өттүттэн улахан утарсыыны көрсүбүтэ. Аны бу кэмҥэ БСК(б)П Киин кэмитиэтин «О журналах “Звезда” и “Ленинград” (1946), «О кинофильме “Большая жизнь”» (1946), «Об опере “Великая дружба”» (1948) диэн улахан токурутуулаах уураахтара мэҥэһик буолбуттара. Бу барыта холбоһон саха литературатын историятыгар «хабахха тыыныы кэмин» үөскэппитэ. «Саха литературатын историятын уочаркатыгар» (1956) Кулаковскай, Софронов, Неустроев «националистическай» айымньыларын уонна Башарин «Саха үс реалиһа-сырдатааччыта» диэн кинигэтин сабыдыалларыгар оҕустаран, саха сорох суруйааччылара идейнэй өттүнэн улахан омсолоох айымньылары айбыттара этиллэр: «Ол айымньыларга Саха сирин былыргы олоҕо арбанар (С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта», «Ат ырыата» поэмалара) уонна саха икки нуучча икки норуоттарын хардарыта сыһыаннаһыылара сыыһатык, токурутуллан көрдөрүллэр (Суорун Омоллоон «Айаал», Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик»). Таллан Бүрэ уонна Суорун Омоллоон саха норуотун кытта бииргэ олорбут, охсуспут нуучча боростуой дьонун оруолун көрдөрүүнү букатын тумнан ааһаллар. Кинилэр айымньыларыгар революционнай Россия бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ саха норуотугар оҥорбут үтүө сабыдыаллара эмиэ адьаһын таарыллыбакка уонна көрдөрүллүбэккэ хаалар». Буортулаах сабыдыалга оҕустарбыт айымньыларга Н. Заболоцкай «үөр тыыннаах киһини үөрэтэрин» туһунан суруйбут «Мааппа» кэпсээнэ эмиэ киллэриллибитэ.
Былаас уонна кини рупора – литературнай кириитикэ ити кэмҥэ тутуһар суоллара туох этэй? Бастакытынан, уус-уран айымньыга партия салайар оруола уонна нуучча норуотун бастыҥ бэрэстэбиитэллэрин көмөтө көрдөрүллүбэтэ бөдөҥ идейнэй итэҕэскэ уонна алҕаска аахсыллара. Суруйааччылар Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» ромаҥҥа, С.П. Ефремов «Ини-бии» драмаҕа нуучча норуотун баһылыыр-көһүлүүр оруолун арыйбатахтара улаханнык сэмэлэммитэ. Онон айымньылар иккис тахсыыларыгар, партийнай кириитикэ бэлиэтээһиннэрин аахсан туран, улахан көннөрүүлэр киирбиттэрэ, ол иһигэр персонажтар ситимнэригэр биэлсэр Виктор Бобров, хамандыыр Михаил Бадин уобарастара эбиллэн биэрбиттэрэ.
Иккиһинэн, норуот итэҕэлигэр, тылынан уус-уран айымньытын сюжетыгар олоҕурбут, тылын-өһүн туһаммыт айымньылар сэҥээриллибэт этилэр, баайдары арбааһыҥҥа, омугумсуйууга буруйданаллара. «Культовай мифологияны (иччини, абааһыны, таҥараны итэҕэйиини) уонна революция иннинээҕи олох араас реакционнай хаалынньаҥнарын кытта ситимнээх уобарастары, матыыптары критическэйэ суохтук үлүбүөй туһаныыга» М.Н. Тимофеев-Терешкин «Сирдьиттэр тустарынан сэһэннэр» кинигэтигэр киирбит поэмалара, С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта», «Ат ырыата», Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» поэмалара буруйдаммыттара. Манна даҕатан эттэххэ, айар үлэтин революция иннигэр саҕалаабыт, кэлин хараҕынан көрбөт буолбут М.Н. Тимофеев-Терешкин, урут улууһугар кулубалыы сылдьыбытынан, өрүү үтүргэҥҥэ-хабырҕаҥҥа тутулла сылдьыбыта.
Үөһэ ыйыллыбыт уочаркаҕа С. Васильев «Ленскэй абатыйыыта» айымньытыгар айылҕа араас иччилэриттэн фашистары утары охсуһарга күүстээх-уохтаах оҥороллоругар көрдөһөр Ленскэй иччини, абааһыны улаханнык итэҕэйэр киһи быһыытынан көрдөрүллүбүтэ, айымньы социалистическай реализм ньыматыттан биллэр тэйии курдук сыаналаныахтааҕа ыйыллыбыт. Оттон «Ат ырыата» айымньыга былыргыны арбааһынынан үлүһүйүү баара көстөрө этиллэр: «Автор бу хоһоонугар колхоз атын олус ырыган, дьүдэх, көрүүтэ-истиитэ суох курдук дьүһүннүүр. Ат билиҥҥи олоҕор революция иннинэ саха баайдарыгар олорбут олоҕун утары туруорар, ону бэйэтин олоҕун үтүө кэминэн ааҕар». Суорун Омоллоон «Күкүр Уус» пьесатыгар саха патриархальнай-феодальнай аҥаардаах урукку олоҕун романтическай кырааскалаан өрө көтөҕөн көрдөрүүтэ сытыы партийнай кириитикэ дьүүлүгэр турбута. Л.А. Попов 1945 с. суруйбут «Улуу Туймаада» диэн ааттаах, 1642 с. бойобуода былааһын утары сахалар бастаанньаларын ойуулаан көрдөрөр историческай драмата 1995 с. биирдэ туспа кинигэнэн тахсыбыта. Драманы оччотооҕу партийнай кириитикэ омугумсуйуу тыына баар диэн театрга да туруортарбатаҕа, бэчээккэ да таһааттарбатаҕа. Н.Н. Павлов-Тыаһыт «Кыстаанык» сэһэнэ баайдары норуот дьыалатын иһин охсуспут дьон курдук көрдөрөр диэн буруйдаммыта.
Үсүһүнэн, социалистическай реализм ньымата социализмы, коммунизмы тутааччылар олохторун мэлдьи уруй-айхал доҕуһуоллаах, үөрүү-көтүү аргыстаах гына көрдөрөрү булгуччулаахтык ирдиирэ, онон санаа түһүүлээх айымньылары сэмэлиирэ. Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон «Торҕо буруо» диэн 1943 с. суруйбут кэпсээнигэр Аҕа дойду улуу сэриитин фронугар өлөн эрэр саха саллаата төрөөбүт дойдутун, дьонун, таптыыр кыыһын кытта бырастыылаһыыта монолог быһыытынан бэриллибит. Улахан кириэтээһиннээх кириитикэ кэннэ суруйааччы «алҕаһын» билинэргэ күһэллибитэ. «Мин айар үлэм туһунан» диэн «Хотугу сулус» сурунаал 1953 с. 3№-гэр тахсыбыт ыстатыйатыгар ааптар: «1943 с. «Кыым» хаһыакка бэчээттэммит «Торҕо буруо» диэн кэпсээним санаа түһүүлээҕин, онон буортулааҕын быһыытынан, куһаҕанын, сыыһатын булгуччу билинэбин», – диэн суруйбута.
Суруйааччылар «алҕастара» «Саха литературатын историятын сырдатыыга тахсыбыт буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан» диэн БСК(б)П Саха уобаластааҕы кэмитиэтин 1952 с. олунньу 6 күнүнээҕи уурааҕар ырытыллан дьүүллэммитэ.
Биллэн турар, айар дьону ыгыы-түүрүү, сирэй-харах анньыы, кэнэйдээһин суола-ииһэ суох ааспатаҕа. Олоҕу хайдах баарынан көрдөрүү, кырдьыктаахтык суруйуу уустугурбута. Бу кэмҥэ хас төгүл айар баҕа уостубута, төһөлөөх талаан кэхтибитэ, харгыстаммыта буолуой? Норуот бүттүүнүн өйүгэр-санаатыгар улахан охсуу оҥоһуллубута. 1952 г. кулун тутар 20 күнүгэр партия обкомун V пленумугар С.З. Борисов «Республикаҕа идеологическай үлэ туруга уонна тупсарыыга туһуламмыт дьаһаллар» диэн дакылааты оҥорбута. Дакылаат балаһыанньаларын сүнньүнэн Г.П. Башарин дьыалатыгар быһаччы дьайыылар оҥоһуллубуттара: Г.П. Башарин уонна И.М. Романов үлэлэриттэн уһуллубуттара, учуонай салайар «История» научнай куруһуогун чилиэннэрэ, устудьуоннар М.С. Иванов, В.С. Яковлев, эдэр суруйааччы А.И. Федоров хаайыллыбыттара.
Партия ХХ съеһин кэнниттэн быһыы-майгы үтүө өттүгэр уларыйбыта. 1962 с. олунньу 16 күнүгэр ССКП обкомун «Об исправлении ошибок в освещении некоторых вопросов истории якутской литературы» диэн уурааҕа тахсыбыта, классик суруйааччыларга сыһыан тупсубута. Ол эрээри былаас литератураны, искусствоны «муоһалыыр илиитин» ситэри холкутаппатаҕа. Маннык быһыы-майгы уларыта тутуу кэмэ буолуор диэри салҕанан барбыта.
Кэлин бобуллубут айымньылартан хомуурунньукка Иван Гоголев «Өлүөнэ сарсыардата» драмата киирдэ. Саха Академическай театрын музейын сэбиэдиссэйэ Е.Н. Степанов көрдөрбүт барыйааннарыттан биир бастакыларын уонна бастыҥнарын таллыбыт, уруучуканан сотуллубуту көннөрбөккө, ааптар бэйэтэ хайдах массыыҥкаҕа бэчээттээбитинэн хааллардыбыт. Театрга бастакы туруоруу бобуллубут. Онтон 1968 с. иккистээн төхтүрүйэн туруоруллар. Саха Республикатын норуодунай артыыската З.П. Багынанова архыыбыгар 1968 с. ахсынньы 18 к. И. Гоголев «Туймаада сарсыардата» драматын ырытыһар мунньах боротокуола харалла сытар. Боротокуолтан көрдөххө, Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ оччотооҕу партия ыытар политикатыгар сөп түбэспэтинэн ордук историк учуонайдар утарбыттар. Саха дьахтара Хаачылаан Жанна Д’Арк курдук хорсунун сөбүлээбэтэхтэрэ эмиэ көстөр. Айымньыга өссө Кытай ахтыллыбыта айымньы сыанаҕа тахсарыгар харгыһы үөскэппит. 1979 с. «Туймаада сарсыардата» үсүһүн турбута уонна эмиэ бобуллубут. Суруйааччы өсөһөн туран, түүн аайы саҥаттан саҥа барыйааны суруйан аҕалан испит. Ол гынан, көрөөччүгэ мунна-уоһа кэрдиллибит айымньы тиийээхтээбит. Драматург 1997 с. «Киэҥ Күөрээйи» диэн трагедиятын Саха театрыгар биэрэ сылдьыбыт. Репетициялар саҕаланан иһэн, тохтоон хаалбыттар. Зоя Петровна маҥнайгы испэктээҕи көрөөччүгэ тиэрдэргэ ис сүрэхтэн кыһаллыбыт драматург Иван Гоголев уонна режиссер Федот Потапов тустарынан маннык бэлиэтээбит: «Арай ити дьоһуннаах үлэлэрин оччолорго өйдөөн, үөрдэ-көтүтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүллэригэр киэҥ аартыгы арыйан, көҥүл диэн күндү тылы сүктэрбиттэрэ буоллун. Оччоҕо отуччалаах эрэ дьон төһө эрэ үөрэн-көтөн, сириэдийэн өссө да элбэх көҥүл айымньылары дуоһуйа айыах этилэрий!» Артыыска айымньы бобуллуутун содула суруйааччы, туруорааччы, толорооччу артыыстар доруобуйаларын кэбирэппитин, олохторун огдолуппутун туһунан эмиэ ахтан ааһар.
Д.Г. Дыдаев (1935—1974) «Өр сыллаах ахтылҕаным» хомуурунньугар бэчээттэммит «Хара быраат хара убайыгар суруйбут суруга» хоһоонун сэбиэскэй олох ис дьиҥин киртитиигэ буруйдаабыттара, хоһоону идейнэй өттүнэн сыысхаллаах айымньынан ааттаабыттара. Ол түмүгэр ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин бюрота 1974 сыл ахсынньы 24 күнүгэр «Д. Дыдаев «Өр сыллаах ахтылҕаным» диэн хоһооннорун хомуурунньугар таһаарыллыбыт бөдөҥ алҕастар тустарынан» диэн уурааҕы ылыммыта. Ол кэннэ поэт Д. Дыдаев ити хомуурунньуга атыыланара, библиотекаҕа уларсыкка сылдьара бобуллубута. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотын салайааччылара үлэлэриттэн уһуллубуттара, партийнай сэмэҕэ тардыллыбыттара. Суруйааччы И. Федосеев-Доосо бигэргэтэринэн, ити, дьиҥинэн, үөһэттэн дьаһалымсыйыы, административнай-хамаандалыыр үлэ истиилин биир көстүүтэ этэ. Ол содулугар Д. Дыдаев айымньылара 15 сыл устата бэчээттэммэккэ, күн сирин көрбөккө сыппыттара. 1989 с. эрэ саҕалаан хаһыаттарга, сурунаалга бэчээттэнэн барбыттара.
Дьэ онон, күндү ааҕааччы, эн тоталитарнай режим кэмигэр бобуллубут, сорохторо хаайылларга, бэл, ытылларга төрүөт буолбут айымньылары үгүстэрин холбуу тутан, илиигэр ылан ааҕар кыахтанныҥ. Кинигэни ааҕа олорон, сахаҕа даҕаны Алампа, Н. Неустроев, Арбита, Кындыл курдук кырдьыгы этэр, көҥүл санаалаах хорсун дьон баалларыттан киэн туттуоҥ, И. Попов кыра-хара дьон кутурҕан аргыстаах олохторун суруйбутуттан курутуйуоҥ, Оонньуулаах Уйбаан, М. Корнилов курдук айар дьон олорон ааспыттарын билиэҥ, Алтан Сарын, Суорун Омоллоон, С. Васильев айымньыларыттан оччотооҕу кэм тыынын истиэҥ.
В.Г. Семенова,
филологическай наука кандидата
Николай Неустроев
ҮРҮҤ КҮӨЛГЭ
(Оҕолорго кэпсээн)
Куораттан сэттэ биэрэстэ аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ Марха диэн баар. Ол дэриэбинэ чугаһыгар Үрүҥ Күөл диэн ааттаах улахан күөл баар эбит. Биир күһүн биһиги, хаһыа да буолан, ол күөл муҥхатыгар куораттан таҕыстыбыт. Биһиги, тыаттан саҥа үөрэххэ киирбит оҕолор, куорат дьоно хайдах муҥхалыыллар эбит диэн, ити гэннэ тыаҕа бу кэмҥэ муҥхаҕа сылдьарбытын да ахтан, ону көрөөрү бардыбыт. Бастаан куораттан тахсыыбытыгар үөрүүбүт-көтүүбүт сүрдэннэ, түргэн соҕустук Марха суолунан баран истибит. Былыттаах итии күн этэ. Хаар бэт чараас гына түспүт.
Муучун кириэһэ диэн ааттаах, киһи уҥуохтардаах халдьаайыны аннынан ааһан иһэн, Дьылаарба Мэхээлэ эттэ:
– Манна түөкүттэр киһини кэмэтэ суох талыыр-өлөрөр сирдэрэ.
– Дьэ, оннук! – диэтэ Сэмэн, бастаан иһэн.
Биһиги, оҕолор, куттанан: «О-о-о!» – дэстибит.
«Бу түөкүттэр өлөттөөбүт дьоннорун уҥуохтара буоллаҕа», – дии санаатым мин испэр. «Тоҕо баҕас куһаҕанай, киһини өлөрөллөрө. Оннугу оҥорботохторуна, кинилэр сатаан сылдьыбат буоллахтара. Бу дойду биһиги тыабытыгар төрүт маарыннаабат – киэҥ баҕайы толоон, онно-манна арыы тыалар харааран көстөллөр. Маннык сир түөкүннээх да буолуон сөп». Ити курдук кэри-куру санаан, биһиги суол устун баран истибит. Бу дойду суола даҕаны кэтитэ, киэҥэ бэт. Ыраах алар быыһыгар нуучча дьиэлэрэ көстөллөр. «Хайаан маннык түөкүннээх сиргэ дьон олороллор?» – диэн мин испэр мунаахсыйа истим.
Ол икки ардыгар куттаммыппыт ааһан, эмиэ күлсэн-оонньоон бардыбыт. Арай иннибитигэр сыарҕа акка икки нуучча дьахтара олорон баран иһэллэр эбит. Сыарҕа иннигэр куучардара хороччу олорбут.
«Оҕолоор, ити нуучча дьахталларын куттуоҕуҥ эрэ!» – диэтэ ким эрэ. Онуохаҕа туран биһиги бары, итирбит дьон буолан хаһыытаһа-хаһыытаһа балааскайдаан, суолу икки өттүнэн айаннаатыбыт. Өс киирбэх, били дьахталларбыт, биһигиттэн куттанан, суолтан туораан тахсан, биһигини эргийэ бардылар. Кинилэр тустарыгар кэлбиппит гэннэ, сырайдара туой биһиги диэки. Дьону куттаабыт дьон буоламмыт, күссэ-күссэ, биһиги суол устун ааһа турдубут. Нуучча дьахталлара биһигини туох эрэ диэн санаатылар буолла? Ойоҕоспутунан киэҥ баҕайы бурдук сонуоктара ааһан истилэр. Бу дойду бүтэйэ даҕаны биһиги бүтэйбитигэр майгыннаабат. Иккилии тоґо±олоох сигэ бүтэй киэҥ хонууну устатын тухары быһыта сүүрбүт. Элбэх да бурдугу ыһаллар эбит – бу аттакы диэн ааттаах дьон.
Барбахтаан иһэн, хас да эт тиэйбит угустаах тыа сахаларын көрүстүбүт. Биһиги чугаһаан кэллэхпит аайы, куораччыттарбыт туой угустарын суол кырыытын диэки салайаллар, ол гэннэ биһиги диэки сэрэммит харахтарынан көрөллөр. «Кинилэри туох билиэй? Баҕардаҕына, ити дьон эппитин талаан ылыахтара», – диэн саныыллар быһыылаах.
– Хайа диэкилэргитий, доҕоор? – диэн Дьылаарба ыйытта.
– Намнарбыа-ыат! – дэһэ-дэһэ, угустаах дьон хап-сабар ааһа турдулар.
Бу дойдуга киһи киһини кытта, суолга көссөн баран, төрүт тохтоон кэпсэппэт. Тоҕо баҕас куһаҕанай? Билбэт дьоннорун ити курдук итэҕэйбэттэр. Биһиги тыабытыгар буоллар, биссибэт да дьон буоллахтарына, өр баҕайы ону-маны кэпсэтэн, сэһэргэһэн ааһыахтара этэ. Куорат чугаһа ити курдук кутталлаах, сэрэхтээх буолар эбит.
Сотору соҕус буолан баран, киэҥ толоон хаба оттотугар элбэх баҕайы нуучча дьиэлээх дэриэбинэ көһүннэ. «Ол аттакылар олорор дэриэбинэлэрэ», – дэстилэр аргыстарым. Суол кырыытыгар баар бурдук сонуогун мүччү түһээт, биһиги киэҥ баҕайы күөл кытыытыгар тиийэн кэллибит. Күөл, килэччи тоҥон баран, саҥа хаарынан сабыллан төгүрүйэн сытар эбит. Күөл арҕаа өттүгэр уһун ньолбоҕор нуучча дьиэлэрэ көстөллөр. Ол дьиэлэр тастарыгар хас да кэбиһиллибит от турар. Күөл тулатыгар эрбэгэй соҕус мастаах алар тыа алааран көстөр. Анараатах мыраан маҥхайан, туналыйан көстөр. Күөл мууһун оттотугар дьон бөлүөхсэн турар. Биһиги сиэлэр былаастаах хаамыынан муҥхаһыттарга тиийэн кэллибит. Баҕадьылаах тойон, Томторук оҕонньор, илиитигэр кыл хамыйаҕы тутан туран, уолаттарын дьаһайан бааҕыныы турар эбит. Бэйэтэ уҥуоҕунан кыра, туоратынан барбыт, мөкү дьүһүннээх саха оҕонньоро; элэмтэ буолбут кугас дьүһүннээх кулун тириитэ саҥынньахтаах, баһыгар эргэ баҕайы тугут чомпой бэргэһэлээх, илиитигэр эмиэ сылгы тыһа дуу, ханнык эрэ улахан баҕайы үтүлүгү кэтэн кэбиспит. Кини бэйэлээҕи манна ким даҕаны утары көрбөт – муҥхалаах тойон буолар.
Өр баҕайы сааҕынаһан баран, саҥа дьон эбии кэлбиттэрин гэннэ, дьэ, муҥхаларын түһэрдилэр. Дьылаарба Мэхээлэ икки бытыга мууһуран хаалбыт, тоҥон өкчөччү таттаран баран, биир анньыыны сулбу тардан аҕалан, муус анньан экчэрэҥнээтэ. «Эрэйдээх төһө эрэ балыгы сиэн абыранаары муҥнанан эрэр буолла», – дии санаатым мин испэр. Ол эрээри мин даҕаны туран көҕө тоһуйдум: үтүмэх муус аннынан тыаһа түлүгүрэйэн кэлэрэ эмиэ да үчүгэйгэ дылы буолар. Сотору соҕус буолан баран, муҥхабыт таҕыста да, балык кэлбэтэ. «Бу бэйэлээх киэҥ күөл буолан баран, балыга суох буолар эбит дуу?» – диэн Уйбаан биһикки бэйэбит икки ардыбытытар сибигинэстибит.
– Аны улахан уутун тардан көрүөххэ, – диэтэ Томторук.
Ол кэнниттэн, айманан-сайманан, күөл улахан уутун тарда бардыбыт.
Ити икки ардыгар тымныы баҕайы тыал тыалырда, хаар түһэн кэллэ. Биһиги, оҕолор, дэлби тоҥнубут, аччыктаатыбыт даҕаны.
– Оҕолоор, тоҥмут буоллаххытына, барыҥ, ити сайыымкаҕа тахсан, иттэн, чэйдээн киириҥ, – диэтэ Дьылаарба.
Уйбаан биһикки, күүллээх өйүөбүтүн сүгэн баран, өс киирбэх, күөл үрдүгэр баар сайыымкаҕа таҕыстыбыт. Киһим улахан баҕайы бараан бэргэһэлээх, бараан сонноох. Дьэ, түргэн соҕустук хааман холлурдаһан, сайыымкабытыгар тиийдибит. Күөл сыырын үрдүгэр кыра муус түннүктээх нуучча дьиэтэ оһоҕун буруота тыргыйа турар эбит. Дьиэ ааныгар хас да сыарҕалаах ат баайыллан тураллар, дьиэҕэ дьоннор киирэллэр-тахсаллар. Ол эрээри биһиги, ол куһаҕан дьиэҕэ саантаабакка эрэ, антах, олбуор иһигэр киирдибит. Олбуор иһигэр улахан нуучча дьиэтэ баар эбит, ол анараа өттүгэр улахан баҕайы, оттотунан киирэр, аана чуулааннаах саха балаҕана турар. Биһиги, хайа да дьиэҕэ киирэрбитин билбэккэ, дьулайбыт дьон быһыытынан отур-ботур кэпсэтэ турдубут. Ол турдахпытына, аттыбытынан саҥа ырбаахылаах, баһыгар үрүҥ былааттаах эдэр, үчүгэй дьүһүннээх саха дьахтара, түргэн соҕустук хааман, балаҕан диэки барда.
– Ыл, ити дьахтартан ыйыт, – диэтэ Уйбаан сибис гынан.
Онуоха мин хап-сабар ыйыттым:
– Сахалар манна хайа дьиэҕэ олороллоруй? – диэн.
– Манна бааллар, – диэн баран, дьахтарбыт били саха балаҕаныгар киирэн хаалла.
Биһиги кэнниттэн батыһан киирдибит. Киэҥ баҕайы балаҕан эбит. Хаҥас диэки оһохтоох, уҥа диэкинэн үс түннүктээх. Дьиэ иһигэр хас да киһи баар эбит. Били үчүгэй дьүһүннээх дьахтарбыт, таҥаһын сыҥынньахтанан баран, дьонугар муҥхаҕа сылдьыбытын сиһилии кэпсээтэ. Арай дьиэлээх дьахтар эбит.
– Муҥхаҕа сылдьар оҕолоргут дуу? – диэн ыйытта биһигини биир халы-мааргы дьүһүннээх, хара ырбаахылаах, эмэхсийэн эрэр дьахтар.
– Ээ, муҥхаҕа сылдьабыт, – дэстибит биһиги.
Итинтэн ураты атын кэпсэтии диэн суох буолла. Биһиги дьиэлээхтэри одуулаһа, туох да саҥата суох, атах ороҥҥо олордубут. Аччык өлбүппүт диэн сүрдээх буолан баран, биһиги, дьиэлээхтэртэн килбигийэн, иһит көрдүөн ылан, чэй оргутунан испэт дьон буоллубут. Дьиэлээхтэрбит даҕаны, биһигини бу оҕолор тоҥмуттара, аччыктаабыттара буолуо диэн, аһаппат ыал буоллулар. Биһиги дойдубутугар эбитэ буоллар, ыал аһатыа этэ. Бу дойдуга куһаҕан да буолар эбит. Өр соҕус олорбохтоон баран, биһиги күөлгэ төннөн киирдибит. Ол киирэн иһэн сүбэлэстибит: доҕоор, биһиги бу дойдуга аччыктаан да өлүүһүкпүт, онон куоракка бу киэһэ төннүөх, кинилэр балыктарын улахан сиэтин диэн. Ити курдук сүбэлэһэн баран, биһиги, күөл хамыһын быыһыгар саһан олорон, тоҥ сиикэй кырбас эти бэрэчиинэй быһаҕынан сии сатаатыбыт буолан баран, быһахпыт хотумна, аччык турдубут. Арай күөл оттотугар киирэн көрбүппүт, киһи диэтэх баҕайы элбээбит: нууччалар, хаһаактар мээлэ кэлбиттэр. Биир хара бараан сонноох улахан баҕайы манаах манастыыр аатыттан балык үллэстэ кэлбит. Үрүҥ Күөл тулатын ходуһата сорҕото манастыыр сирэ эбит, онон сылтаан манаах балык ылаары оҥостон кэлбит эбит.
Биһиги буоллаҕына, дьоҥҥо аралдьыйан, куоракка барар сүбэбитин умнан кэбистибит. Ити гэннэ муҥха тахсара чугаһаабыт, онон балык кэллэҕинэ көрүөхпүт диэн сырыттыбыт. Мин биир саханы кытары бэчимэ тардыстым. Ол икки ардыгар тоҥмуппут ааһан, биһиги оонньоон-күлэн бардыбыт. Бэчимэ тарда турдахпытына, били улахан манаахпыт биһиэхэ хааман дөдөлдьүйэн кэллэ.
– Тоҕо бэчимэҕитин кыайан таппаккыт? – диэн баран, манаах кэлэн, аҥаар илиитинэн тардыспыт буолла.
«Көр, бу манаах буолан баран, сахалыы үчүгэйдик да саҥарар эбит», – дии санаан, мин улаханнык муодарҕаан, манааҕы өрө көрөн, мыҥаан турдум.
Манаах хара лэҥкэйбит бэргэһэлээх, күлбүһэҕи уоппут курдук уһун бытыктаах, хараҕа мууһу кыбыппыт курдук күөх, мунна хонтоҕор, уоһа кыһыл эбит.
Онтон арай чардаат диэки дьон саҥата мээлэ аймана түстэ. Мин, бэчимэбин бараҕан баран, ол диэки сүүрэн тиийдим. Муҥхалаах тойоммут Томторук оҕонньор үөлээннээхтэрин кытта сыарҕаҕа арыгылыы олорор эбит. Итирик-кутурук мээлэ элбээбит. Биир итирбит, маҕан туос этэрбэстээх хаһаак, кимиэхэ даҕаны ис буолбакка, көрүлээн эрэр эбит. Ырыата-тойуга, үөхсүүтэ мээлэ үксээбит. Били хаһаак, үҥкүүлээтэҕим буолан, ыстанан кэллэ да, биир хаарыс сонноох саха дьахтарын, илиититтэн харбаан ылан, эргичитэн аҕалан, мууска тиэрэ быраҕан кэбистэ. Ол гэннэ ыллыы-ыллыы арыгы иһэ олорор дьон диэки ыстаҥалыы турда. Ону көрөн, дьон күссүүлэрэ-үөрүүлэрэ ыраатта.
– Ити кыайар уола сүгүннээмээри гыммыт ээ, бадаҕа, – дэстилэр Томторук уолаттара, чардаат аллара туран…
– Дьэ, сүрдээх киһи, доҕор, ити хаһаак! – диэтэ Борокуопай.– Көр эрэ, Уйбааны эбэтэ эмээхсин булбут.
Мин ону өйдүөн көрбүтүм, Уйбааны итирбит нуучча эмээхсинэ өрө көрөн туран саҥарар: «Тоҕойум оҕото, тоҕойум оҕото, оннук буолбат дуо?»
Уйбаан буоллаҕына, абааһы көрбүт киһи быһыытынан, иэдэс биэрэн баран, тугу да саҥарбакка, биһи диэки аһыннарыах курдук көрөн турда. Киһибит тоҥмут, аччыктаабыт быһыылаах, – үүтүн тохпут оҕо курдук буолан хаалбыт. Мин аттыгар тиийэн: «Уйбаан, ити эбэҥ эмээхсин дуу?» – диэн күлэ-күлэ ыйыттым. Онуоха Уйбааным өһүргэннэ быһыылаах: «Күтүрү ким билэр, абааһы кыыһын курдук баҕайы булла дии!» – диэтэ, муннунан сыҥсыйан баран.
– Дьэ, сүрдээх дьүһүннээх киһи, итирбит буола-буола! – диэтэ Борокуопай.
Ити итинэн ааста.
Муҥха тахсыытыгар дьон бары чардааты тула үмүөрүстүлэр. Манаахпыт чардаат уутун илиитинэн кириэстии охсон баран, бэспиирэ бытаҕайын бырахта.
– Эбэбит түгэҕин көрдөрөө ини, – диэтэ Томторук оҕонньор, кыл хамыйаҕынан ууну буккуйа туран.
Кырдьык, кини эппитин курдук, икки киһи арычча тардар, үчүгэй баҕайы дьүһүннээх кыһыл собо бачыгырыы түстэ.
– Көр, балык кэллэ ээ! – дэстилэр үөрбүт дьон саҥата.
Балыктарын мууска баһан кэбистилэр. Манаахпыт балык үс гыммыт биирдэрин быһа хомуттаран ылан, күүлгэ куттарда да, сыарҕалаах акка олорон, куоракка тэптэрэн хаалла. Кини барарын аҕай кытта, айдаан буола түстэ. Хаһаактар балык үс гыммыт биирдэрин биһиги ылыах кэриҥнээхпит диэн мөккүөрү туруордулар. Онуоха сахалар буолумматылар, балыгы баар киһи баһынан үллэстэргэ сөп диэн. Онтон этиһии, үөхсүү буолла. Ол икки ардыгар били итирик эккирээбит хаһаак, хантан эрэ ыстанан кэлэн, туох да эппиэтэ суох кутулла сытар балык оттотугар киирэн туран:
– Балыгы аҕалыҥ да сабаас, – дии-дии, үөгүлүү турда.
Онуоха Томторук оҕонньор, маатыралыы түһэн баран, итирбит хаһааҕы тутан турар кыл хамыйаҕынан сүүскэ сырбатта. Хаһаак хаана өрө тыга түстэ, киһи эрэ буоллар, уолуйан, саҥата суох ах барда. Онтон туран, өлүү болдьохтооҕун, Томторук биир хардааччы уола түөскэ аста. Дьэ, онтон хаһаак өйдөнө биэрэн, уолу сыҥаахха биэрдэ. Инньэ гынабын диэн, хаһаак эрэйдээх, дьэ, өллө – Томторук уолаттара кинини көмөлөөн, хасса суох охсон-тэбэн бардылар. Киһилэрин биир да хаһаак көмүскэспэтэ. Ити икки ардыгар дьон, балыгы былдьаһан, ыһыы-хаһыы буола түстэ. Сытар собону ким санаалаах иһиттэригэр хаһыйдылар. Киһиттэн эрэ ордук Томторук уолаттара балыгы кыайдылар. Оҕонньордоро хаһыытаан-ыһыытаан көрдө да, ким да ону истибэтэ. Биһиги эрэйдээхтэр соһуйбут курдук туран хааллыбыт, балык былдьаһар диэн санаа киирбэтэ. Биһиги дойдубутугар балыгы былдьаһан охсуспат үгэстээхтэр. Инньэ гынан, биһиги бэккэ диэн муодарҕаатыбыт, абааһы көрдүбүт. Мустубут дьон дэлби этиһэн, үөхсэн баран, дьиэ дьиэлэригэр тарҕастылар. Киэһэ буолан, хараҥатыйан барда. Биһиги били мааҕыан тахса сылдьыбыт ыалбытыгар хоно таҕыстыбыт. Онно тахсан, дьэ, чэйдээн, иттэн, мээлэ абыранныбыт. Ыалбытыгар хас да эр киһи үлэһиттэр бааллар эбит. Кэпсээннэрэ наар балык былдьаһыыта буолла. Сорохторо, муҥхаҕа киирэ сылдьан баран, мэлийэн тахсыбыттар. Биир киһи эттэ:
– Доҕоттоор, сассын киирэн, балык кэллэҕинэ, былдьаһан көрүөҕүҥ, – диэн.
Ону доҕотторо сөбүлээбитэ буоллулар. Биһиги киһибитин Дьылаарбаны, кыттыс, доҕор, биһиэхэ диэн, оонньуу оҥостон хаайдылар. Дьылаарба иэҥин-дьиэҥин биллэрбэтэ.
Сассыарда эрдэ турдубут. Мин, чэй оргутан иһээри, ойбоҥҥо уу баһа киирдим. Күн тахсар саһарҕата эбир былыкка тыкпыт. Киэҥ толоону саба түспүт маҕан хаар үрдэ хайтах эрэ көҕөрөн, туналыйан көстөр буолбут. Толоон оттотугар онно-манна ойдом үүммүт хатыҥнар, кылабачыгас кырыа хаарынан симэнэн, нусхаһан тураахтыыллар. Туох да тыас-уус иһиллээбит чуумпу сассыарда буолбут. Марха дэриэбинэ нууччаларын дьиэлэрэ харааран көстөллөр. «Хайдах дьон ити дьиэлэргэ олороллор?» – дии санаан баран, мин ойбонтон уубун баһан баран, төптөрү таҕыстым.
Аа-дьуо чэйдээн, аһаан баран, биһиги күөлгэ киирдибит. Томторук оҕонньор айгыстан, алтахтаан киирэн, хат муҥхалаата. Аҕыйах аҕай киһи мустубут. Биһиги эмиэ киэһэ буолуор диэри сырыттыбыт. Туох да иирээн тахсыбата. Арай хаһаак оҕонньоро, биир саха уолун кырбаары, кыл хамыйаҕы тутан баран, эккирэттэ.
Уол эрэйдээх, тыаттан саҥа киирэ сылдьар быһыылаах эбит, кураанах ыаҕайаны тутан баран, хаһаактан куттанан, дьону тула сүүрэн акыһыйда. Хаһаагы буоллаҕына, оттолуу уолу эккирэтэн эрдэҕинэ, кыыһа кэлэн, синньигэс биилигэр ыйааста түһэн баран, хаһыытаата:
– Тээтэ, тээтэ! Кэбис, тохтоо да, тохтоо! – диэн.
Онуохаҕа тээтэбит тохтоон абыраата. Сахалар бары күлүстүлэр, хаһаак оҕонньору туппатылар. Томторук атаһа эбит, инньэ гынан көҥүл тойомсуйда.
Ханнык эрэ балык кэлбитин үллэстэн баран, биһиги куораппытыгар төттөрү салларыһан киирдибит. Дэлби аччыктаан, ыран, дьиэбитин нэһиилэ буллубут. Онтон ыла күһүн куорат баҕадьытыгар, хаһан да үтүө тахсыа суох диэн, биһиги сылдьыбат буолбуппут.
КУТТАЛ
Киэһэ буолла. Кыһыҥҥы күн киирэн эрэр сардаҥата, тыа баһын кытардан баран, мэлийэн хаалла. Күөх халлаан ньуура, кубарыйан баран, харааран барда. Онон-манан сулустар чаҕылыһан көһүннүлэр. Тыа иһэ хараҥатыйда. Тыас-уус иһиллээбит курдук чуумпу. Киһи тыына бурҕайар тымныыта буолла.
Тыа суолун устун түргэн соҕустук баһыахтаан хааман, бугдайбыт кэтит сарыннаах киһи ааһан иһэр. Куругар эмиэрикээн сүгэни анньыммыт, атаҕар эргэ баҕайы, кубарыйан эрэр кыһыл хаатыҥка этэрбэһи оллоччу анньынан кэбиспит, төбөтүгэр хара куобах өрөҕөтүнэн тигиллибит бэргэһэ сыыһын ньаппаччы уурунан кэбиспит, моонньугар элэмтэ буолбут кыһыл саал былааты эриммит. Санныгар холто буолбут хаппары иилиммит. Уһун баҕайы бытыктааҕа мууһуран хаалбыт, сырайа кытаччы тоҥмут, хараҕын уута ыгыллан тахсан, үөһээ бытыгар чопчулаһа тоҥмут. Ханнык эрэ торбос үтүлүк элээмэлээҕэ, сонун сиэҕэ кылгаһа бэрт буолан, харытын саппат эбит, инньэ гынан онтуката дэлби кытаран хаалбыт. Хаатыҥкатын баһа хаар буолбут, тиҥилэҕэ мууһуран, атаҕын тыаһа кыычыгыраан, ыраахтан иһиллэр. Тымныыта бэт буолан, көһүйүөр диэри дэлби тоҥмут.
Бу киһи үлүйэн, ыксаан, иһигэр үөхсэ истэ:
– Туох абааһы тымныылаах дойду буолла! Ыччакабын нии! Бу буолтум кэннэ сахалар аны дьиэлэригэр киллэриминэ сордуохтара буоллаҕа. Хайтах гыныамый, ыксаатарбын эрэ сүгэбин көрдөрүөм. Оччоҕо кинилэр баҕас сөптөрө көстөр ини. Куттанналлар эрэ, киллэриэхтэрэ буоллаҕа. Сордоммут дьон, маннык тымныыга киһи тыаҕа тоҥон өлүө дии санаабаттар. Ол эрээри мин, хайтах да буолтун иһин, киирэн арахсыам ээ.
Ити курдук абалана санаан кыыһыра истэҕинэ, чугас соҕус иннигэр ыт үрдэ.
– Ээ, ыалга кэллим ээ, бадаҕа, – дии санаата.
Үөрбүт киһи быһыытынан түргэн соҕустук хааман, тыаттан сулбу ыстанан тахсаат, биир кыра соҕус, хаарынан көмүллүбүт балаҕаҥҥа иҥнэ түстэ. Балаҕан үөлэһинэн кыым, хойуу баҕайытык бытарыйан тахса-тахса, умуллан иһэр. Ону көрөн, били киһи үлүйбүтэ-тоҥмута ордук сүрдэннэ. Сылааска киириэн сүрдээхтик баҕарда. Түргэн соҕустук ааны аһа баттаата да, дьиэҕэ көтөн түстэ.
Киирээт, өйдүөн көрбүтэ: уот иннигэр хас да эр киһи ону-маны кэпсэтэ олороллор эбит. Кини киирэрин кытта, бары соһуйбут курдук аан диэкки көрө түстүлэр. Били киһи уҥа диэкки ааһыан дьулайда. Ааҥҥа туран эрэ, ньууччалыы ыйытта:
– Хозяин, можно ночевать?
Онуоха биир сытыы сирэйдээх-харахтаах саха икки сутуругун быччаччы туттан баран ойон турда. Ол кэннэ ньууччалаабытынан барда:
– Туох наада, ньуучча? Зачем пришел? Пошел… тахса тур! Тут нельзя ночевать. Ишь ты, каналья, с топором еще!
Инньэ диэн баран, ньуучча диэкки ыҕарыйан кэллэ. Ньуучча ыксаата. Көхсүн этитэн баран, куттанан, таһырдьа ыстанна.
– Дьон буолбатахтар. Дьиикэй кыыллар, – диэтэ уоһун иһигэр, хараҕыттан уу-хаар баһа-баһа.
Ампаар кэнниттэн ыт, бардьыгыныы түһэн баран, кэлэн, ньуучча борбуйугар олоро түстэ. Ньуучча, хаһытыы түһэн баран, сүгэтин сулбу тардан ылла. Ол икки ардыгар аан тыаһа аһылынна. Онуоха ньуучча кэннин хайыһан көрбүтэ: дьиэлээхтэр тахсан тураллар, илиилэригэр тугу эрэ туппуттар. Ньуучча, сулбу хааман, тыа диэкки таҕыста. Ол баран иһэн көрбүтэ: тыа саҕатыгар балаҕан уота кытаран көһүннэ. Ол балаҕаны көрөөт, киниэхэ эр санаа киирдэ. Хайаатар даҕаны ити ыалга хонон баран арахсыам дии санаата. Ол кэннэ түргэн соҕустук балаҕан диэкки барда.
Балаҕан иһигэр итии. Оһохторо дэлби буруолаабыт. Дьиэлээх тойон, баһын былаатынан хам тардынан баран, кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн сытар. Биир уҥуоҕунан кыра соҕус, кирдээх ырбаахылаах кыыс оһох чанчыгар хобордооххо алаадьылыы олорор. Уон алталаах уол аан аттыгар быһаҕынан оҕо оонньуура оҥорор. Кыра баҕайы кыыс оргуйа турар сылыбаарга чох угар. Таҥара анныгар от тэлгээбиттэр. Холорукка таҥараларын иннигэр хас да саһаххай симэчини хатаан кэбиспиттэр. Сассын Кыһыҥҥы Ньукуолун кэлэр. Сассыҥҥы таҥараларын алаадьытын сиэри олороллор эбит.
Арай соҕотохто дьиэлэрин аана аһылынна да, тымныы туманы кытта улахан баҕайы киһи бэкис гына түстэ, дьиэлээх тойон соһуйан оронугар олоро түстэ.
– Здравствуй! – диэтэ ньуучча, иннин диэкки биирдэ атыллаан баран. Уҥуоҕа салыбырыар диэри үлүйбүт.
– Дыраастый, – диэтэ дьиэлээх киһи, оронуттан туран иһэн, – сто надо?
– Можно здесь ночевать? – диэтэ кытаанах куолаһынан ньуучча, ол кэннэ ыксаабыт киһи быһыытынан уот диэкки көрдө. Сэлиэһинэй алаадьытын сыта сүрэҕэр киирдэ.
– Какой ночуй нада? – диэтэ дьиэлээх киһи, ньууччаны ыҕарыйан кэлэ-кэлэ.
– Ночевать, я говорю тебе. В такой мороз разве можно ночевать в лесу? Пойми ты сам, толковый!
Дьиэлээх киһи, ньуучча сирэйин-хараҕын одуулаан көрөн баран, аһынна быһыылаах. Уҥа орон диэкки ыйан баран эттэ:
– Вот место. Сиди там…
Инньэ диэбитигэр, ньууччата сүрдээхтик үөрдэ. Түргэн баҕайытык таҥаһын сыгынньахтанан кэбистэ, сүгэтин орон анныгар укта. Ол кэннэ көһүйэн хаалбыт тарбаҕын бычыгырата-бычыгырата, уокка кэлэн, саба түстэ. Бытыгын мууһун ыраастаммытын кэннэ көрбүттэрэ: эдэр баҕайы, кыһыл бытыктаах, хонтоҕор муруннаах, күөх харахтаах ньуучча уола эбит.
– Ча, брат, холодно на дворе, – диэтэ ньуучча, тарбаҕын уокка салла-салла.
– Да, колодно. А ты отуда идес? Куда барда? – диэн ыйытта дьиэлээх киһи, ньууччатын сырайын-хараҕын одуулаһа-одуулаһа.
– Я иду из села Амги. Там работал, теперь иду в город. Не знаю, доберусь ли жив.
– Сто работай там? – диэн иккиһин ыйытта дьиэлээх киһи.
– Строили амбар для почтовой конторы. А далеко отсюда до города?
– Тридцать биэрстэ.
– Ой, еще далеко, чорт возьми!
Ити кэнниттэн балай эмэ саҥата суох олордулар.
– Как тебя звать? – диэн ыйытта дьиэлээх тойон.
– Как звать?! Не помню… Ну, Иван, положим. Начто тебе мое имя?..
– Как сто нада?! Мин хоноһом имя нада ыснат. Ты дурак, сто ли?
– Ха-ха-ха! Доҕор, не сердись, я пошутил… Так, ха-ха-ха! – диэн ньуучча айаҕын ата-ата күллэ.
– Чо смейся нада! Моя не любит смейся… Смотри, мин толкай нада будет… – инньэ диэн баран, дьиэлээх киһи талах олох маһы сулбу тардан ылла.
Ону көрөн баран, ньуучча куттанна:
– Ты чего, доҕор, сердишься? Ну, я пошутил. Что из этого обидного? Не понимаю. Ты меня пустил в свою юрту, вот твои соседи не пустили, почему они не пустили? Да потому что я бродяга, посельга, а ваш брат нашего брата трусит, боится… Но я не из таких. Я должен сказать тебе спасибо. Почему? Да потому, что ты пустил меня в свою юрту, а то бы я замерз в лесу. Тогда вам пришлось бы плохо. Я не стану трогать тех людей, которые меня принимают, дают мне теплый угол.
Ньуучча тылыттан дьиэлээх тойон кыыһырбыта ааста.
– Хотуой, чайгын тат, – диэтэ кыыһыгар.
Кыыс, ньууччаттан куттанан, сэрэнэн-сэрэнэн остуолун, уот кытыытыгар аҕалан тардан баран, сылыбаарын уурда, чааскы татта, арыылаах хобордооххо алаадьытын уган аҕалла. Дьиэлээх киһи ыалдьытын иннигэр чайдаах чааскыны ууран баран эттэ:
– Ну, кусай, ньуучча. Мы люди бедные, мясо кусай нету, олади ест, кусай олади.
Ньуучча туох да эппиэтэ суох арыылаах алаадьы үрдүгэр түстэ. Дьиэлээхтэр туох да саҥата суох кини хайтах алаадьыны ыстыырын, чэйи иһэрин одуулаан олордулар. Сотору соҕус хобордоох алаадьы мэлийэн хаалла. Онуоха ньуучча, ойон туран, хаппарыттан тоҥ килиэп аҥарын ылан, холумтаҥҥа аҕалан, ууран ириэрдэ. Ол кэннэ кураанах хобордоох диэки көрөн баран эттэ:
– Теперь будем кушать мой хлеб, русский хлеб. Дайте немного масла, хозяин.
Онуоха дьиэлээхтэр хобордооххо арыы уулларан аҕаллылар. Ньуучча туран килиэбин бысталаан, арыылаах хобордооххо уган баран, холумтаҥҥа ууран ыһаарылаата. Ол кэнниттэн остуолга аҕалан уурда:
– Ну, теперь кушайте на здоровье неизвестного бродяги, ха-ха-ха!
Саҥата суох килиэптэрин сиэтилэр, сылыбаардаах уу бараныар диэри чэйдэрин истилэр. Чэйдээн бүтэн баран, ньуучча табаах тарда олорон эттэ:
– Теперь хорошо мне. Сытно и тепло. А, хорошо, хозяин? Как ты думаешь?
Онуоха дьиэлээх киһи: «Хоросоо-хоросоо», – диэтэ.
Табаах тарда-тарда, ньуучча туран, орон анныгар сытар сүгэтин ылан, тоҕо эрэ эргим-ургум тутан көрдө. Ону көрөн, дьиэлээх киһи куттана санаата.
– Ньуучча, сулуусай, ты топор клади на двор. Тут маленькие ребята, топуортан куттанар баар. Сулуусай, ньуучча.
– А, ничего, ничего. Ха-ха-ха! – диэн ньуучча күллэ.
– Да ты не смей, сункун сын! – диэн дьиэлээх киһи хаһыытаан бытарытта. Хараҕын сыыһын өрө көрөн кээспит.
Ньуучча, соһуйбут киһи быһыытынан, бастаан саҥата суох көрөн турда. Хаҥас диэкки кыра кыыс ытыыр саҥата иһилиннэ. Ньуучча, сүгэтин ууран баран, аргыый аҕай эттэ:
– Да ты не бойся, хозяин. Я ничего худого не сделаю. Какой, ты, однако, чудный!.. – инньэ диэн баран, дьиэлээх тойону санныттан таптайда.
– Ты пойми, я говорю тебе толком: зачем я стану вас трогать? Я ведь тоже человек, как ты, а не какой-либо дикий зверь. Зря трогать не стану. Будет тебе, хозяин, сердиться. Чудак ты, право!
– Ну, будет болтать тебе. Спи нада. – Дьиэлээх киһи уоскуйан барда. Ол кэнниттэн сахалыы уолугар эттэ:
– Нокоо, бар, тахсан ыалга эт. Биирдэстэрэ эмэ киирэн биһиэхэ доҕор буоллуннар. Бу бэһиэччик сүгүн утутуо суох, быһыыта.
Инньэ диэбитигэр, уола хап-сабар таҥнан, ыалыгар таҕыста. Ньуучча сэрэйдэ быһыылаах, тоҕо дьиэлээх киһи уолун ыыппытын. Сүгэтин хат ылан, баһыгар уктан баран, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытта. Сотору соҕус таһыттан икки саха киирэн кэллилэр.
– Били күтүр өстөөх манна хоно сытар эбит дии, – диэтэ биирдэстэрэ.
Онуоха дьиэлээх киһи эттэ:
– Хайа үөдэн ньууччата дьөлү ыстанан кэллэ буолла? Таҥарабытын да сүгүн ылларбата. Бу түүн кинини кэтээн, утуйуохпут суох, быһыыта. Хайа абааһы ньууччата булла буолла? Эһиги биирдэскит манна доҕор буолан хонустаххытына сөп буолсу.
– Ээ, хонумуна. Иккиэн хонуохпут буоллаҕа. Бу ньуучча мааҕыан биһиэхэ киирбитин, Сэмэн оҕо батан таһаарбыта. Ол манна кэлбит эбит дии, – диэтэ биир саха.
– Күтүр өстөөҕү батан таһаарыаҕы эмиэ сүрэ бэт. Баҕар, тоҥон өлөн хаалыа, – диэтэ дьиэлээх киһи.
– Соҕотох ньуучча тугу гыннаҕай? – диэтэ биирдэстэрэ, – хата, биһиги бу түүн хааттылаатахпыт дии. Тукаам, хааттыгын аҕал эрэ.
Дьиэлээх уол биир холуода эргэ баҕайы хааттыны сэбиргэнэттэн ылан биэрдэ. Ону ылан, били икки киһи, уот иннигэр олорон, бырыылаабытынан бардылар. Дьиэлээх тойон кэтэҕэриин ороҥҥо утуйда. Сотору соҕус буолан баран, ньуучча муннун тыаһа баччыгынаан барда.
– Ээ, сордоох утуйда ээ. Сылайбыт буоллаҕа, киниэхэ да суол ээ, Кыһыҥҥы Ньукуолун саҕана ыалтан холдьоҕуллара. Бэһиэччикпин диэ дуо, син тоҥор эттээх-хааннаах буоллаҕа, – дэстилэр хааттыһыттар.
Түүн үөһүн саҕана ньуучча, туран, таһырдьа тахса сырытта. Ол кэннэ уот иннигэр аргынньахтаан олорон, табаах тарта. Табаах тардан баран, сонун саптан, иккиһин утуйда.
Сассыарда дьиэлээхтэр эрдэ турдулар. Ыал сахалар туран дьиэлэригэр таҕыстылар. Ньууччаларыгар арыылаах лэппиэскэлээх чэйи иһэттилэр.
Тымныыттан дьулайан, дьиэ иһэ сырдык буолуор диэри ньуучча барбакка олордо. Онуоха дьиэлээх киһи, кэтэһэ сатаан баран, кыыһыран эттэ:
– Ньуучча, иди куорат, а то талкай нада.
– Нет, еще рано… – диэн кэбистэ ньуучча.
Күн ойбутун кэннэ, ньуучча сүгэлээх хаппарын иилинэн баран, тахсан барда. Тымныы сонун аһаҕаһынан хайыы-үйэҕэ билиннэ. Түргэн соҕустук хааман, ньуучча айанныы турда.
Дьиэлээхтэр, дьэ уоскуйан, ньууччаларын умнан, күннээҕи үлэлэрин үлэлээбитинэн бардылар.
ТАР
(Комедия в 2-х действиях)
Событие происходит в глухом наслеге отдаленного улуса.
Смеяться, право, не грешно
Над тем, что кажется смешно…
К р ы л о в
МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ
ООННЬУУР ДЬОНО:
1. Xарыйа Ыстапаан – 40 с., нэһилиэк өрөпкүөмүн брэссэдээтэлэ, таҥаһа-саба ньууччалыы, кыра тардыас.
2. Мааппа – 50 с., кини ойоҕо.
3. Хоноһо (Ньукулай Бочугурааһап) – эдэр соҕус киһи, Харыйа Ыстапаан чугастааҕы ыала.
4. Ботуччу оҕонньор – 60 с., нэһилиэк баайа.
5. Дьаамнаах.
6. Нэһилиэк милииссийэтэ.
7. Кэргэн эмээхсин, Харыйа кэргэнэ.
Оонньуур сирдэрэ:
Харыйа Ыстапаан кыстык балаҕана. Ыраастык тутунар сэниэ соҕус ыал. Оонньуу кыһыҥҥы бириэмэҕэ буолар. Быыс аһыллыан иннинэ Кэргэн эмээхсин ыллыыр саҥата иһиллэр.
МАҤНАЙГЫ КӨСТҮҮТЭ
Мааппа Кэргэн эмээхсинниин уот иннигэр олороллор. Киэһэ буолан эрэр.
Кэргэн эмээхсин (ыллыыр).
…Эдэр сааспар эгэлэйдээн хаалан,
Оонньуу, күлүү идэлэнэн оройдонон,
Кырдьар сааспар кыһалҕаны билэн,
Кыһыйбытым иһин туох миигин истиэй…
Таһыддьа ыт үрэр.
Мааппа. Бадаҕа, тойоммут мунньаҕыттан кэллэ ээ. (Турар.) Чаанньыкпыт оргуйбатах дуу? (Уотун оҥорор. Таһыттан Харыйа Ыстапаан, Хоноһо киирэллэр.)
ИККИС КӨСТҮҮТЭ
Харыйа Ыстапаан, Мааппа, Хоноһо, Кэргэн эмээхсин
Xоноһо (сыҥынньахтанар). Тымныытын, доҕор! Илиим дэлби көһүйэн хаалла. (Уокка иттэр.) Дьиэлээхтэр, кэпсээҥҥит?
Мааппа (остуолга чэй тардар). Туох кэпсээн кэлиэй? (Кэргэн эмээхсиҥҥэ.) Хайа, эмээхсин, хотоҥҥор киир. Киэһэ буолла дии.
Кэргэн эмээхсин. Бэйэм даҕаны киирээри турабын. (Хотоҥҥо киирэр.)
ҮҺҮС КӨСТҮҮТЭ
Xарыйа Ыстапаап, Мааппа, Xоноһо.
Xарыйа Ыстапаан (уот кытыытыгар кэлэр, саҥата тоҕо эрэ мунчаарбыт). Аныгы Сэбиэскэй былааска кыһыҥҥы да тымныы улахан дьаалы буолбатах. (Көхсүнэн уокка аргынньахтыы олорор.)
Мааппа. Оттон эн туохха тосту тоҥон, уокка саба түстүҥ? Сэбиэскэй да былаас буолтун иһин, халлаан тымныытын хайыыр үһү. (Хоноһо күлэр.)
Xарыйа Ыстапаан (кыыһырар). Күтүр өстөөх, тугу да кыайан быһааран өйдүөбэккин ээ. Үтүө айылааҕыҥ буоллар, тугу мунньахтаатыгыт, туох сонун баарый диэн ыйытыаҥ этэ. Маннык да балбаардарга[1] Сэбиэскэй былаас тэҥ куолаһы биэрбитэ баар ээ. (Сиргэ силлиир.)
Мааппа. Ээ, үөдэн, куоластаах киһи буоллаҕым буолан, түспэдийэн эрдэҕин көрүҥ эрэ. Эһиги куоласкытын ыт сиэтин, сорох онуохаҕа кыһаллан бэт.
Xарыйа Ыстапаан. Үксү лабаҥхалаама, эмээхсин! Чэйгин кут. Ханнык эрэ улахан араатарга дылы, тылбай-өспөй буолаҕын. Эн саҕаны истиллибитэ. (Хоноһо күлэр. Мааппа чэй кутар. Харыйа Ыстапаан Хоноһолуун уот кытыытыгар чэйдииллэр.)
Xоноһо. Дьэ, кырдьык, аныгы былаас, кыра-хара дьон кыһалҕатын умнубакка туран, наар үтүө өттүн тэрийэн эрэр. Соҕотох бүгүҥҥү да күннээҕи мунньахха сыаналаах тыл этилиннэ, ыйааһыннаах дьаһал тэрилиннэ. Ити бары эрэсибиэскэҕэ барар эт, арыы да наадалаах, туһалаах суол буолуох тустаах.
Xарыйа Ыстапаан. Бүгүҥҥү мунньахха сыаналаах тылы, эн санааҕар, хайалара эттэ?
Xоноһо. Ким этиэй? Оҕонньоттор саҥарбаттар. Мин иһиттэхпинэ, эн арай куруук сөптөөҕүн саҥарарга дылы гынаҕын.
Мааппа. Бу тыҥа быһаҕас туох бэриккини булан эппит үһүө? Кини саҕа мин да этээ инибин. (Хоноһо күлэр.)
Xарыйа Ыстапаан (көхсүн этитэр). Ээ, эн муҥнаах, миэхэ тиийэн этэр араатар буоларыҥ биллибэт. Хайа, киһиргээтэххэ, мин кыра үөрэхтээх киһиэхэ син эппэхтиир урааҥхайбын, доҕор. Ол кыратык тардыалатарым мэһэй буолбат, дөксө онтон тэптэрэн, мин улаханнык, ньиргиэрдээх соҕустук этэр араатарбын.
Xоноһо. Оннук, оннук. Үнүрүүҥҥү улуус мунньаҕар эйигин бэккэ диэн хайҕаабыттар этэ.
Xарыйа Ыстапаан. Ол мунньахха мин устурууктардар оттолоругар араатардаабытым, бэт диэн уһуннук. Ону кинилэр эппиттэр этэ: көр – бу кыраай, дьиикэй сиргэ төрүөн үөскээбит киһи диэтэххэ, эппэхтиир киһи эбит диэн. Ити гэннэ мунньах бараглааматын боппуруоһун сүнньүнэн мин киллэрбит приэдлосиэнийэбин барытын сөбүлээн, куоласка туруорбуттара. Мин кыһыйарым баар бу үөрэммэтэхпиттэн.
Xоноһо. Кырдьык этэҕин. Эн, үөрэммитиҥ буоллар, билигин устурууктар буолуоҥ этэ.
Мааппа. Холоон да буолаа эбитэ инии. Маннык балбаар, үөрэммитэ эбитэ буоллар, иирэн киһини, сүөһүнү бүтэттиэ этэ.
Xарыйа Ыстапаан. Хайыай, оҕолор, эн эппитиҥ гэннэ. Үөрэхтэн иирбит киһи диэн баарын истибэппин. Хата, үксүн эн курдук акаары балбаардар иирэллэрэ үгүс. Мин буоллаҕына, иириэхтээҕэр, ордук сайдыам этэ буоллаҕа.
Мааппа. Холоон да буолаа инигин.
Xоноһо. Инньэ диэн баара дуо? Ыстапаан, дьадаҥыттан төрүөбүт буруйдаах киһи буолан, үөрэммэккэ хаалан, кырдьыга, мөлтөөбүт киһи. Ол да үрдүнэн, бэрдэ батарымына, бэйэтэ баҕа өттүнэн үөрэнэн, билигин нэһилиэккэ суруксут буолан абыраан олорор буолбат дуо? Ити гэннэ эн тугу этэҕин?
Мааппа. Эн төһө да киэргэтэ-киэргэтэ араатардаабытыҥ иһин, үөрэхтээх да буолбут дьон холооттор. Ити Ботуччу баай биир уоллааҕын үөрэттэрэ сытаабыта, кыайан үөрэммэккэ эрэ, кыыл баран, өлөн хаалбыта…