Туоһахта уонна Лэкиэс бесплатное чтение

Аан тыл

Василий Гоголев-Уйулҕан – билиҥҥи саха литературатын биир талааннаах эдэр суруйааччыта. Кини «Хоһуун таас», «Көһөрүллүү» сэһэннэрин ааҕааччы сэргээбитэ.

Уйулҕан бу саҥа «Туоһахта уонна Лэкиэс» сэһэнигэр сэрии тиэмэтин ойуулуур. Манна норуот сэрии иннинээҕи олоҕо уонна сэрии дьалхааннаах сыллара көстөллөр. Сэһэн сүрүн геройа Лэкиэс уол сылгыһыт аҕатын кытта оҕо эрдэҕиттэн көрөн-билэн, сыстан, кини үлэтин салгыыр санаалаах. Уол кулунчук саҕаттан көрбүт-харайбыт Туоһахтатын уһулуччу таптыыр, киһи уонна ат бэйэ-бэйэлэрин уратытык өйдөһөр турукка тиийэллэр.

18 саастаах эдэркээн уол бастакы хомуурга түбэһэн, уоттаах сэрии хонуутугар тиийэр. Бу 1941 сыл күһүнэ, кыһына. Москва аттынааҕы суостаах кыргыһыыга саха дьоно бэйэ-бэйэлэрин тутуһан, өйөһөн сылдьа сатыыллар. Кинилэр түһээн да көрбөтөх быһыыларыгар-майгыларыгар түбэһэллэр. Лэкиэс бэйэтиттэн аҕа саастаах, отуччалаах, убай курдук саныыр дьонун – Ньурбаттан сылдьар Уйбааны, Үөһээ Бүлүү ураты күүстээҕин Буучугураһы кытта сылдьарыттан иһигэр үөрэ-долгуйа саныыр, махтанар даҕаны. Кинилэр уолу харыстыыллар, сүбэлииллэр-амалыыллар, өлүүттэн да быыһыыллар. Бу хааннаах хапсыһыыга сахалар бэйэлэрин бэргэн ытааччыларынан, күүстээх кыргыһааччыларынан, сатабыллаах байыастарынан көрдөрөн сөхтөрөллөр. Ураты айылгылаах Өндөрүүс кинилэр инникилэрин курдаттыы көрөр курдук сүбэлиир-амалыыр, уолга быһыччатын бэлэхтээн өлүүттэн быыһыыр.

Уйулҕан оччотооҕу быһыыны-майгыны дириҥник чинчийэн үөрэппитэ, сиһилии билэрэ сөхтөрөр, ону барытын ааҕааччы хараҕар илэ-бааччы көстөн кэлэрдии ойуулаан таһаарар, ааспыт олох уонна дьоно биһиги харахпытыгар тиллэн кэлэллэр.

Ааптар саха уолаттара сэриигэ айанныыр суолларын дойдуларыттан саҕалаан сиһилии ымпыктаан-чымпыктаан ойуулуур. Борохуокка олорсон, өрүһү өксөйөн, төрөөбүт дойдуларыттан арахсан, араас үөйбэтэх сирдэринэн сылдьаллар. Москва, дойду туһугар охсуһуу ыарахан хартыыналарын, уоттаах кыргыһыыны ааптар бэрт кыраҕытык ойуулуур.

Маны барытын кытта сэһэҥҥэ ураты дьикти уйаҕас сюжет арыллар. Саха сириттэн сэриигэ 45 тыһыынчаттан тахса саамай бастыҥ аттары хомуйан илдьибиттэр эбит. Бастаан омуктар кылгас атахтаах, уһун түүлээх, улахан төбөлөөх аттары атыҥырыы, сэнии да көрөллөр. Ол гынан баран саха аттара тымныыттан куттамматтарын, бэйэлэрэ хаһан аһыылларын, ууну булалларын, тулуурдарын сөҕөллөр. Манна үтүө быһыылаах-таһаалаах, күүстээх-кыахтаах Туоһахта эмиэ тутуллан барар. Туоһахта уонна Лэкиэс ахтыһаллар-суохтаһаллар уонна бэйэ-бэйэлэрин куруук көрдүү сылдьаллар. Туоһахта бааһырбыт Лэкиэһин быыһыыр.

Ураты өйдөөх ат Туоһахта мүччү туттаран, ыраах дойдутун туһаайыытынан түһүнэн кэбиһэр. Онно араас быһыыга-майгыга түбэһэр. 1943 сылтан айаннаан ахтылҕаннаах алааһыгар Кыайыы кэннэ кыл тыынын аҕалар, тапталлаах иччитин көрсөр…

Уйулҕан общество олоҕун, дьон сыһыаннаһыыларын бэркэ ойуулуурун таһынан, айылҕа көстүүлэрин, дьиктилэрин, кистэлэҥин арыйан көрдөрөр ураты дьоҕурдаах.

Киһи уонна ат таас үйэттэн ыла доҕордоспуттар, биир тыыннаах, өйдөөх-санаалаах буолбуттар эбит. Суруйааччы сылгылар тугу өйдүүллэрин-саныылларын, баҕаралларын-дьулуһалларын арыйыыта кэрэхсэбиллээх. Онуоха барыта кини, саха киһитин быһыытынан, сылгыны ис сүрэҕиттэн таптыыра, сөҕөрө-махтайара, сүгүрүйэрэ көстөр. Кини, Джек Лондон «Белый клык» айымньытыгар бэриниилээх ыты ойуулуурун курдук, сылгыга гиимин ыллыыр, өрө тутар. Ол гынан баран өссө аһары баран суруйааччы саха атын уратытын, дьиктитин арыйан көрдөрөр, саха киһитин дуорааннаах олоҥхоттон ыла доҕоругар сүгүрүйүүтүн, тапталын биллэрэр.

Уйулҕан, бэйэтин псевдонима да этэрин курдук, маннык сюжетынан ааҕааччы уйулҕатын хамсатар, долгутар, сэһэни киһи биир тыынынан ааҕар. Ааптар тыла-өһө, ойуулуур-кэпсиир дьоҕура кини билиҥҥи кэм прозаигын быһыытынан уһулуччу талааннааҕын кэрэһилиир.

Онон Уйулҕан билиҥҥи саха литературата сайдарыгар уонна үрдүк таһымҥа тахсарыгар бэйэтин улахан кылаатын киллэрэр.

Варвара Окорокова,

филологическай наука доктора,

профессор, литературовед

Бастакы түһүмэх

Былыргы дьыллар былдьаһыктаах быралыйар быраман мындааларыгар, урукку дьыллар уоттуйар уораҕастаах, оһоллоох-охсуһуулаах уорҕаларыгар иннинэн сирэйдээх, иэгэйэр икки атахтаах киһилии кэбин кэтэр кэрдиис кэмнэрин кэриилэрин кэтэҕин сэгэтэн көрбүттээҕим…

Икки атах тобугун ааһар томороон илиилэрин бакыр тарбахтарыгар таас үлтүркэйин бобо тутар Таас үйэтэ. Ол ыҥыранан, ырдьыгынаан кэпсэтэр ынырык кэм, уһуутаан онолуйа одуулаһар одуруун олох түҥ улаҕатын арыйан көрүөҕү, күндү ааҕааччым, сэргиэҥ буолаарай?

Чэй эрэ, оччоҕуна буоллаҕына…

Икки атах уутуйан үөскүөн иннинэ, босхо бастаах бодотуйуор диэри мөлүйүөн сыллар улаҕаларыгар суорба таас очуостардаах ыраах Саха сирин Дириҥ Үрэҕин дьикти сэһэнин тимэҕэ өһүлүннэҕэ буолуохтун.

* * *

Түөрт лабаалааҕыттан иккитэ илии дэнэн тутар-хабар, иккитэ атах дэнэн сүһүөх үрдүгэр көнтөрүктүк дугунар, санныларын байаатын үрдүнэн нүксүйбүт көхсүн салгыыта арбаҕар баттаҕынан үрэллэҥнээбит бас дэнэрдээх бэрт дьикти харамай, икки атах, биһиги төрдүбүт кии дуу, киһи дуу буолар чымаан ыйааҕа тирээн кэлбитэ.

Өрүү күөх улахан сараадыспыт сэбирдэхтэрдээх, эҥинэ-дьикти бэйэлээх астардаах, отоннордоох үүнээйи арааһа, тымныылар түһүтэлиир буоланнар, кэхтиигэ барбыттара. Улуу мууһуруу үйэлэрэ хоту диэкиттэн үргүйэн, сыыйа кимэн, сир-дойду тымныынан аҥылыйбыта. Кыыл-сүөл тымныыттан харыстанан, уһун көп түүнү үүннэриммитэ, сорох харамай сылаас сири батыһа, соҕуруу диэки сыҕарыйан биэрбитэ. Оттон икки атах барахсан чөмчөкөтүн иһигэр баар оччугуйкаан мэйиитин дуома, хайдах гынан кыһарҕаннаах тымныылаах дьылларга тоҥон өлбөккө, тыыннаах хаалар суолу тобуларга күһэллибитэ. Ол курдук кинилэр бастаан кыһыл тылынан, итиинэн салаамахтыыр, аһыы буруолаах харамайтан куттанар эбит буоллахтарына, аны кинини доҕор, көмүскэл оҥостубуттара. Ол кыыл иҥсэтэ-обото диэн сүрдээҕэ. Куруук аһылыкка наадыйара, инньэ гынан, мас, абырҕал хомуйуутугар кыһыҥҥы кэмнэргэ бары туруналлара. Ол да буоллар, сылааһынан, сыралҕанынан үрүҥ тыыннарын өллөйө, хара тыыннарын харысхала буолан, Аал уот аатыран икки атаҕы абыраабыта.

* * *

Этиҥ хайа охсон умайан охтубут аарыма тиит суоһугар бигэнэн, оллоруттаҕас, кииллийбит мас сүллүгэһигэр өйөнөн, биир дьикти, саас баттаабыт көрүҥнээх харамайа нуктуу олороро. Түүлүгэр аҕа ууһун урукку кыһалҕата суох олоҕо эҥил баһын иһигэр кистэммит оччугуйкаан мэйиитигэр сыыйа, бииртэн биир арыллан, дьэҥкэрэн, көстөн барбыта…

Кини өбүгэлэрэ бэрт сылаас, сымнаһыар кэмнэргэ олорбуттара. Үксүн араас силистэри сиртэн хостоон, ол-бу маска, сэппэрээктэргэ үүммүт араас өҥнөөх, моһуоннаах, ким булбут аһаатын-сиэтин диэбит курдук, айылҕа анаан үүннэрбит астарын хомуйан, истэрин иччилээн, күннээҕи түбүк онон муҥурданара. Дэҥҥэ биирдэ эмэ тааһынан тобулута быраҕан, араас кыра туйахтаах кыыллары бултаан, тириитин тырыта-хайыта тыытан, этин кулуһун уотугар саллан сииллэрэ.

Аттыларынан күлүгүлдьүһэр аарыма эһэлэртэн, хахайдартан, дьулаан аһыылаах улахан куоскалартан хаспахтарыгар саһан быыһаналлара. Ардыгар ол ынырык кыыллартан уоттаах ураҕаһынан, мас сүллүгэстэринэн эбэтэр уокка кэриэрдэн уһуктаабыт мас үҥүүлэрин дуомунан көмүскэнэн, тыыннарын тэскилэтэллэрэ. Сорохторун, төбөлөрүн саҕа сымара таастарынан тамнаан, киэр кыйдыыллара. Дьэ ол курдук олоруохтара эбитэ буолуо да, кэлиҥҥи кэмнэргэ халлааннара тымныйара уһуур буолан, от-мас кэхтиигэ барбыта. Астара татымсыйан, тымныы хаспах иһэ уорааннанан, өлүү-сүтүү үксээбитэ. Ордук кыра, кыаммат, аҕам өттө хоттороро. Ити аҕа ууһун тутан олорор бас-көс өттүлэрин дириҥ толкуйга түһэрбитэ. Ол курдук кинилэр улаханнык ытыгылыыр аарыма кырдьаҕастара түөрт уончата чугаһаабыта. Кини харахтара уруккутун курдук уоттааҕынан чолбоодуспат буолбуттара, төттөрүтүн, өһөн эрэллэрэ. Нүксүллүбүт көхсө, эдэр эрдэҕинээҕитинии, эрчимнээхтик сүгүллэҥнээбэт буолбута. Эриллибит иҥиирдээх илиилэрэ-атахтара сылбырҕалара, күүстэрэ-уохтара бокооро быһыытыйбыттара.

Оччотооҕу кэмҥэ икки атах күннээн-күөнэхтээн олорор кэмэ олус кылгас буолара. Ол да иһин аҕа баһылык, Таас Бас, кырдьыы, сорсуйуу сойуотугар киирдэҕэ эбээт.

Таас Бас үс уоллааҕыттан арыый кыаналлара уонна соргулаахтара, долоҕойдоохторо Хорук этэ. Оттон икки улаханнара күүс-уох өттүнэн бырааттарын арыый сабырыйдаллар да, ону-маны ыйдаҥардан анаарар дьоҕурдара, ычалара чычаас буолан, аҕа ууһун сэҥээриитин ылбаттара. Таас Бас улахан уола оҕо сылдьан мас мутугунан кулуһуну булкуйа-булкуйа, хоруоттан хараарбыт илиитинэн сирэйин ньухханарын иһин, Хоруо Сирэй; оттон орто уола түүннэри утуйбакка, ас көрдөөн ытаан бэбээрэрин иһин, Ньахаа диэн ааттарынан сүрэхтэммиттэрэ. Оттон кыра уола Хорук бэрт дьиктитик ааттанан турардаах.

Кыра уол үстээҕэр дуу, түөртээҕэр дуу хайыр тааһы хайыта сынньар идэлэммитэ. Араас эгэлгэ таастары булан, олору үлтүрүтэ оонньуур үгэстээҕэ. Арай ол сылдьан, биирдэ атаҕын сытыы тааска хайа үктээн, хаана атаҕын тарбахтарын быыһыттан тыгыалыы сылдьарын көрөн, Таас Бас биэс салаалаах оту быһа тардан ылан силлээн баран, хаан бырдаҥалыы сылдьар бааһыгар саба туппута. Уола, ытыы-ытыы, илиитигэр тута сылдьар тааһын үлтүркэйинэн алҕаска аны кини илиитин хайа соппута. Таас Бас харыта аһыс гыммытыгар көрө түспүтэ – дириҥ баҕайы хайа быһыллыбыт суолуттан хаарыаннаах хара хаана халыс гыммыта. Ону кытары Таас Бас, хаспах хахайыныы үөһүн таттаран хатаҥнык кыланаат, бабыгырыы түһэн баран, уолун киэр илгибитэ. Түүнэн бүрүллүбүт халыҥ тириилээх харытын көрүммүтэ. «Бу туох ааттаахха дэҥнэнним?» – диэн дьиктиргии санаабыта. Тааска төбөтүнэн охсуллан ытаан ыгыста сытар уолун илиитигэр бобо тута сытар тааһын, сүгүллэҥнээн тиийэн, сэрэнэн эһэ тардан ылбыта. Эргим-ургум тутан, харытыттан таммалыыр хааныгар кыһаллыбакка, бу тааһы сирийэн одуулаһа турбута. Онтон өй ылан, аттыгар сытар саралыы тардыллан, тырыта тыытыллан сүлүллүбүт кыра туйахтаах харамайын тириитин быһыта сотуталаан көрбүтэ. Онто, кырдьык, өссө да хатан кытаата илик тириини хайыта сотон тэллэҥнэппитэ. Онон Хорук аата итинник бэрт дьикти түгэнтэн, хорук хаан тыгыахтыырыттан сэдиптээн иҥэриллибитэ. Оттон ол таас, икки атах киһи буоларыгар улахан олук буолан, Таас үйэтин көнтөрүк, көһүүн кэмин чэпчэппитэ. Хайыр тааһы үлтү сынньан сытыы быһахха, кэлин маска инчэҕэй тириини тэлэн оҥостубут быаларынан эрийэн, хатаран үҥүүгэ, сүгэҕэ моһуоннаах тэриллэри оҥостор буолбуттара. Икки атах мэйиичээнигэр ити курдук бииртэн биир сурааһын эбиллэн, Дириҥ Үрэх кистэлэҥнээх түүлэ буолан, мөлүйүөн сыллары уҥуордаан, баччаҕа дылы кэллэҕэ.

Дириҥ, Таас Үрэх, тугунан тыынан тыыллаҥныы, үгүс ууну хас тыһыынча үйэлэри суккуйан, бу очуостар дьилэй таас иэдэстэрин хайа сүүрэн кылыгырыы сытаргыт буолла?

Тымныы хайыр тааһы муоһура чэрдийбит сыгынньах тилэҕинэн тиллиргэччи кэһэн, хара күлүк күлүгүлдьүйэрэ. Бу сыыгыныы-сыыгыныы сыыллартан, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы түөрт атаҕынан атаралыыр, күһүгүрүү-күһүгүрүү көхсүн кынатынан көтөн күпсүйэр харамайдартан атын күтүр. Икки атаҕар туруору, охтубакка иэҕэҥнээн хаамар, тааһы хайыта сынньан сэп-сэбиргэл оҥостубут, атын харамайдар эттэринэн эмсэхтэнэн, тириилэрин саралыы тардан ылан бүрүнэн иттэр идэлээх, дьулайын иһигэр толкуйдуур дууһалаах дьикти харамай. Бу, арааһа, икки уһун илиитин сараадыйбыт тарбахтарын ахсаана да, иһирдьэ олорбут харахтарын үрдүнэн лоппоруһан тахсыбыт хаастарын уҥуохтара да, түөһүн икки өттүгэр бөлтөрүспүт былчыҥнарын, самаҕын туорайыгар бүкпүт тиирэ тэбэр тэрилэ да, икки атах «Киһи» диэн биһиги төрүппүт хара бэкир, түү сирэй киһилии кэби кэтэр маҥнайгы көнтөрүк хардыыларынан айанын саҕаланыыта буоллаҕа. Ок-сиэ, түҥ да кэм… Түҥ да кэм, Таас үйэтэ…

* * *

Сахам сирэ барахсан, уйаара-кэйээрэ биллибэт быраман мындааҕар хоҥорууларын үрдүнэн үөлэр өргөс, сүүнэ муостардаах ньүдьү-балай, түүлээх харамайдар, уорааннаах хаһыылаах, ыыс-араҕас сараадыйбыт аһыылаах күтүр улахан кугас сэлиилэр саҕаттан муус кудулу хаар буурҕаны кытары күрсэр. Дьөһөгөй оҕолоро нуктуу тураллара. Бу айылҕа амырыын тыына, тыгар тымырдаах тыҥатын муус кыырпахтарынан кырылата хаарыйан, аан туманынан бурҕайа бүрүллэн турара. Арай ол буһурук быыһынан күөрт дьүһүннээх, боруҥуйга килбэс гынан ылар аһыҥастаах аһыылардаах адьырҕалар үөмэн сундулуҥнаһан иһэллэрэ. Харахтарын уота дэҥ-дэҥ, хараҥа халлааҥҥа чаҕылыҥнаһан ылар сулустар курдук, чаҕылыһа көстөн ааһаллара. Оттон биир өттүттэн хаардаах хайа сымара, тымныы очуостарын күлүктэригэр сөрөнөн, түүлээх сирэйдээх икки атахтаах харамайдар, таас төбөлөөх үҥүүлэрин аллара умса, кистии тутан, үөмэн сүгүллэҥнэһэллэрэ. Дьөһөгөй оҕолорун үрүҥ тыыннарын элбэхтэ өллөйдөөбүт тыал доҕордоро, бу сырыыга сыт ылларар кыаҕы биэрбэккэ, кэннилэриттэн эрэ үрэрэ. Оччотооҕу одуруун олох оҥоһуута, ким кими кэнтиккэ кэтээн, ким тугу-тугу тоҕойго тоһуйан, дьылҕаларыгар тускуну туһаайан дуу, собулҕа суоллаан дуу эрээхтээтэҕиҥ буолла?

Сүүһүн ортотугар туоһахталаах үөр атыыра, биллэр-биллибэт сыт муннугар охсуллан ааспытыгар чөрөспүт кулгаахтара иһиирэр таас төбөлөөх үҥүү тыаһын истибитэ да, хойутаабыт этэ. Анаҕастаах аһыылар биир өттүттэн оччугуйкаан уолун хабарҕатын хадьырыйан эрэллэрэ. Эҥил баһын хантас гыннаран сиэлэ өрө үрэл гына түспүтэ, ону сэргэ хаҥас ойоҕоһугар таас төбөлөөх үҥүү, сүрэҕин туһунан ойоҕоһун уҥуоҕун тосту көтөн, «ньир» гынан батары сааллан, нохтолоох тойон сүрэҕин сойуо чупчурҕан супту түспүтэ. Сир-халлаан барыта түҥнэри эргийбитэ. Ити чыпчылҕан түгэҥҥэ түбэспит атыыр үөрэ хатаннык кистии-кистии үрүө-тараа ыстаммыта. Атыыр уот кыһыл хаанынан бырдааттанан өлөр охтуутугар умса хойуостаммыта. Кини уота өһөн эрэр хараҕар дьулаан хапсыһыы көстөн эрэрэ… Бөрөлөр уонна икки атахтар, ырдьыгынаһа түһээт, уун-утары ыстаммыттара. Ким соргута-сойуота дуу, соро-собулҕана дуу быһаарыллар чыпчылҕан түгэнэ күлүм гыммыта. Таас Бас үҥүүтэ сууһарыллыбыт атыыр ойоҕоһугар батары сааллан, иҥиирдээх уҥуохха кытаанахтык кыбыллан, дэбигис төттөрү ньылбы тардыллыбатаҕа. Ону тардыалаһа турар кэмигэр охто сытар атыыр үрдүнэн сүүнэ улахан сур күлүк, кини диэки ыстанан, субурус гыммыта. Таас Бас хабарҕатын хайа хадьырыйан эрэр уот кыһыл бэлэскэ эмискэ Хорук үҥүүтэ батары сааллыбыта. Оо, ол амырыын хапсыһыыга икки атах кыыла туран, уоттаах харахтара сирдьигинии умайан, тоҥ очуостар хаардара саккырыар диэри, суос бэринэн эһэлии часкыйаат, Хорук аһыҥастаах адьарайы таас үҥүүтүнэн киэр илгибитэ. Бөрөлөр баһылыктарын сууһартаран, дьулайан туора ойбуттара. Таас Бас уолун Хорук эрдээх быһыытыттан астынан ыҥыранан ылаат, салҕалас илиитинэн хабарҕатын харбанан туппахтанан көрбүтэ. Кини кыракый мэйиитэ махтанары сатаабатар да, туох эрэ дьикти сүүрээн түөһүн иһин толорбута. Хорук атыыр хаана бырдаҥалаабыт аҕатын дьэбир сирэйигэр омоох мичээр уонна махтал сыдьаайа көстөн ааспытын бэлиэтии көрөн аһарбыта. Таас Бас үҥүүтүн буралла сытар сүүнэ атыыр агдатыттан ньылбы тардан ылбыта. Өссө да сойо илик туустаах өһөх хааны үҥүү суолуттан томороон ытыһынан холбуйа тардан баһан ылаат, айаҕар аҕалан иҥсэлээхтик уобалаан сапсырыммыта. Онтон агдатын иһигэр салгыны толору эҕирийээт, хантас гынан үҥүүлээх илиитин өрө анньан хаһыытаан хардьыгынаабыта очуостан очуоска охсулла эҥсиллэн, Дириҥ Үрэх үрдүнэн ыраах дуораһыйан көтө турбута. Ол соргу хаһыытын дуораанын истэн, атыыр үөрүн эккирэтэн сундулуҥнаһан иһэр бөрөлөр иэннэрэ кэдэҥэлээн, икки атах эккирэтэн иһэрэ буолуо диэбиттии, кэннилэрин хайыһан, уоттаах харахтара кылахачыһан ылбыттара.

Атыыр үөрэ, туманнаах салгыны тоҕо силэйэн, иннин диэки түһэн испитэ. Кэннилэриттэн сундулуспут ардай аһыылаахтар тоҥ сытыы туйахтарга бастарын хампы тэптэрбэккэ кыһаллан, үрэллэҥнэһэр хойуу кутуруктарга сөрөнөн, саппай уопсан испиттэрэ. Икки үөр. Биирэ үрүҥ тыынын тэскилэтэр аатыгар торҕо күдэриги тоҕо ытыйан, иккиһэ соллоҥноох сойуо аһыыларын килбэтэн, сылгылар көмөгөйдөрүн быһа хадьырыйар соруктаах, аан туманы хайа силэйэн тус арҕаа түһэ турбуттара. Ол мучумааҥҥа кырдьаҕас тыһы бөрө хаҥас өттүнэн күөйэ көтөн иһэн, биир уулаах, хоруотаабыт биэ хабарҕатын быһа хадьырыйардыы, үөлэс саҕа айаҕын атыаҕынан атан, аһыыларын ырдьатаат, сундулус гыммыта. Биэ соһуйан хойуу сиэлин үрэл гыннаран өрө тураат, ыстаныытыгар хабарҕатын уоппут ардай аһыылаах харамайы соспутунан, халты тэбинэн, хайа хапчааныгар хаар былаастаах тааһы, буору бүрүнэн аллара курулаабыттара…

Оол ааспыт Таас үйэтэ идэмэрдээх иҥэрсийиини, соллоҥноох орулааһыны, икки атах хатан хаһыытын, таас хапчаан таайыллыбатах таабырынын мэлдьэспиттии мэҥиэстэн, түҥ хараҥаҕа умсубута…

* * *

Ол түҥ сыллар улаҕаларыгар буолбут быһылааны биир дьикти түбэлтэ арыйбыта. Сүүрбэһис үйэ сэттэ уонус сылларыгар Лэкиэс уола, учуонай Һааска, биирдэ аҕатыгар улахан научнай арыйыытын билиһиннэрбитэ.

Индигиргэ көмүсчүттэр артыалларын үлэһиттэрэ хайа аннынан шахта хаһа сылдьыбыттар. Ирбэт тоҥу аныгы күүстээх тэриллэр көмөлөрүнэн дириҥник хаһан, аллара киирэн испиттэр. Хаспыт хайа таастарын, тоҥ буорун сыыһын таска таһааран иһэллэр эбит. Арай балай эмэ хаспыттарын кэннэ, үөһэ туох эрэ сууллубакка, ыйанан, иҥнэн хаалбыт. Дьиктиргээн, үчүгэйдик сыныйан көрбүттэрэ, сылгы туйахтаах кэлиҥҥи атаҕар майгыннаан улаханнык соһуппут. Ону оргууй хаспыттара сылгы буолан биэрбит. Дьэ ону Дьокуускайга кинилэр институттарыгар биллэрэннэр, Һааскалаах учуонайдары кытары биригээдэ тэринэн тиийэн, ол сылгы сэмнэҕин аҕалан үөрэппиттэр. Уола сирэйэ-хараҕа туран, дьоһуннанан олорон кэпсээбитэ. Өссө аттыгар эмиэ олох былыргы сүүнэ бөрөҕө майгынныыр кыыл сэмнэҕин булбуттарын иһитиннэрбитэ. Түмүгэр ол сылгыны саха билиҥҥи сылгытыгар тэҥнээн көрөн баран, туох да уратыта суох диэн быһаарбыттар. Булуллубут сылгы сэмнэҕэ отуттан тахса тыһыынча сыл анараа өттүттэн, түүлээх носорогтар, сэлиилэр саҕаларыттан, бу Хоту дойдуга Алясканан туораан кэлэн олохсуйбутун дакаастаабыттар.

Лэкиэс сөҕө санаабыта. Ол ардай аһыылааҕы кытары хабырыйсыбыт сылгыттан сылтаан, олоҕор көрсөн ааспыт Дьөһөгөй оҕото доҕорун дьылҕатын санаан, хараастан ылбыта. Туоһахта, Туоһахта барахсан…

СААСКЫ КҮН

Бурҕаҥнас туманнаах күдэрик тымныылар сөҕүрүйэн, сааскы ылааҥы күннэр күнүһүн сылааһынан угуттаан, атыыр үөрэ хаһан ааспыт сирдэрин үрдүнэн туллуктар туналыһа көтөр кэмнэрэ үүммүттэрэ. Саас барахсан: «Ама бу чаҕылхай күнтэн ордук туох кэрэ баарый?» – диэбиттии, чаҕылыйа күндээрэр. Кэрии тыаҕа тоҥсоҕой торулуур, хара тыа үрдүнэн атыырдаах тыһы суордар таптал кэрэ тойугун араастаан тупсарсан, чолуп-чалып халаахтаһан, иэс баайса көтөн күпсүйэллэрэ. Ымыы түөһэ, кийиит кыыс кыбыстан имэ кэйбитинии, тэтэрэн, бэйэтэ биир дьикти кэрэ көстүү.

Уһун Эбэ халдьаайы саҕаҕын аннынан, эбэ мууһун кыйа, буулуур харатын иһин Харачааһынан сүрэхтэммит атыыр, үөрүн үүрэн аҕалан, хаһан аһыы сылдьар. Былыр дьаам саҕана соҕурууттан кэлэн хаалбыт атыыртан хаан буккуһан, төрөөбүт буолан, Харачаас үрдүк арҕастаах, сааллаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, ыас хара арбаллыбыт уһун сиэллээх, кутуруктаах, киһи хараҕа ханан да туолар, «Коммуна суола» холкуос биир бастыҥ атыыра. Ыаллыы холкуостар ыһыахтарыгар баайан, сүүрдэн кыайыы көтөллөнөрүн уонна үөрүн олус үчүгэйдик көрөн-истэн илдьэ сылдьар, үтүө төрүөхтээх атыыр буолан, холкуостаахтар астыналлар. Түбэһэ түстэхтэринэ, хайаан да бары тохтоон Харачаастарын хайгыы, астына көрөн ааһаллара. Харачаас үөрүгэр баар эмиэ киниэхэ ханыылаах, үрүмэччи маҥан бастыҥ биэтин сиэлин, кутуругун сэллээбэккэ, Сиэллээх биэ гыммыттара. Харачаас Сиэллээх биэни атын биэлэртэн ордорон, ыксатыгар илдьэ сылдьан маанылаан, баҕарбытынан таптаһан бастакынан хоруотаабыта[1]. Уон биир ый сүрэҕин анныгар сылааһынан угуттаан, бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыт кырачаана улаатан, хаатын иһигэр баппакка, көҥүлгэ тахсаары мөхсүбүтэ. Сиэллээх биэ төрүүр кэмэ чугаһаан, ыарыыланан, үөрүттэн арахсан тэйэ хаампыта. Харачаас төбөтүн өндөтөн, арбаллыбыт көҕүлүн быыһынан сургуччу көрөн турбута. Бу түгэн эмиэ биир күүтүүлээх кэм этэ. Сиэллээх биэ халыҥ хаары кэһэн, алаас куулатын туһаайан бара турбута. Кэмниэ-кэнэҕэс алааһы туораан, соруктаах сиригэр, ойуччу үүммүт талахтар кэтэхтэригэр киирэн сүппүтэ. Харачаас эҥил баһын дьоһуннаахтык үөһэ-аллара булкуйан, хойуу сиэлинэн илгистэммэхтээт, иҥэрсийэн ылбыта.

Сиэллээх биэ үөртэн дьалты баран, бөлкөй үөт аттыгар дулҕа ото быкпыт сымнаҕас сири булан, ыарыытыттан тыбыыра-тыбыыра, талыыта киирэн, илин атахтарын туйаҕынан халыҥ хаары хаһыйбахтаабыта. Сүрэҕин анныгар амырыын кыһыҥҥы тымныыларга тоҥорбокко, бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыт оҕотун туйахчааннара сытыытык тобулута анньыалаабыттара. Оо, бу атааннаах-мөҥүөннээх Орто туруу бараан дойдуга саҥа олох, кып-кыракый кулун, хаалыын баҕастыын оройунан, анаан тэпсиллибит хаар олбоххо икки илин атахтарын туйахчааннарынан аллара ньылбырыс гыммыта. Хаарга түһээт, кулунчук Орто дойду чэлгиэн салгынын кыракый, оҥоспут таныыларын тардырҕатан, тыын былдьаһан мөхсүбүтэ. Оо, сааскы ылааҥы күн чэбдик салгынын кыракый таныычааннарынан иҥсэлээхтик агдакатын толору тыынан, мэйиитэ эргийэн ылбыта. Биэбэйдэммит сарыы хаатын саҥа муостуйа кытаатан эрэр дьэҥкир туйахтарынан хайыта тэбиэлээбитэ. Биэ барахсан эргиллэн, кыракый бэйэтигэр барсыбат олуона уһун атахтарынан тэбиэлэнэ, үнүөхтүү сытар оҕотун инчэҕэй тириититтэн хаатын, хатыылаах тылынан иҥэрсийэ-иҥэрсийэ салаамахтаан, муннутун-хараҕын ыраастыыр аатыгар түспүтэ.

Сүүһүн ортотугар туоһахталаах тураҕас кулунчук: «Бэйи бу, ханна-ханна кэллим?» – диэбиттии, төбөтүн уҥа-хаҥас көнтөрүктүк илгистээмэхтээн ылаттаабыта. Тымныы хаарга ийэтэ туйаҕынан хаһан, тэпсэн бэлэмнээбит дулҕа баһа оттоох олбоххо, инчэҕэй тириититтэн күн уотугар паар тахсан бурҕачыйара. Айылҕата үтэйэн үнүөхтээн тура сатаата да, мэйиитэ эргийэн, тас иэнинэн барыталаата. Онуоха ийэтэ, сылаас хоҥоруутунан кэнниттэн бигии өйөөн, турарга көмөлөстө. Бастаан утаа икки кэнники атахтарын аччаччы быраҕан, кэннин өндөттө. Кыракый кутуругун уҥа-хаҥас куйбаҥнатаат, утуруктаан «пуус» гыннарда. Онтон инники атахтарын тобуктарын көннөртөлөөн, сөһүргэстээн ыла-ыла байааттаҥнаан, түөрт түөрэм туйахчааннарыгар, охтубатарбын ханнык диэбиттии, киэҥник тирэнэн туран кэлбитэ. Арай иһиттэҕинэ, сылаас тыын муннугар, кулгааҕар биллитэлээн ааспыта. Биэ дьолломмут хараҕынан, иҥэрсийэ-иҥэрсийэ, оҕотун көрөн ылбыта. Муннутун, сүүһүн ортотугар баар ый курдук үрүҥ туоһахтатын хатыылаах тылынан оргууй салаамахтаталаан ыларыттан, сүһүөҕүн сүтэрэн, түөрт титирик курдук атахтарын түөрт аҥыы быраҕаттаан, охто сыһа-сыһа ийэтин сылааһыгар үнүөхтээбитэ.

Сүүһүн ортотугар ый курдук туоһахталаах тураҕас Дьөһөгөй оҕото, агдакатын иһигэр сааскы дьыбардаах салгыны таныытынан толору тыынаат, айаҕын иһинээҕи чалахайы тоҕо тибиирэн, сип-синньигэстик, мип-минньигэстик кистээн дьырылаппыта. Оо, бу Орто туруу бараан дойдуга, сааскы күндүл күөх лиҥкир халлаан анныгар, туналыйар маҥан алаас хаардаах киэҥ киэлитигэр өссө биир олох кэллэҕэ. Кэллэҕэ…

* * *

«Коммуна суола» холкуос сылгыһыта Лэгиэн, бу эргин атыыра Харачаас үөрүн, Сиэллээх биэтэ хоруотаабытын көрө-истэ, чороччу улаатан эрэр уолун Лэкиэһи атыгар мэҥэстэн, үөрдэрэ турар алааһыгар аттаммыттара. Алаас куулатыгар кэлэн, Лэкиэһи атыттан түһэрэн баран, уолугар куобахха анаан охсубут быһыттарын көрөрүгэр сорудахтаабыта. Бэйэтэ көҕөччөр аллаах соноҕоһун дьарыйан, сыыры таҥнары бурҕачытан түспүтэ. Сиэллээх биэ үөргэ көстүбэтин ыраахтан бэлиэтии көрөн, ол-бу диэки олоототолоот, тоҥ хаары кэстэрэн алаас илин баһын диэки көрдүү, сиэллэрэ турбута.

Лэкиэс туһахтарын кэрийтэлээн, хаары оймоон биэс уонча хаамыылаах сиргэ тиийэн, бастакы тоҥмут куобаҕын булан араара туран, сыыр аннын диэки чугас дьикти дьириһийиини истэн, чөрбөс гына түспүтэ. Кулунчук. Кулунчук кистиир. Ити санааттан тиритэн ылбыт Лэкиэс кулунчук кистээбит сирин диэки аргыый, мастан маска сөрүөстэн, тоҥуу хаары кэһэн, куула сыырын таҥнары түстэ. Арай аллара түһэн, үөттэри эргийэ баран иһэн, Сиэллээх биэ суос бэринэн иҥэрсийэрин истибитэ. Туох ааттаах көстүбэтий дии саныы-саныы иннин диэки баран испитэ. Арай бөлкөй үөт кэннин өҥөс гыммыта – Сиэллээх биэ кулунуттан көҥөнөн өрө холоруктаан, үрүҥ сиэлэ үрэллэҥнии сылдьарын көрөн, соһуйан тохтуу биэрбитэ. Кып-кыракый сүүһүн орототугар ый курдук туоһахталаах сип-синньигэс атахтарыгар саҥа туран салҕалыы турар кулунчугу көрөн олус үөрэн, Сиэллээх биэттэн да саллан, кэннинэн чугуруйан төттөрү ыстаммыта.

Улахан харыйа кэннигэр сөрүөстэн, дьэ кулунчугу сирийэн одууласпыта. Оо, барахсаныы! Сабыс-саҥа төрөөн, бу Орто дойду сааскы дьыбардаах чэлгиэниттэн дьагдьайан дьигиһийэн ыла-ыла, ийэтигэр сыста түһэн, эмсэх көрдөөн булаат, эрчимнээхтик соппойон барбыта. Кутуругун оҕото, били ыттара Баһырҕас Лэкиэс оскуолаттан кэлэн төбөтүттэн имэрийдэҕинэ, кутуругун хамсатарын курдук, туора-маары оонньохолуура. Туоһахта. Туоһахта диэн мичээр сыдьаайдаах Лэкиэс сирэйэ сааскы күн намтаан эрэр суһумугар сандаара кыыспыта.

Лэкиэс хамсатын тэбии-тэбии, олоҕун ол ааспыт кэмин, Туоһахтата төрөөн күн сиригэр кинини эҕэрдэлиирдии, сип-синньигэстик кистээн дьырылаппытын санаан, үөһэ тыынан ылбыта.

Ити дойду үрдүнэн репрессия саҥа ааҥнаан эрэр ынырык дьыллара, 1937 сыллаахха бадахтааҕа. Оо, кэм-кэрдии ырааппыт да эбит…

* * *

Туоһахта маҥнайгы түүннэргэ олустук дьэгдьийбитэ. Ийэтэ, дулҕалаах, үөр хаһыыта таарыйбатах, тыал охсубат күлүк сиригэр хаары хаһан оту таһааран, сытан сири ириэрэн, Туоһахтаны онно сытыаран хоннороро. Сөп-сөп аттыгар сытан, сылаас суоһунан ириэрэн ылара. Бэйэтэ түөрт атаҕын үрдүгэр туран утуйара. Саха сылгыта, Дьөһөгөй оҕото барахсан, оннук дьикти айылгылаах айыллыбыт буолан, бу кыыдааннаах кыһыннарга аһаҕас халлаан анныгар тулуктаһар. Бэл, сүрэҕин тэбиитин бытаардан, тыынарын аҕыйатан, бэйэтиттэн итии салгын тахсыытын аччатар, түүтэ көҥдөй, хойуу буолан тымныыттан көмүскэнэр. Өссө биир сүрүнэ – тириитин иһинэн тас сыата бүрүөһүн буолан, хайдахтаах да тымныыны тулуйарга анаммыт. Ол сиэринэн Туоһахта ийэтин иҥэмтэлээх үүтүнэн эмсэхтэнэн, түргэнник бороохтуйбута. Ийэтин кэнниттэн өкчөччү туттан, байааттаҥнаан ыла-ыла, батыһан үөргэ тиийбиттэрэ. Харачаас уолун көрөн, ыраахтан иҥэрсийэн эҕэрдэлии тоһуйбута. Чугаһыыр бокуой биэрбэккэ, үрүҥ хаары өрө ытыйан, хара сиэлэ үрэллэҥнээн утары сүүрэн кэлбитигэр Туоһахта дьулайан, кутуругун кэнники атахтарын икки ардыгар кумуччу тардынан, кулгааҕын ньылатан, көмүскэтиэҕэр, ийэтин хонноҕун анныгар, сыстыаҕынан сыстыбыта. Онтон ийэтэ дьоһуннаахтык туттан хаамарын тохтоппотун иһин уоскуйа быһыытыйбыта. Харачаас Сиэллээх биэтигэр хаары күрдүргэччи кэһэн кэлэн, аттыгар тохтуу биэрбитэ, сииктээх муннунан арҕаһыттан ньуххайталаабыта. Онтон оччугуйкаан уолун оргууй сэрэнэн туоһахтатыттан сытырҕалаан ылбыта уонна хатыылаах тылынан кулгааҕын кэнниттэн салаамахтаталаат, аҕалыы нүһэрдик иҥэрсийэн ылбытыгар Туоһахта сүрэҕэ сэлибирээн, бүдүрүйтэлээн, байааттаҥнаан ылбыта. Оо, бу сир үрдүгэр олох диэн кэрэ да эбитин оччугуйкаан сүрэҕинэн ылынан, бэйэтэ да билбэтинэн, быыппастан оонньохолоон ылаталыан баҕарталаабыта. Онуоха билигин да борбуйун кыана илигэ мэһэйдээбитэ. Онон аҕатын билэн, кутурукчаанын эймэҥнэтэн, сип-синньигэс куолаһынан кистээн дьырылаппыта. Бу дьикти дьүрүскэни, бу кэрэ көстүүнү бэйэтин туох эрэ таайыллыбат соругар ыксаан, көтөн күпсүйэн иһэр суор обургу, үөһэттэн соһуйа истэн, халаахтаан, эҕэрдэлээн ааспыта. Биэлэр бары Сиэллээх биэ, Туоһахта диэки астыммыт, ымсыырбыт харахтарынан көрөн, чочумча турбахтыы түспүттэрэ. Онтон биир-биир кэлэн Туоһахтаны сытырҕаталаан ылбыттара. Кинилэр сүрэхтэрин анныгар илдьэ сылдьар кулунчуктарын аҕалара Харачаас инник истиҥник көрсүөн ыраланан ылбыттара…

Ити курдук сааскы күн ылааҥыран, сотору-сотору биэлэр төрөтөлөөн барбыттара. Бииртэн биир кулунчук күн сирин көрөн испитэ. Туоһахта ийэтин иҥэмтэлээх үүтүн эмсэхтэнэн сотору төлөһүйбүтэ. Икки сиэнчэртэн хаан тардыылаах буолан, сытыы туйахчааннардаах, уһун дьылыгыр атахтардаах буола улаатан барбыта. Кэлин төрөөбүт кулунчуктарга барыларыгар убай курдук сыһыаннаһара. Эрэйдээхтэр салыбыраһан-илибирэһэн диэн, элэктиэх, мэниктиэх-тэниктиэх санаата кииртэлээн, аттыларынан оонньохолоон ылаттыыра. Ардыгар алҕас таарыйан кэбиһэн, анараа кыра кулунчуктар тас уорҕаларынан баралларыттан тохтоон, сорохторугар туралларыгар хоҥоруутунан өйөөн, көмөлөһөн абырыыра.

Сааскы хатааһыннар саҕаламмыттара. Күнүһүн лаппа сылыйар буолан, кулунчуктар күн сыралҕаныгар угуттанан абыраннылар аҕай. Оттон түүн дьыбардар син биир түһүтэлииллэр эрээри, Туоһахта бороохтуйа быһыытыйан, улаханнык дьагдьайбата. Айылҕа оннук айдаҕа эбээт.

Биир түүн Туоһахта улахан сүпсүлгэнтэн уһуктан тура эккирээтэ. Ийэтэ сиэлэ үрэллэҥнээн, таныытын тыаһа сотору-сотору улахан баҕайытык тарылаталаан ылара. Харачаас кистии-кистии, үөрэ туохтан эрэ үргэн, үрүө-тараа сүүрэкэлии, булумахтана сылдьар биэлэрин күөйэн, сиэлэ өрө үрэллэҥниирэ хараҥаҕа өссө дьулааннык көстөрө. Туоһахта туох алдьархай ааҥнаан эрэрин өйдөөбөккө, эмиэ туора-маары ыстаҥалаталыан баҕарбыта. Хайдах эрэ уйуһуйан оонньохолоон сүһүөҕүн имитэн ылбыта. Ийэтэ ыарыылаахтык хоҥоруутунан ойоҕоско охсон, кырыктаахтык иҥэрсийэн буойбута. Бэйэтэ Харачааска көмөлөһөн, үөрү биир сиргэ ырааһыйаҕа түмпүттэрэ. Борук-сорукка кутталларыттан бу уһулу ойон тахсыахтыы быччаспыт харахтаах биэлэр, туохтан эрэ тэһииркээн, таныыларын тардырҕата-тардырҕата үөртэн туораары гыннахтарына, Харачаас арҕастарыттан хадьырыйталаан, күөнүнэн күөйэ көтүтэлээн, «уоскуйуҥ, мин көмүскүөм» диирдии, иһин түгэҕиттэн ыардык иҥэрсийэн ылара. Сиэллээх биэ эмиэ Харачааска көмөлөһөн, биэлэри күөйсэн бураллаҥныыра. Ол аайы Туоһахта ийэтин аттынан эмиэ ойуолаан эрдэҕинэ, ийэтэ, кыланарга дылы иҥэрсийээт, Туоһахтатын үөр диэки эһиллиэр диэри, мууһурбут хоҥоруутунан ойоҕоско кибилиннэрбитэ. Ол түгэҥҥэ туох эрэ дьаардаах сыт Туоһахта муннугар биллэн ааспыта, ону кытары аттынан киниттэн арыый намыһах туох эрэ кыыла хараҕа уотунан сириэдийэн, өһүөннээхтик чаҕылыҥнаан, кини хараҕын кытары кыл түгэнэ харсыһан ааспыттара. Туоһахта эт-этэ барыта дьигиһийэн, биллибэт дьикти сүүрээн сүрэҕин битигирэппитэ. Ийэтэ, кулгааҕын ньылатаат, ол күтүрү сытыы туйахтарынан сиирэ-халты табыйбыта, онуоха ол харамай туора ойбута. Үс аһыҥастаах кыыллар сибиэннээх, уоттаах харахтара чаҕылыҥнаһан, үөртэн биир эмэ кулунчугу дуу, биэни дуу үргүтэн, быһа анньан ылаары, төгүрүччү сүүрэн сундулуспуттара. Туоһахта туох ааттаах ити кинитээҕэр намыһах сур кыыллартан куттаналларын дьиктиргии саныыра да, син биир эт-этэ саласпыта. Үчүгэй атыыр маннык түгэннэргэ үөрүн көмүскээн, Сиэллээх биэтэ тэҥҥэ охсуһар буоллахтарына, сүтүктэммэккэ быыһаналлара. Харачаас обургу түөрт түөрэм туйахтарынан табыйан, тэбиэлэнэн, сытыы тииһинэн лаҕырҕаччы хабыаланан, сиэлэ өрө бураллаҥнаан, дьулаан киэбин ылынан үөрүн эргийэ атаралаан, охсуһан бурҕалла сылдьыбыта. Лэгиэн кырдьаҕас, мындыр сылгыһыт, күһүн үөрү хаһыыга үүрүөхтэрин иннинэ, Харачаас кутуругун сорох утахтарын өрбүтэ. Дьэ ону билбэккэ биир аһыҥастаах Харачааска ыстанаары сыыһа туттан, кутуругу хабан аһыытыттан иилистэн, арахсаары мөхсөн тилигирэйбитэ. Харачаас дьилэй-муос сытыы туйахтарынан аһыытыттан иилистэн соһулла сылдьар кыыл эҥил баһын, сымыыт хаҕын курдук, хампарыта тэбиэлээн кэбиспитэ. Ити дьулаан хапсыһыыны көрө охсон, атын аһыҥастаахтар дьаадьыйан, тыас хомунар аатыгар түспүттэрэ. Оттон били кыыл Харачаас кутуругар иилистэн, хаанынан хардыргыы соһуллан сылдьымахтаһан баран, кэмниэ-кэнэҕэс арахсан хаарга умса түһэн сытан хаалбыта.

Амырыын түүн кэнниттэн Туоһахта олоҕор улахан үөрэҕи ылбыта. Уоттаах харахтаах кыыл сыта муннугар үйэтигэр сүппэттии иҥэн хаалбыта. Харачаас үөрүн ити алаастан атын алааска көһөрөргө күһэллибитэ. Инньэ гынан, Сиэллээх биэ бастаан, атын биэлэр батыспыттара, оттон Харачаас кэннилэриттэн, үөрүн күөйэн былыргы омоох ыллыгынан, хаара арыый оҥхоччу түһэн чарааһаабыт сиринэн халдьаайы сыырын дабайан, бары субуруһан тахсан бара турбуттара. Туоһахта куттаммыта ааһан биэрбэккэ, били дьаардаах сыт кэлээрэй диэбиттии, оччугуйкаан таныыларын тардырҕахпахтаталаан ыла-ыла, ийэтин ойоҕоһугар сыстыаҕынан сыстан хаампыта. Арай эмискэ аттыттан туох эрэ үрүҥ дьүһүннээх, уһун кулгаахтаах харамай сүрэҕэлдьээбиттии ойуоккалаабытыгар соһуйан, кута көтө сыспыта. Ийэтэ, хата, онно эрэ кыһаллыбат, онтон эр ылан Туоһахта уоскуйа быһыытыйбыта. Ити дьулаан түүнтэн ыла аны туохтан эрэ тэһииркээтэҕинэ, ийэтигэр ойор идэлэммитэ. Ийэ барахсан хонноҕор-быттыгар хорҕойортон ордук эрэллээх туох да суоҕун кыракый мэйиичээнин долоҕойугар хатаабыта. Хата, били аа-дьуо ньохороҥноон чөҥөчөк кэннигэр кирийбит бэдиккэ сэрэнэн сытырҕыы-сытырҕыы чугаһаабыта. Ол да буоллар, сэрэххэ ийэтин диэки хайыһан ыйытардыы көрөөт, оччугуйкаан оҥоспут таныыларынан тыбыыран тарылаппахтаан ылбыта. Ийэтэ онно кыһаллыбата. Хата, били кирийбит маҥан түү кыыл соһуйан ойуур диэки бөчөөхтөөбүтэ. Туоһахта эр ылан дыралдьыйбыт сытыы туйахчааннардаах атахтарынан кэнниттэн ыстаныахтыы оонньохолоон ылбыта. Били кыыл онтон өссө эбии соһуйан икки хараҕа тэстэринэн, туора-маары ойуоккалаат, сыбарга түспүтэ. Сааскы күн куула тыа үрдүнэн тэмтэйэ санньыйан күлүктэр уһаабыттара. Ити курдук Туоһахта олоҕор маҥнайгы арыйыыларын бииртэн биир билэн, олох оскуолатын маҥнайгы хардыыларын оҥорон испитэ.

* * *

Лэгиэн ыаллыы сытар «Кыһыл агроном» холкуос сылгыһытыттан икки бөрө биир биэни тардыбыттарын истэн дьиксиммитэ. Онон бэрдээнин ылбыта, үс-түөрт сүнньүөхтээҕин уктаат, атын ыҥыырдыы охсон, суһаллык арҕаа Барыллыалаах алааска айаннаппыта. Лэкиэс оскуолаттан кэлэн баран, ийэтиттэн ол сураҕы истэн аймаммыта. Кини аччыгыйкаан Туоһахтата бөрө айаҕар кииримээри куотан, тоҥуу хомурахха батыллан эрэрин хараҕар оҥорон көрөн аһарбыта. Ийэтэ хотоҥҥо тахсыбытын кэннэ, кэтэҕириин орон улаҕатынан муннукка турбут субуйааҥканы сулбу таһыйан ылаат, таһырдьа тахсан аҕата булка кэтэр хайыһарын кэтээт, сыыйа тэбэн арҕаа диэки соруктаах баҕайытык бурҕаҥната турбута. Күлүктэр уһаан, сааскы күн намтаан эрэрэ.

Лэгиэн Барыллыалаахха көс аҥаарын уһаппакка, илин баска айаннатан тиийбитэ. Сэрэххэ, саатын бэлэм тутан, атын аргыый хаамтаран, мастары күлүктэнэн алаас сыырын түһэн эрдэҕинэ, ата туохтан эрэ сиргэнэн туора ойбута. Лэгиэн кыл түгэнэ ыҥыырын хоҥсуоччутуттан харбаан, тутуһан нэһиилэ өрүһүммүтэ. Бэрдээнин төлө тута сыспыта.

– Бу адьарайдар манна охсуллубуттар эбит, оо, Харачааһым барахсан хайаспыта буолла? – диэн ботугураан ылбыта. Араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Алааска киирбитэ – Харачааһын үөрэ суох буолан биэрдэ. Арай куула тыа аннынан ыраах туох эрэ хараара сытарын көрдө.

«Оо, кыайардар кулунчугу туппуттар дуу?» – сүүһүгэр сарт түспүт көлөһүнүн ытыһынан киэр хаһыйаат, саҥа аллайбыта. Онтон эмиэ да мунаара санаабыта. «Өскөтүн кулуну туппуттара буоллар, сиэҥнэригэр баар буолуохтарын сөп этэ. Эбэтэр киһи иһэрин билэн, тыаҕа түһэн чуҥнуу сыталлара дуу? Харачаас хайаан мүччү туттарбытай?» – диэн саныы-саныы, оргууй хаамтаран испитэ. Арай чугаһаары гыммыта, доҕоор, ата сиргэнэн таныытын тардырҕаппыта, өрө холоруктаталаан ылбыта. Лэгиэн атыттан ойон түһэн, үүнүн кэбиһиилээх от күрүөтүн тоһоҕотугар иилэ быраҕан, атын хаалларан, сүүрбэччэ хаамыылаах сиргэ ыкса чугаһаабыта.

«Оо, ол иһин да», – диэн саҥа аллайбыта. Харачааһа обургу ардай аһыылаах баһын хампырыта тэбиэлээн өлөрбүтүн борукка балыйтаран бастаан билбэтэҕэ, онтон дьэ өйдөөн көрөн, салгын сиэн хараара килэйбит сирэйэ мүчүк гыммыта. Лэгиэн иннигэр сүүнэ атыыр бөрө ардьаллыбыт араҕас аһыыларыгар Харачаас кутуругун хара кыллара сыыйыллан быга сыталлар эбит. Лэгиэн бөрөнү бэрт эрэйинэн кутуругуттан соһон, балай да бодьуустаһан куула тыа саҕатыгар илдьэн баран, чугастааҕы чөҥөчөк хаарын хаһыйан, сынньана олордо. Табаҕын таһааран тарда олорон, Харачааһын хайгыы санаата: «Барахсаным, төһө эрэ охсуһан бураллаҥнаата буолла, дэҥнэммэтэ ини». Итинник саныы олорон көрдөҕүнэ, ата эмиэ чөрбөҥнөөн, миэстэтигэр тэпсэҥнээн ылаттаата. Лэгиэн дьаарханан бэрдээнин тымныы уоһуттан харбаан, бэлэм тутта. Арай алаас уҥуор илин бас сыырын үрдүгэр боруҥуйан эрэр халлааҥҥа туох эрэ хамсыырын көрдө. Сылгы диэҕи кыра курдук, бөрө диэҕи эмиэ атыҥҥа дылы. Онтон сыныйан көрбүтэ – хайыһардаах киһи омооно сүүрэн бурҕатан иһэр эбит.

– Бай, бу хайалара сааланан-саадахтанан иһэр буоллаҕай? – диэн ботугураат, Лэгиэн туран саатын сүгэн, атын диэки хардыылаабыта. Хайыһардаах киһи элэҥнэччи сүүрэн бурҕачытан иһэн, тугу эрэ хаһыытыыр саҥатын истэн, Лэгиэн ытырыктата санаата. Арай өйдөөн көрбүтэ, бэйэлээтэр бэйэтин уола Лэкиэс буолан соһутта.

– Аҕаа, Туоһахта? Туоһахта?! Тыыннаах, тыыннаах дуо? – аҕылыырын быыһыгар хаһыытаан ыйыта-ыйыта, сүүрэн сырылатан кэллэ. Лэгиэн, дьэбир, аҕыйах саҥалаах аҕамсыйа барбыт киһи, салгыҥҥа хараара килэйбит сирэйигэр мичээр оҕото сыдьаайан ылбыта. Уола саҥа төрөөбүт кулунчугу булан, кини саҕа дьолломмут киһи суоҕа. Тута Туоһахтанан сүрэхтээбитэ уонна оҕо оҕо курдук кутун Туоһахтатыгар туттарбыта.

Лэкиэс аҕатыттан чугас хаарга туох эрэ хараара сытарын көрөн тохтуу биэрбитэ. Кэҥээбит хараҕынан ыйытардыы аҕатын көрбүтэ.

– Бөрө, бөрө, нохоо, Харачаас обургу ити ардай аһыылаах адьарай эҥил баһын хампы тэппит.

– Оттон Туоһахта, Туоһахта?

– Туох ааттаах Туоһахтанан сүрэхтэтэн хааллыҥ? Тыыннаах ини. Харачаас үөрүн мээнэ былдьаппатах атыыр буолуо. Үөрүн нөҥүө алааска күрэппит.

Лэкиэс тиийэн өлө сытар бөрөнү көрөн этэ саласта. Төһө да өлө сыттар, ыстанан туран килбэспит дьулаан аһыыларынан хабарҕаҕа түһүөхтүү, тоҥон уота өспүт хараҕынан Лэкиэһи одуулуу сытара. Лэкиэс этэ салаһан кэннинэн чинэриҥнээтэ.

– Баччалаах сири хараҥаҕа былдьатаары мээнэ сүүрэкэлиир сэрэхтээх буолбатах дуо, нохоо? Бу үлүгэр адьырҕалар киһилиэхтэрэ дуо. Билигин торҕонноон аҕай сырыттахтара.

– Эс, аҕаа, субуйааҥкылаахпын дии.

– Дьэ, хас ботуруоннааххыный?

– Биир, – Лэкиэс бөрөттөн куттаммытын биллэрбэт буола сатыы-сатыы, боччумнаахтык туттан хоруйдаата.

– Ол биир ботуруон диэн, үөргэ түбэстэххинэ тугу абырыай? Чэ, ити хайыһары ол тииккэ өйөннөр. Барыахха, хараҥаҕа аһары былдьатыахпыт. Баран иһэн Тоҥуулаахха сылдьан, Харачааспыт үөрүн көрөн ааһыахпыт. Ити кыылы кэлин сыарҕалаах атынан кэлэн дьаһайыллыа, – инньэ дии-дии, тоҥ мас лабааларын тоһуталаан, бөрө үрдүгэр сабыта быраҕаттаата. Аттарын мэҥэстэн, атыыр үөрэ барбыт суолун бата, сиэллэрэ турдулар.

Туоһахта бөрө айаҕар киирэн биэрэ сыһан, ийэтиттэн ыарыылаахтык арҕаһыттан хадьырыйыллан, үйэтин тухары умнубат улахан үөрэх ылбыта. Сотору биир ханнык эрэ алаас куула тыатыгар кэлбиттэрэ. Харачаас чуҥнаан чөрбөлдьүгэс кулгаахтара уҥа-хаҥас эргичиҥнээбиттэрэ. Сыт ылан төбөтүн үөһэ көтөҕөн, таныыларын тардырҕатан тыбыырбахтаабыта. Онтон аллара туруору сыыр хаарын сэрэнэн тэлэн, кырыытынан хаама-сүүрэ былаастаан, алааска киирэн мастар быыстарыгар сүтэн хаалбыта. Атын биэлэр, Сиэллээх биэ хамсаабакка күүтэн турарын иһин, эмиэ иһийэннэр, ол-бу диэки тыас иһиллээн турбуттара. Сотору алаас диэкиттэн Харачаас кистиир саҥатын истэн, Сиэллээх биэ куула сыырын налыы сирин талан аллара түһэн, биэлэр, кулунчуктар бары субуруһан батыспыттара. Иннилэригэр эмиэ киэҥ алаас нэлэһийбитэ. Харачаас утары сүүрэн кэлэн үөрүн күөйэн, хаһыылаах сиргэ илдьибитэ. Туоһахта иннин-кэннин кэтэнэр, туох эмит туора сыт муннугар охсуллан аастаҕына, тэһииркээн ийэтин быттыгар сыстар буолла. Бары да уйулҕалара көппүтэ, си-дьүгээр ааһа охсон биэрбэккэ, тыаһырҕаан тахсыбыттара. Ол да буоллар, Харачаас уонна Сиэллээх биэ кинилэргэ үрүҥ тыыннарын өллөйдөөччү, көмүскээччи буоланнар, налыйан хаһыыларыгар тарҕаспакка, бэйэ-бэйэлэриттэн чугас сылдьан, киирэн эрэр күнү сайыһа көрбүттэрэ. Кулунчуктар сөп-сөп ийэлэрин соппойон, анаан хаһыллыбыт оттоох дулҕалар быыстарыгар сытаталаан барбыттара. Туоһахта саҥа нухарыйан эрдэҕинэ, Харачаас сүр улаханнык суос бэринэн кистээн дьириһиппитэ. Бары, эмиэ туох эрэ куттал суоһаата дии санаан, чөрбөҥнөһө түспүттэрэ. Арай Туоһахта көрбүтэ, арҕаа чугастааҕы тумулга аҕатын Харачаас курдук бөҕө-таҕа атыыр үрдүгэр урут көрөн аһарбыт икки атахтаах харамайа аны иккиэлэһэн көстүбүттэрэ. Харачаас иҥэрсийэн ылбытыгар анараа ат эмиэ кистээн дьырылаппыта. Аттаахтар ол кэлэн чочумча тохтоон, тугу эрэ даллаахтаһан, кэпсэтэр дорҕоонноро сааскы дьыбардаах киэһэ быһыта-орута иһиллэн ааспыта. Туоһахта туох да куттал суоһаабатын, ийэтин майгытыттан эндэппэккэ билэргэ үөрэммитэ.

Чугаһаан иһэн Лэгиэн Харачааһа кистиирин истэн долгуйан ылбыта. Хата, онто кини иһэрин билэн кистиир эбит. Лэгиэн Харачааһын хаста да баайан сүүрдэн, ыһыахтарга мүһэ ылаталаан тураллар. Онон миннэрин бэркэ билсэллэр. Оо, Дьөһөгөй оҕото барахсан өйүн оҕото сыттаҕа дии. Харачаас кулунуттан төрөлкөйө харахха быраҕыллан, кыра эрдэҕиттэн маанылаан, борсоон улаатыннарбыта. Кырдьаҕастар үтүө атыыр оҕото утумнуур, онон кэлин дьоһун атыыр тахсар чинчилээх диэн сабаҕалаабыттара оруннаах буолбута. Үөрүн энчирэппэккэ бу илдьэ сырыттаҕа. Лэгиэн, Харачааһын хайгыы саныы-саныы, үөрүн аахпыта. Оттон Лэкиэс Туоһахтата тыыннааҕыттан олус үөрэн, оҕотук сүрэҕэ сылааһынан битийэ тэппитэ.

Оччолорго биэни мээнэ ыабат этилэр, ыһыахтарга анаан кымыска эрэ ыыллара. Ол иһин кулуннар сайыны быһа ийэлэрин эмсэхтэнэн, күһүн бэркэ төлөһүйэллэрэ. Туоһахта дьылыгыр уһун атахтардаах күөкэйбит үрдүк моойдоох, сытыы туйахтарын үрдүгэр чэпчэкитик дугунан, кырыытынан оонньохолуурун киһи эрэ астына көрөрө.

* * *

Лэкиэс үөрэҕин быыһынааҕы уһун өрөбүллэригэр Лэгиэн айааһаабыт сиэр соноҕоһунан, аҕатыгар көмөлөһөн, алаастары, үрэхтэри сыыйсара. Ол сылдьан түгэн көһүннэҕинэ, Туоһахтатын көрөн, хараҕын сымнатан ааһара. Тоҕотун бэйэтэ да билбэтэ. Туоһахтаҕа кутун олус туттарбыта. Ол баҕар, Туоһахта саҥа төрөөн күн сирин көрөр түгэнигэр туоһу буолбутуттан эбитэ дуу? Эбэтэр инники олохторун тоҕооһуннаран тургутар туску тардыыта эбитэ дуу? Туох билиэ баарай. Ол да буоллар, Лэкиэс биир бүччүм санаалаах. Ол – сиппит-хоппут Туоһахтатын миинэн, ыһыахха ат сүүрдүүтүгэр биэтэккэ тыал курдук маҥнайгынан сүүрдэн кэлэр ыратын сүрэҕэр бүөбэйдээн, иитиэхтии сылдьар.

Кэм-кэрдии ааһан испитэ. Туоһахта чөрөгөр сытыы кулгаахтардаах, көҕүлүн аннынан кэлтэгэй ый курдук туоһахталаах, уһулу ойуох курдук дьэргэлдьийбит өйдөөх харахтардаах, тардырҕас киэҥ таныылардаах, киһи эрэ умсугуйа көрөр кулуна буолбута. Дьылыгыр уһун атахтарын түөрт түөрэм сытыы туйахчааннара эрчимнээхтик иһэҕинэн бырдааттанан, быыппаста сүүрэр идэлэммитэ. Кулун бэйэтэ, күһүн хаар түһүүтэ, убаһаҕа кубулуйбута. Харачаас үөрүн убаһаларыттан саамай төрөлкөйдөрө буола улааппыта. Оччолорго убаһалары араарбат этилэр, онон үөргэ дьаалаларынан бүөбэйдэнэллэрэ. Туоһахта ити курдук балтараа сааһыгар тый, үс сааһыгар соноҕос буолан, тыыллан-хабыллан тахсыбыта.

Лэкиэс эмиэ оҕо эрдэҕиттэн хара үлэҕэ миккиллэн, эриллэн, буутун этэ буһан, сиһин этэ ситэн, төрөлүйэ улааппыта. Үрдүкү кылаастарын уһун сынньалаҥнарыгар холкуоһун күүстээх, түбүктээх үлэтигэр төбөтүн оройунан түһэрэ. Лэгиэн уолун астына көрөр, туйахпын хатарыах киһим диэн, иһигэр эгди сананар буолбута. Онон Лэкиэһин бэйэтигэр сыһыаран илдьэ сылдьара. Лэкиэс оҕо эрдэҕиттэн акка сыстаҕас буолан уонна Туоһахтатын миинэр, айааһыыр баҕаттан үөрүүнэн тук курдук сылдьара. Сылгыһыт үлэтэ диэн, тоҥуулаах-хатыылаах, сыра-сылба баранар, ылбычча киһи манан аҕай ылыммат да, кыайбат да үлэтэ этэ. Манна аҥаардас күүс-күдэх эрэ быһаарбат, акка сыстаҕас, ат майгытын-сигилитин үчүгэйдик билэр, мындыр, тулуурдаах, дьулуурдаах эрэ киһи кыайар идэтэ этэ. Дэлэҕэ да Лэгиэн эдэр сааһыгар Ааллаах Үүнүнэн таһаҕас көтөҕүүтүгэр элбэхтэ сылдьан, Көмүстээх Бодойбо бэртэрин кытары алтыһан, кииллийэ чэрдийбит сүрэҕэ билигин дьэ эмэхсийии модьоҕотун атыллаан эрдэҕэ. Онон олоҕор тугу билбитин-көрбүтүн уолугар уһуйарга санаммыта. Биир ыра санаатын толорон, Лэкиэһин ат баайыытын ымпыгар-чымпыгар үөрэтэн барбыта.

Саас Харачааһы кытары икки кытыылыыр соноҕоһу тутан быалаан баайбыттара. Соноҕостортон биирин Лэгиэн бэйэтэ айааһаабыта. Оттон иккиһин, күндүл-хаҥыл, айаас буолан өрө мөхсөрүн иһин, Лэгиэн айааһаамаары гыммытын уола Лэкиэс буолуммакка, бэйэтэ айааһаабыта. Ат баайыытын ымпыгын-чымпыгын тутуһан, син аттарын бэлэмнээбиттэрэ. Дьэ күүтүүлээх кэмнэрэ кэлэн, хаар бидиргэхтиирин саҕана, Лэгиэннээх үс баайбыт сүүрүк аттарын сэтиилэнэн, оройуон киинигэр тиийбиттэрэ. Ол саас Харачаас бүтэһигин сүүрбүтэ. Хатыһыылаах икки аҥаар көскө хол аҥаара сырдыктаах, биэтэккэ иккис кэлбитэ. Сүүрдүү кэнниттэн Харачаас уоскуйбутун кэннэ, Лэгиэн атыырын көлөһүннүрбүт моонньун оргууй таптайа-таптайа:

– Дьэ, нохоо, саас ылан, күүһүҥ-күдэҕиҥ бэйэбэр дылы өһүллэргэ бараахтаан эрэр эбит. Онон аны уолуҥ Туоһахта туйаххын хатарар кэмэ кэллэ быһыылаах, – диэбитигэр Харачаас иччитин өйдөөх харахтарынан көрбүтэ уонна сөпсөһөрдүү иҥэрсийэн ылбыта.

Оттон соноҕостортон биирэ, аһара тэһии, күндүл-хаҥыл буолан, суолуттан туораан хаалбыта. Иккиһэ сааскы чигдигэ халты тэбинэн, бүдүрүйэн ортоку кэлбитэ. Инньэ гынан, илиилэрин соттуохтарын, хата, Харачаас бириистээх миэстэни ылан, санаалара син бэттэх кэлбитэ. Атын холкуостар сылгыһыттара аттарын бэркэ баайан кэлбиттэрэ харахха тута быраҕыллыбыта. Аттара кырыыларынан тыкаарыйан, үҥкүүлээмэхтээн сүрдээхтэрэ. Чэ ол да буоллар Лэгиэн санаатын Туоһахтаҕа уура сылдьар, онон бөҕөх. Бу сааскы сүүрдүүгэ харыстаан айааһаабакка, хаһаана сылдьыбыта.

АЙААҺАНЫЫ

Туоһахта да кини барыллаата төрүөхтэр, бары улаатан төлөһүйэн барбыттара. Онон аҕалара Харачаас хааннааҕынан көрөн, көмөр күдэрик сиэлинэн илгистэн, сыыһа-халты хабыалаан лаһырҕатан, соноҕостор дьалты туттар буолбуттара.

Хаар ууллан, күөххэ үктэнэн, Харачаас үөрэ тотон төлөһүйүү бөҕөтө буолбуттара. Харачаас, Сиэллээх биэ уонна хас да биэ буоланнар, алаас ортотугар баар булгунньах үрдүгэр тахсаннар, сарсыарда аайы күн тахсыытын уруйдаан кистээн дьырылаталларын Туоһахта астына көрөрө. Аллараттан эмиэ хардаран кистээн ылаллара. Оо, Туоһахта эмиэ аҕатын Харачаас курдук хаһан эрэ бэйэтэ бас билэр үөрдэннэҕинэ, итинник күнү уруйдуоҕун санаан, оргууй тыбыыран ыла-ыла сири табыйбахтыыра. Кини обургу ситэн-хотон, ордук күөх от минньигэс ньаассын сүмэтиттэн сүүлэ киирэн, сөп-сөп били тэрилэ кытаатан, хаатыттан тахсан, уһаан бөскөйө тыҥыыра. Этин сааһа хайдах эрэ дьикти минньигэстик, иһин түгэҕин диэки дьырылаан ылара. Этэ-сиинэ тыҥаан, быыппаста ойуолаан, бэйэтин барыллаата соноҕостору үтэн-анньан, күөнүнэн түһүтэлээн, сиирэ-халты хабыалаталаан ылара. Анарааҥҥылара да эргичис гынаат, салгыны тэбиэлээн куһурҕатыһа оонньууллара. Икки кэлин атахтарыгар туран табыйсан да ылаллара. Биллэн турар, ол хамсаныылар хайа да уолҕамдьы оҕотук харамай олоҕор кэлин көрсүөхтээх, үрүҥнэрин-хараларын быһаарар түгэннэригэр, тургутууларыгар туһалыаҕын долоҕойдоругар анааран да көрбөттөрө. Айылҕалатан, ис хааннарыттан оонньуу былаастаах эрчиллиилэрэ этэ.

Ол курдук күөх сайын кэхтэн, көмүс күһүн күлүмүрдээн ааспыта. Маҥнайгы хаар кыраһалаабыта. Сир тоҥо быһыытыйбыта, түүнүн дьыбардар түһүтэлииллэрэ. Биир үтүө күн били аттаах харамайдар кэлэн кинилэри, хас да соноҕоһу, үөртэн быһа анньан арааран, күөйэ көтүтэн, кэккэлэһэ сытар алааска үүрэн киллэрэн, хааччахха хаайбыттара. Туоһахта хайдах эрэ уйуһуйан хаалбыта. Тоҥ күөнүнэн түһүөлээн хааччах сиэрдийэлэрин тоһутуохча тииһэн эрдэҕинэ, били икки харамайдартан биирдэһэ уһун ураҕаска туох эрэ быатын иилэн баран, кини диэки сыбдыйан эрэрэ баара да, моонньун төрдүн диэки быа иилиллэ түспүтэ. Туоһахта онтон соһуйан, таныытын тардырҕатаат, туора ойон иһэн, моонньуттан эпсэри ылбыт быа кытаанахтык тардыбытыттан сөһүргэстии түспүтэ. Оо, аймалҕан бөҕө буолан эрэрин кулгааҕын уһугунан истэн аһарбыта. Ойон тураат, аны төттөрү өттүгэр ыстаммыта. Ок-сиэ! Били моонньун ыбылы ылбыт быа быһа ыстанан, «тас» гыммыт тыаһыттан соһуйан, Туоһахта хааччах үрдүнэн көтөн күдээрийбитэ. Уонна кэннигэр били харамайдар хаһыыларын хаалларан, иннин хоту ойуолаабыта. Лэкиэс Туоһахтата быатын быһа түһэн, түөрт үүт күрүө үрдүнэн күндүл сиэр сиэлэ өрө үрэл гынан ойон кыырайаат, сабыдыал кутуруга субурус гынан уохтаахтык ойуолаабытын астына көрөн турдаҕына, аҕата хаһыытаан тоҕо барбыта:

– Хайа, нохоо! Тугу даллайан баран турдуҥ?! Оҕуургун уонна ол кылгас ураҕаскын ыла тарт, ситэн тутуохха!

Лэкиэс онно эрэ өй ылан, оҕуурдаах ураҕаһын харбаан ылаат, сымса үлүгэрдик эрийэ тутан салҕыы турдаҕына, Лэгиэн атын бөҕө быһыылаах хатыс оҕууру уолун диэки элиппитэ. Бэйэтэ атыгар сүүрбүтэ. Лэкиэс аҕата кыыраппыт оҕуурун хапсаҕай үлүгэрдик хабан ылаат, атын үрдүгэр мохсоҕол курдук хатана түспүтэ. Уонна атын быттыкка тэбэн кибилиннэрээт, өрө холоруктатан, аҕатын кэнниттэн ойута турбута. Оҕуурун дьоҕус ураҕаһыгар аҕата такайбытын курдук үөрүйэхтик бэрийэ охсубута уонна быатын уһугун ыҥыырыгар баар быатыгар сэтиилэнэр гына туомтуу тардыбыта.

Оттон Туоһахта сабыдыал кутуруга субуллаҥнаан, оол иннилэригэр тэйиччи ойуолаан ууннаран эрэрэ. Лэкиэс аҕатын ситэн кэлэн ойоҕолуу ойутан иһэн:

– Аҕаа, сиппэппит буолуо ээ, – диэн долгуйбут куолаһынан аҕатыттан ыйыппыта.

– Ситиэхпит, нохоо, тот буоллаҕа дии, сотору өрөһөтө тыҥатын хам анньыа, ити маҥнайгы уоҕугар эрэ быыппастаахтыыр, – диэбитэ.

Туоһахта балайда сири ойуолаан баран, сотору тохтоон, уйуһуйбут сүһүөҕүн үрдүгэр үҥкүүлээмэхтээт, кэннин хайыһан көрбүтэ, доҕоор, икки аттаах харамайдар кинини супту көрбүтүнэн ойутан аҕай иһэллэр эбит. «Дьэй эрэ, ити буоллаҕына!» – дии санаат, Туоһахта иннин хоту түһүнэн кэбиспитэ. Тот буолан сотору-сотору утуруктаан бирдиргэтэрэ. Өр сүүрбэтэҕэ, тыҥатын күүгэнэ икки дьабадьытынан тохтубута. Дьэ ол курдук уоҕа уостан, Туоһахта сир өппөтөҕө, сотору бытаарбыта. Сылгыһыттар үөрүйэх, баайыылаах аттара өр гыныахтара дуо, сотору ситэ баттаан ылбыттара. Кэннигэр туйах тыаһа бөҕө өрө батыгыраабыта. Туоһахта уҥа диэки туора ыстаммыта, арай били харамайдартан кырдьаҕаһа бу сирэйэ мэлэйэн иһэр эбит. Туоһахта онтон соһуйан аны хаҥас ыстанан эрдэҕинэ, били кутталлаах, муомахтаан тыынын хаайан тумнара сыспыт эдэрэ, быатын ураҕаска иилэн баран, бу көтүтэн иһэр эбит. Лэкиэс оҕуурдаах ураҕаһын Туоһахтаны ойоҕолуу көтүтэн иһэн, кэнниттэн сиэлин үрдүнэн аҕалаат, күөйэн төбөтүн угар гына иилээт, атын тэһиинин хаҥас салайа тарпыта. Эмискэ ол быа обургу, эриэн үөннүү куһуурбутунан, моонньугар эриллэ түспүтэ. «Оо, иэдээн!» – диэн санаа Туоһахта төбөтүгэр күлүм гынан ылбыта, ону сэргэ били быа харса суох моойун хам тарпыта. Туоһахта ону күүппэккэ испит буолан, бүдүрүйэн, кыраһалаабыт алаас халтаҥ хадьымалыгар халты тэбинэн тас уорҕатынан барбыта. Түөрт түөрэм туйахтара сири булбакка, үөһэ адаарыс гыммыттара. Инньэ гынан, сүүрэн испит уоҕар буолан, биэс-алта хаамыы холобуру халтарыйан тас иэнинэн сырылаабыта. Онтон өй ылан ойон тураат, иннин диэки ыстаммыта. Били моонньугар эриллибит быа хам ылан, тыынын бопторон өссө иэдэйбитэ. Сэниэтэ дэлби эстэн барбыта. Оттон икки өттүттэн ыга астаран кэлбит эккирэтээччилэр ситэн, иннигэр түһэн, ойутан испиттэрэ. Онтон бытааран сиэллэрэн барбыттара. Туоһахта өһөстөҕүнэ, өссө хам тардылларын билэн, тэҥҥэ сиэлсэргэ эрэ тиийбитэ. Ол гынан, сотору били хааччахха чугаһаабыттара, кэтэһэн турар биир харамай суон сиэрдийэлэри нэһиилэ иҥиннэрэ-иҥиннэрэ субуйан ааны аһан биэрбитинэн Лэгиэннээх обургулар Туоһахтаны мөҕүһүннэрбитинэн, соһо былаастаан, хааччахтарыгар киллэрбиттэрэ. Ол киирээт да, эдэрэ атыттан ойон түһэн, Туоһахта баайылла сылдьар быатын чугастааҕы баҕанаҕа эрийэ тардыбыта. Туоһахта быатын өссө быһа түһүөх санаата киирэн тиргиллэн көрбүтэ да, били мааҕыҥҥы уоттуйбут хатыстан атын бөҕө-таҕа, оҕус тириититтэн тэлиллэн оҥоһуллубут хатыс быа быстыахтааҕар өссө хам ылбыта. Лэгиэннээх Туоһахтаны уоскута түһэргэ, бэйэлэрэ да тыын ылан сынньанарга быһаарыммыттара.

Лэгиэн табах уурунан мохуоркатын соппойо олорон, уола баайыллан турар соноҕоһу астыммыттыы одуулуурун бэлиэтии көрөн, арыттаах араҕас тиистэрэ атыгыраан, мүчүйэн ылбыта. Кини иннигэр икки күннэригэр сылдьар эдэрдэр: уола, оҕотук бэйэтэ уолан, уолҕамдьы уонна саҥа быаламмыт, сүүһүн ортотугар туоһахталаах күндүл-хаҥыл соноҕос. Боҕуу быатыттан иҥнэн, тула холоруктаан, икки илин туйахтарынан сири табыйбахтаан, харалҕаннык кистээн дьириһитэр соноҕоһу көрөн, улаханнык астыммыта. Бу икки эдэр сүрэхтэр биирэ – айааһаары, хатыс быаны лаппыйан, баҕанаҕа эпсэри тардыбыт, иккиһэ онно сөпсөспөт мөккүөрүгэр тыын былдьаһан, үрүҥүнэн көрөн, мөхсөн бураллаҥныыра. Дьэ ол бэйэлэрэ имнэрин билсэр, ким кыайыылаах тахсара быһаарыллар түгэннэрэ тирээн кэлбитэ. Туоһахта уоскуйа быһыытыйбытын кэннэ, Лэгиэн уолугар Лэкиэскэ:

– Чэй, – диэн кылгас саҥа аллайыы кэннэ Лэкиэс сыбдыйан кэлэн, тыҥаан турар быаны харбаан ылан тардан барбыта. Лэгиэн уонна өссө биир киһи буолан көмөлөөн, Туоһахтаны баҕанаҕа сыһыары тардыбыттара. Сиэрдийэ быыһынан кутуругуттан эрийэ тардан хааччах бөҕө-таҕа сиэрдийэлэригэр хам тардан кэбиспиттэрэ.

Туоһахта мөхсөн да туһа суоҕун сэрэйэн турунан кэбистэ. Тугу эрэ эҥил баһыгар кэтэрдэн эрдэхтэринэ, соһуйан, өрүтэ ходьоҥолоон тиргиллэн көрдө да, кыаллыбата. Баһын ыга тардан сулары кэтэртилэр. Оо, аны айаҕар тугу эрэ кылыгыратан-халыгыратан симтилэр. Тымныы тимир дьабадьытын таарыйбытыгар сөбүлээбэккэ, баһын илгистээри гыммыта табыллыбата. Аны арҕаһын, уорҕатын имэрийбэхтииллэр, тугу эрэ үлүгүнэһэллэр. Хаар-сиир эрэ талбытынан дьапталанар уорҕатыгар тугу эрэ саба ууран баран, иһин курдуу экчэччи хам тартылар. Туоһахта туохха-туохха түбэспитин билбэккэ, атаҕынан сири табыйа-табыйа тыбыырар, хаһыҥырыыр эрэ аатыгар турда. Сүрэҕэ тахсан барыах курдук биллиргиирэ, ордук моонньун хам ылбыт хатыс быа тууйар сиригэр ньиллиргииргэ дылыта. Оо, арай маны аҕата Харачаас көрөрө буоллар, сытыы тиистэринэн, тоҥ күөнүнэн, дьаргыл таас туйаҕынан тырыта-хайыта табыйталаан, тоҕута-быһыта тэбиэлээн сөптөрүн көрдөртүө этэ. Оо, абатын ини. Хараҕын уута субуруйда, ис-иһиттэн эҥсэн ийэлээх аҕабар иһиллээрэй, баҕар, иһиттэхтэринэ, көмүскүү сүүрэн бурҕачыҥнаан кэлиэхтэрэ диэх курдук санааттан кистээн дьириһиппитэ алаас эниэлэригэр эҥсиллэн, туруу тумулларыгар охсуллан бара турбута. Лэгиэн Туоһахтаны сыарҕаҕа сэтиилээн айааһыыр ньымалааҕын туттан, биир акка сыарҕа көлүйэн хааччахха киллэрээри гыммытын уола Лэкиэс сөпсөспөтө. Бу күнү кини сүрэҕэр бүөбэйдээн үс сыл күүппүтэ. Туоһахта түөрт түөрэм туйахтарын үрдүгэр чэпчикитик дугунан үҥкүүлээмэхтээн ылаттыыр, үрдүк арҕаһын үрдүнэн бураллаҥныы оонньуур ньалака сиэллээх, суон төрдүлээх уһун күөкэйбит моойдоох, кылдьыылаах чаккырыас харахтаах, субуллубут сабыдыал кутуруктаах, киһи эрэ астына, дуоһуйа, умсугуйа көрөр үчүгэй быһыылаах-таһаалаах, сүүһүгэр туоһахталаах күндүл күөх көҕөччөр соноҕос буола ситэн сириэдийбитэ. Лэкиэс да кыаһаан эрдээх сэбэрэлээх, дараҕар сарыннаах, кырыылаах харылаах уола хаан, эр бэрдэ буолан, борбуйун көтөҕөн, саадаҕын үстэ курданан ситэн-хотон, Туоһахтаны айааһыырга толору бэлэм буолбута. Бу үүммүт күн икки атах уонна Дьөһөгөй оҕото түҥ былыргы таас үйэтигэр Таас Бас уонна тураҕас атыыр хааннаах хапсыһыыларын иннинээҕи түгэн курдук, чыҥкыныы тыҥаабыта. Ол эрэн манна эйэлээх, илин-кэлин быһаарсыы, айааһааһын уонна айааһаныы түгэнэ үүммүтэ.

Лэгиэн уолун сирэйэ-хараҕа туран, харахтара уоттааҕынан чаҕылыҥнаһалларын хайгыы, дуоһуйа көрбүтэ. Кини эмиэ бэрт өрдөөҕүтэ Харачааһы айааһаан турардаах. Ол обургу, Туоһахтаҕа холоотоххо, модун, күндүл-хаҥыл буолан, хас да хатыс быаларын быспыта. Күүһэ-уоҕа да дьикти этэ. Дьэ ол бэйэтэ айааһанан ааттаах-суоллаах буулуур чох хара, Харачаас дуо дэтэн, сүүрүк аатын ылыан ылбыта. Кэлин атыыр ааттааҕа буолбута. Биэс сыллааҕыта Хаҥаластан атастаһан ылбыт сиэнчэр кытыылыыр кытыттара, Харачаас обургу харалҕанын ханнарар үчүгэй төрүөхтээх, дьоһуннаах, Сиэллээх биэҕэ кубулуйбута. Дьэ ол бэйэлэрин, икки бэртэн ууһаабыт уоллара Туоһахта, бүгүн көҥүлгэ көччүйэ оонньохолообут күннэрин күөмчүлээри, бу икки атахтаах харамайдар хам кэлгийэн, тыына-быара ыгыллан, кыһыытыттан сири табыйбахтыы, эҥил баһын буккуйбахтыы, көҕүлэ-сиэлэ өрө үрэллэҥнээн, тыбыыран ылаттыы турбута.

Лэгиэн быа төбөтүн тутан туран анараа биир уолга:

– Хааччах аанын аһа оҕус, – диэн соруйбута. Түөрт бөҕө сиэрдийэлэринэн сабыллан турар хааччах аанын хачаайы баҕайы уол ыксаан тардыалаһан, аллараа икки сиэрдийэни бэрт эрэйинэн субуйан аһаат, үөһээҥҥилэри ыксаан хаалан сатаан аспакка булумахтана турдаҕына, Лэкиэс күрүөҕэ сыстан хапсаҕай үлүгэрдик Туоһахта көхсүгэр хатана түһээтин кытары, аҕата туомтуу бааллыбыт кэлгиир быаны төлө тардан кэбиспитэ.

Туоһахта көхсүгэр сүгэһэр буолбут, агдатын кытаанахтык кыпчыйбыт харамай, үүн тимир уостуганынан икки дьабадьытыттан ыарыылаахтык эҥил баһын хантаччы тардыбыта. Өрө холоруктуу сылдьар Туоһахтаттан куттанан аан аһааччы үөһээ сиэрдийэтин ситэ субуйбакка туора ыстаммыта. Лэкиэс тула холоруктата сылдьан хааччах аанын диэки салайа тардаат, Туоһахтаны ыарыылаахтык тимир иҥэһэтинэн быттыкка тэбэн кибилиннэрбитэ. Ону сэргэ үүнүн ыытан кэбиспитэ. Туоһахта барахсан үс үүт сиэрдийэ үрдүнэн көтөн күдээриппитэ. Уорҕатыгар кытаанахтык хатаммыт харамайы быраҕаары араастаан иннинэн-кэннинэн мөҕөн көрбүтэ да, били баҕайыта агдакатын өссө күүскэ кыпчыйбыта. Туоһахта тыынын тууйар быаттан төлөрүйэн, сүһүөхтэрэ кычыгыланан икки атаҕар өрө тураат, икки инники туйахтарынан күһүҥҥү чэлгиэн салгыны хайыта табыйбахтаан эрдэҕинэ, быттыктарын тимир иҥэһэ ыарыылаахтык тэппитэ. Онтон соһуйан, Туоһахта ньохчос гынаат, эт-этэ барыта күүрэ түһээт, иннин диэки түһүнэн кэбиспитэ. Кини өйүгэр эмиэ да кэлгиллэн турбут хааччаҕыттан көҥүлгэ көтүү үөрүүтэ, эмиэ да көхсүгэр миинэн иһэр харамай кулгааҕын аттыгар сатарыччы күлэр саҥата, сылаас ытыһынан күндүл күөкэгэр моонньуттан таптайар эрчимнээх ытыстара барыта үлтү ытыллан хаалбыта. Аны дьабадьытын уҥа-хаҥас тардыалаан салайан, баҕарбытын хоту ойуолаабатын өйдөөбүтэ.

Оо, Лэкиэс барахсан, Туоһахта өтөрүнэн сэллэммэтэх сиэр сиэлэ сирэйин быһыта сынньарын аахсыбакка, Манчаары мохсоҕол, күндүл айаас күөх көҕөччөр соноҕоһунан, Улуу добдурҕаны силлиэлээхтик силэйэн, Күөх Кэтириинэтигэр көтүтэн эрэрин санатан, хаар иһэхтэринэн тамнааттанан, үрүҥ күн диэки ойута турбута. Оо, икки атах барахсан уонна сүүһүгэр күн суһума күлүмүрдүү чаҕыллар Дьөһөгөй оҕото Туоһахта бу добдурҕа дьыбардаах киэһэ олохторун маҥнайгы кэрдиис кэмнэрин харалҕаннаах сүүрээнэ эдэркээн сүрэхтэрин уйуһута тиҥиргэппитэ…

Дьэ ити курдук Туоһахта өтөрүнэн уһуллубат бас быатын сулары кэтэн, көҥүлэ күөмчүлэнэн, айааһанан Лэкиэс илиитигэр киирбитэ.

* * *

Лэкиэс сааһа ситэн, Сэгэйик диэн таптал ааттаах бииргэ үөрэнэр кыыһын кытары бодоруһан, хам-түм атын оҕолор көрбөттөрүнэ, истиҥник мичээрдэһэн аасыһар буолбуттара. Сэгэйик ааттаах уус оҥорбут дьикти кэрэтик эҥсиллэ дьүрүһүйэр хомустааҕа. Лэкиэс бастаан ол хомус тыаһын истээт, олус соһуйбута. Оҕо эрдэҕинэ, эбэтэ тардарын истэрэ. Биирдэ оскуолаҕа Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин сүүрбэ үс сылын көрсө кэнсиэр көрдөрөөрү бэлэмнэнии буолбута. Лэкиэскэ: «Үс ыстыык үөһүгэр» диэн хоһоону үөрэт», – диэн учуутала сорудахтаабыта. Үс ыстыык хараҥаттан үөмэр тымныы дьэбир уһуктарын санаан, оҕону аһыммыта. Көрүдүөргэ хоһоонун үөрэтэн, добдугураччы ааҕа-ааҕа, төттөрү-таары, үлүгүнэйэ-үлүгүнэйэ хаамыталыы сылдьыбыта. Арай кылаас аһаҕас аанынан бэрт дьикти, кэрэ дьүрүскэн бастаан симиктик, онтон сыыйа улаатан, кэрэттэн кэрэ дорҕооннор дьүрүһүйэн, күөрэгэй ырыатын санаппыттара. Лэкиэс этин сааһа дьырылаан аһылларга дылы гынан, сүрэҕэ битийэн ылбыта. Ким ити дорҕооннору олус кэрэтик тыаһатарын билээри, кылаас сэгэйэн турар ааныгар оргууй хааман тиийэн, быыһынан көрбүтэ, Сэгэйик оонньуу турара. Ол хомус тыаһын истэн, Лэкиэс олус сөхпүтэ. Өссө дьиктитэ, кыысчаан икки аҥыы кичэйэн өрүммүт баттаҕа, кылдьыылаах киэҥ харахтара, толлойбут уоһа олус кэрэтийэн көстүбүттэрэ. Күн аайы Сэгэйик аттыгар сылдьан, хайдах маннык тупса улааппытын өйдөөн көрбөккө сылдьарыттан бэйэтиттэн бэйэтэ сөхпүтэ. Өссө түөһэ томтойон тахсыбытын соһуйа көрбүтэ. Оо, кэбис, аны ити санаабын ким эрэ сэрэйиэ диэбиттии, тула өттүн көрүммүтэ, итийэн кытарбыт иэдэһин кистиирдии, тэйэ хаампыта. Хоһоон эрэ, туох эрэ, кулгааҕар – дьикти дьүрүскэн, хараҕар – хомустуу турар кэрэ куо. Лэкиэс төбөтүгэр урут Туоһахта эрэ баар буоллаҕына, билигин аны Сэгэйик мичээринэн сэгэйэн, ыйытыга суох уйаламмыта. Дьэ, ити күнү олох умнубат.

Сэгэйик кыыс көстөр дьүһүнүнэн, кырдьык да, ис киирбэх мөссүөнэ, арылыччы көрбүт хараҕа, истиҥ мичээр саспыт обуйук уоһа хайа да уолан сүрэҕин долгутар буола, ситэн-хотон испитэ. Саха кыыһа симик эбит буоллаҕына, Сэгэйик оннук буолбатах этэ. Комсомуолга киирэн, аныгы ыччат бэрэстэбиитэлэ буолан, сытыы-хотуу этэ. Сороҕор хоһоон суруйарга холоноро. Лэкиэс Туоһахтанан сүүрдэрин астына көрөрө. Ол иһин аҕатын сымнаҕас атыгар мииннэрэргэ үөрэттэрбитэ. Ийэтэ барахсан намыын куолаһынан:

– Бу кыыс даҕаны, акка дэҥнэнээри, тугун эмиэ акаары быһыытай, – диэтэҕинэ: – Ийээ, аныгы киһи барыны-бары сатыыр, кыайар буолуохтаах, – диэн чаҕаарара. Инньэ гынан, убайын ыстаанын уларсан, уоллуу таҥнара. Аттара сымнаҕас буолан, сатаан ыҥыырдыырга үөрэттэрбитэ. Бастаан чугастааҕы чөҥөчөккө атын сиэтэн илдьэн миинэр идэлэммитэ. Оннук кыра-кыралаан миинэн хаамтара үөрэммитэ.

* * *

Туоһахта хааччахха хаайыллан, көҥүл сүүрбүтүн-көппүтүн суохтаан, бастаан туоххаһыйар этэ. Кэлин сыыйа Лэкиэскэ үөрэнэн, иччи оҥостон күүтэр буолла. Лэкиэс кэлэн моонньуттан таптайа-таптайа тугу эрэ саҥарара да, ону Туоһахта өйдөөбөт этэ. Аччыктата-аччыктата, кыра-кыралаан аһатан, дэлби хатарбыттара. Күҥҥэ хаста да хаамтараллара. Онтон эмиэ да сиэллэрэллэрэ. Сороҕор сүһүөҕэ дэлби кычыгыланан, күүскэ түһүнүөн баҕарара да, Лэкиэһэ тэһиинин кытаанахтык тутан бохсоро. Ол быыһыгар дьэ баҕата ханыар диэри тыынын-уоҕун, харалҕанын таһааран сүүрдэллэрэ. Оччоҕо Туоһахта Лэкиэс киксэрэн биэрэрин истэ-истэ, өссө эрчимирэн биэрэрэ. Бастаан били туталларыгар быатын быһа түһэн күрүөнү үрдүнэн көтөн күдээритэн, быыппаста да ойуолаабыта ээ. Сотору аҕылаан көлөһүнэ сарт түһэн, эстэн хаалаахтаабыта. Онно холоотоххо, билигин олох атын туруктаммытыттан Туоһахта хайдах эрэ астынар буолбута. Төбөтүн күөрэччи өрө көтөҕөн, күөкэгэр моойун токурутан, уу дьоруонан сиэлэн иһэрэ олоҥхо бухатыырын атын санатара.

Биирдэ атын үөрдэртэн икки соноҕоһу эбии аҕалан, эмиэ баайан барбыттара. Анараа соноҕостор чырбалдьыһан түһэн сүрдээхтэрэ. Саастарынан киниттэн аҕалар этэ, ол иһин хайдах эрэ кинини сэнээбиттии көрөллөрө-истэллэрэ. Кини да хааныгар аҕатын Харачаас хаҥыл хаана хайҕахтаах тойон сүрэҕин түллэҥниир ньиргиэригэр тиҥиргэччи тыгыахтыыра. Түөрт түөрэм үктэл туйахтарыгар сааскы күн чаҕылыйа оонньуура. Күөнэ кэтитэ, арҕаһа үрдүгэ, саала халыҥа, быакаҕар быһыылааҕа, тупсаҕай тууралааҕа. Атахтарын сүүрүккэ холоонноох быччыҥнара бөлтөрүһэ оонньууллара.

Биирдэ үһүөннэрин биир киэҥ соҕус хааччахха киллэрэн баран, Лэкиэс, тус-туспа солуур аҥаардыытынан өлүү-өлүү эбиэс кутуталаан биэрбитэ. Анараалара үлүмнэһэн урут тиийэн өлүүлэрин кимигирэтэн барбыттара. Туоһахтаҕа Лэкиэһэ лэппиэскэ тооромоһо кэһиилээх кэлбит этэ. Туоһахта бу минньигэс сыттаах кыра лэппиэскэни, имигэс сылаас уостарынан бигээн ылан, сиэн кэбиспитэ. Лэкиэс, Туоһахта хараҕар атын бэйэлээхтик мичээрдээн ньолбойбут сэбэрэтин көрүнэн, күлэн ылбыта уонна Туоһахтатын хоҥоруутун имэрийэн, моонньутун таптайбахтаабыта. Кинилэр эдэр эт саастыы доҕордуулар курдук сыһыаннара дириҥээн испитэ. Лэкиэс Туоһахтатын иннигэр эбиэһин кутан баран хааччахтан тахсан, кыбыыга от тарда барбыта. Туоһахта эбиэһин астына-астына саҥа кимигирэтэн эрдэҕинэ, арай биир соноҕос кулгааҕын ньылатан кини диэки хааман эрэрэ баара да, кулгааҕын сиирэ-халты хабан, сытыы тиистэрдээх, дьаардаах айах тыаһа «лас» гыммыта. Туоһахта соһуйан туора ыстаммыта. Били соноҕостортон улахана кини бурдугун сиэн кимигирэтэн киирэн барбыта. Туоһахта бу сиэргэ баппат быһыыттан көхсүн хаана хойдо түспүтэ да, эргиллэ биэрээт, икки кэлиҥҥи атаҕынан күүс өттүнэн күөмчүлүүргэ санаммыт соноҕоһу ойоҕоско тэбэн кибилиннэрбитэ. Анараа баҕайы халбарыс гынаат, икки атаҕар туран, сиэлэ бурал гыммыта. Туоһахта аҕата Харачаас атын атыырдары кытары охсуһарын хаста да көрбүт буолан, хаһыҥырыы түһээт, атаҕар өрө тураат, икки инники туйахтарынан табыйсан, сытыы дьыраал аһыытынан хадьырыйсан барбыта. Анараа соноҕос маннык күлүмэх күөн көрсүүнү күүппэтэх буолан, дубук туттан биэрбитэ. Икки бэртэр хабарҕаларын муҥунан кистээн ыла-ыла, күөн-күөннэринэн түсүһэн, тиис-тиистэринэн тиниктэһэн, өй-мэйдээх тулуйбат үлүгэрин түһэрбиттэрэ. Лэкиэс отун тарда сылдьан ону олус соһуйа истибитэ. Онтон өй ылан сүүрэн кэлиэр диэри, туйахтар табыйсан битигирэспиттэрэ, тиистэр сиирэ-халты хадьырыйсан лаһырҕаспыттара. Лэкиэс хааччахха, хаһыырбытынан, ойон киирээт, ураҕаһынан анараа соноҕоһу сискэ мииннэрбитигэр соһуйан, үрүө-тараа ыстаммыттара. Дьэ ити күнтэн ыла анараа соноҕостор Туоһахтаттан саллан чугаһаабат буолбуттара. «Сэнээбититтэн сэттэтин ыллаҕа» диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ.

Ол киэһэ холкуос сылгыларын дэҥнэһиигэ тиэрдэ сыспытын иһин Лэкиэс аҕатыттан улаханнык мөҕүллүбүтэ. Ол да буоллар кини Туоһахтата харса-хабыра суоҕун көрөн астыммыта. Харачаас туйаҕын хатарыа диэн билгэлээбитэ оруннаах буолбутуттан Лэгиэн да Туоһахтаны иһигэр хайҕыы санаабыта. Кэлин ситтэҕинэ-хоттоҕуна үөрүн көмүскээн, кыылы да кытары охсуһар туруктааҕыттан дуоһуйбута. Оттон Лэкиэс Туоһахтатын бэйэтигэр ханыылыы көрбүтэ.

Лэкиэс аһылык кэнниттэн сиэбигэр лэппиэскэ тооромосторун уктан, Туоһахтатын муннугар үҥүлүтэн күндүлүүр буолбута. Хааччахха чугаһаан иһэн кыратык иһиирэн Туоһахтатын ыҥырдаҕына, иҥэрсийэ-иҥэрсийэ сиэлэн кэлэрэ. Ити курдук Туоһахта Лэкиэһи иччи оҥостон, бэл, сорох соноҕостору кытары бодьуустастаҕына, сөбүлээбэккэ сири табыйбахтаан ылара. Кинилэр икки ардыларыгар көстүбэт туох эрэ дьикти, сырдык ситим үөскээбитэ.

Лэкиэс оскуолатыгар үөрэнэрин быыһыгар аҕатыгар көмөлөһөрө. Күн-дьыл, элэмэс биэ кулунун батыһыннаран элэс гынан ааһарыныы, баран испитэ. Оҕо аймах тоҕуоруйбут, эдэр саас эргийэр киинэ – оскуола олоҕо күөстүү оргуйара. Кэлиҥҥи кэмҥэ Сэгэйиги биир үрдүкү кылаас уола сүгүн хаамтарбакка хаадьылаан тахсар идэлэммитэ. Оччолорго сорох оҕолор оскуолаҕа хойутаан киирэн эбэтэр кылаастарыгар дэлби хаалан, саастарын ситэн, сорохторо, бэл, эдэр учуутал кыргыттары одуулаһар буолаллара. Биирдэ Сэгэйик дьүөгэлэриниин сынньалаҥ кэмигэр хомустарын таһааран оонньуу олордохторуна, ол уол киирэн кэлээт, Сэгэйик хомуһун былдьаан ылбыта уонна биэрбэккэ эрэйдээбитэ. Сэгэйик да харса суох буолан, хомуһун былдьаһан турбута. Онуоха ол уол Сэгэйиги түҥнэри садьыйан кэбиспитэ. Лэкиэс ол түгэҥҥэ түбэһэ киирэн кэлбитэ. Кини Сэгэйик хомойон ууламмыт хараҕын көрөөт, хаана оргуйа түспүтэ. Били киһийдэх киниттэн лаппа аҕа, модьу-таҕа да буоллар, ону аахсыбакка, ыстанан тиийээт, сыҥаахха хабылыннарбыта. Онто хараҕын өҥүргэһинэн көрөн тиэрэ таһылла түспүтэ. Лэкиэс сиргэ төлө түһэн эрэр хомуһу сүр хапсаҕайдык «лып» гыннаран хабан ылбыта уонна оргууй хааман тиийэн хомуһу кыыска ууммута. Сэгэйик барахсан ууламмыт харахтарыгар махтал сыдьаайа көстөн ааспыта. Ол кэмтэн ыла били уол Сэгэйиккэ сыстаҥнаабат буолбута, оттон Лэкиэс Сэгэйигиниин, бэл, ардыгар аргыстаһар буолбуттара. Сыһыаннара өссө иһирэхсийэн, сүрэхтиин-быардыын бэйэ-бэйэлэригэр курдары тардыһан, оҕо туҥуй саастара харалдьыкка үүммүт кэрэ ньургуһуннары санаталлара.

* * *

Ити хааччахха буолбут хабырыйсыы кэнниттэн ойоҕоһун тэптэрбит соноҕос, икки-хас хонук ыарыыланан баран, хата, чөлүгэр түспүтэ. Дьэ хатарыллан-баайыллан, чырбалдьыһан, соноҕостор сүүрэр кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ.

Лэгиэннээх Уһун Эбэлэриттэн үс соноҕоһу сэтиилэнэн, күһүҥҥү добдурҕа саҕана улуустарын киинигэр, Майаҕа, аттаммыттара. Күһүҥҥү күн тиит төргүү мутугар ыйаныыта, аллаах аттар туйахтарын тыаһа чигдигэ сытыытык чыбырҕаһан кэлэн, Майа үрдүгэр тохтообуттара. Лэгиэн сыыр үрдүттэн Майа алааһын таҥнары өҥөйөн, атыгар сөҥөн олоро түспүтэ. Ким билиэй кини бу түгэҥҥэ тугу саныырын? Баҕар, Манчаары хам аччык оҕо сылдьан салааскатын соһон, абаҕатыгар Чоочоҕо от көрдөһө баран иһэн тохтоон ааспытын дуу эбэтэр түһээн түҥкүлүйбүт иччилээх түүлүгэр аан ийэ дойду уот кутаанан умайан эрэрин, Лэкиэһин хаан буолбут сымыһаҕын, «аҕаа» диэн ыҥырарын? Туох билиэ баарай…

Майаҕа тиийэннэр билэр ыалларыгар хонук сирдэрин булбуттара. Аттарын баайталаан, сыбыдахтаталаан, уоскутан сойуппуттара. Сарсыарда ааттаах эрдэ туран, аттарын сүүрдүөхтээх сирдэригэр, Хараттан чугас Куоҥ Харахха, хаамтарбыттара. Туоһахта курбалдьыйан кырыытынан дугуйан, бэрт чэпчэкитик туйахтарын өрүтэ тардыалаан, моонньутун үрдүктүк токутан, сиэлии, хаамыы былаастаан дьоруолуура. Атын икки соноҕостор да, Лэгиэҥҥэ сатабыллаахтык баайыллан, бу ыстанаары тэпсэҥэлэһэллэрэ.

Оччолорго «Живконтора» диэн тэрилтэ саҥа тэриллэн үлэтин саҕалаан эрэрэ. Инньэ гынан, ат сүүрдүүтүн тэрээһинин сөргүтүү үлэтэ барара. Ат сүүрдүүтэ өбүгэ саҕаттан урууларга эбэтэр ыһыах ыстахтарына, былыргы баайдар быһый аттары сүүрдэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ ааттарын ааттаталлара. Ол сиэр саҥа былаас олохтонуоҕуттан умнулла быһыытыйбыта. Холкуостааһын күүскэ барбыта, холкуоска ынахтарын, аттарын үчүгэйин хомуйуу буолбута. Онтон аны кулаактааһын ыар тыына сэниэ ыаллар ааннарын хайыта тардан киирэн, хара көлөһүннэрин күүһүнэн мунньуммут баайдарын уоппустаан ууга-уокка түһэрбиттэрэ. Онон ат сүүрдүүтэ холкуостар атахтарыгар турууларын, үлэ, түбүк сүпсүлгэнигэр умнулла быһыытыйбытын улууска саҥа тэриллибит «Живконтора» иилээн-саҕалаан, дьэ бу ат сүүрдүүтэ Улуу Өктөөп бырааһынньыгын көрсө ыытыллар буолбута.

Айаннаан иһэн биир соноҕос атаҕынан доҕолоҥноон хаалбыта. Онон Туоһахта уонна хабырыйсыбыт соноҕос сүүрэр буолбуттара. Аҕыйах холкуос кытта кэлбит этэ. Бука, холкуостар күһүҥҥү түбүктэригэр ыктардахтара буолуо. Көрөөччү, ыалдьааччы уонна кистээн уксааччылар да муста сатаабыттар этэ. Аттары Лэкиэс сүүрдэргэ бэлэмнэммитэ. Маҥнайгы сүүрүүгэ атын соноҕоһу сүүрдүбүтэ. Алта ат түспүтүттэн биир ат туораан хаалбыта. Икки эргиири маҥнайгы сүүрдээччини кытары илин-кэлин тардыһан испиттэрэ. Биэтэк чугаһаабытыгар Лэкиэс көнтөһүн ыытан соноҕоһун тиэтэтэн, киксэрэн ойоҕолуу ситэн эрдэҕинэ, инники көтүтэн иһэр уол кымньыытынан Лэкиэс соноҕоһун хоҥоруутун охсубута. Онуоха соноҕоһо хантас гынан сүүрэр тэтимин сүтэрэн, бэрт кыранан бүдүрүйэн умса хойуоста сыспыттара. Инньэ гынан, биэтэккэ үһүс тахсыбыттара. Лэкиэс кыһыйдар да, хайыыр да кыаҕа суоҕа. Аны Туоһахтаны мииммитэ. Хас да сүүрдээччилэр аттара бас быаларыттан ыйааста сылдьар ат тутааччыларын истимээри, өрө холоруктуу сылдьыбыттара. Оттон Туоһахта дуоспуруннаахтык туттара, барбах эрэ кырыытынан, сытыы туйахтарын үрдүгэр дугуйара. «Чэй!» диэн хаһыыны кытары аттар түһүнэн кэбиспиттэрэ. Лэгиэн уолугар Лэкиэскэ уонна Туоһахтаҕа туһаайан: «Соргуо! Соргуо! Соргу дугуй!» – диэн алгыы хаалбыта. Туоһахта хара маҥнайгыттан инники уһулу ойон тахсыбыта. Лэкиэс Туоһахтата аһара уйуһуйан сэниэтин эһиэ диэн, үүнүн тарда соҕус олорон сүүрдүбүтэ. Туоһахта иннин хоту бэрт чэпчэкитик ойуолаан, сабыдыал кутуруга сундулуҥнаан, сиэлэ иччитин сирэйин сабыы испитэ. Туоһахта урут маҥнай тутулларыгар дуона да суох сири батыччахтаат, тот ханна өрөһөтүн ыга анньан аҕылаан барбытын күлүм санаан ааспыта. Оччолорго холоотоххо билигин чыҥха атын эбит. Кэннигэр битигирэйэр туйахтар тыастарын сэргэх кулгаахтара иһиллии истилэр. Чугаһаары гыннахтарына, өссө быыппастан эбэн биэрэр. Иччитин киксэрэр саҥата кулгааҕар иһиллэн ааһара. Туоһахта ол курдук аттар атан, түөрэм түөрт туйахтара сиргэ дугунар-дугуммат элэҥнээн, иннин диэки кыырайа турбута. Кэннигэр иһэхтэр үрүҥ туллук курдук кылбаҥнаһа ыраах көтөллөрө. Инньэ гынан, икки аҥаар эргиири өр гыммакка, эргийэ көтүтэн, биэтэккэ маҥнайгынан тахсыбыттара. Көрөөччүлэр хаһыы-ыһыы бөҕөтүн түһэрбиттэрэ. Лэкиэс үүнүн нэһиилэ тардан, Туоһахтатын тохтоппута. Туоһахта өссө да кыахтаахпын ээ, тоҕо ыыппаккын диэбиттии, үүнүн уостуганын хам ытыран, уйуһуйан өрө холоруктуу сылдьыбыта. Лэкиэс атыттан ыстанан түһэн, Туоһахтатын уоскутан, моонньуттан таптайталаан ылбыта. Туоһахта үҥкүүлээмэхтэтэлээн баран сыыйа уоскуйбута. Лэгиэн уолугар хааман кэлэн, илиитин ыга туппута. Туоһахтаны моонньуттан таптайа-таптайа: «Дьэ, нохоо, аҕаҥ Харачаас туйаҕын хатардыҥ!» – дии-дии мичээрдээбитэ. Лэкиэс эмиэ соргута тосхойон, муҥура суох үөрүү түөһүн толорбута. Оттон Туоһахта өссө сүүрэр баҕата батарбакка, чэпчэкитик дугунан үҥкүүлээмэхтээн ылара. Бу салгын сиэн хараара килэйбит сирэйдээх Лэгиэн, имэ тыалтан тэтэрбит Лэкиэс уонна кырыытынан буола үҥкүүлээмэхтээн ылар Туоһахта Куоҥ Харах төргүү мутугар ыйаммыт күн уотугар өссө кэрэтийэн көстөллөрө.

Кыайыы-хотуу көтөллөнөн, сарсыныгар өтөхтөрүн быспыттара. Аллаах аттар барахсаттар сэттэ көһү киһилиэхтэрэ дуо, түөртүүр ыам саҕана тиийэн кэлбиттэрэ. Сэгэйик Лэкиэстээҕэ ситиһиилээх эргиллибиттэрин истэн, долгуйан сүрэҕэ битийэ тэппитэ. Кини бэйэтэ да билбэтинэн, кутун эмиэ Туоһахтаҕа туттарбыта. Онно баҕар, Лэкиэс сабыдыаллаабыта эбитэ дуу? Суох, кини ити чэбэр, сүүһүн ортотугар туоһахталаах соноҕоһу көрөөт, сөбүлээбитэ. Ордук Лэкиэһэ Туоһахтатын миинэн, ойутан эрэрин көрдөҕүнэ, сүрэҕэ доҕуурга иҥнибит туллук курдук, тахсан барыахтыы, толугураччы мөхсөрө. Оннук кэрэ көстүү этэ, бу икки эдэр саас уонна уолан уох тулхадыйбат доҕордоһуулара.

* * *

Лэгиэннээх Туоһахтаҕа анаан Харачаас үөрүттэн ураты, атын үөрдэртэн биир-биир сыымайдаан хомуйан, сэттэ кытыты быһа анньан, хааччахха аҕалан хаайталаабыттара. Туоһахта, хас биэ аҕаллахтарын аайы, барыларын үтэн-анньан көрөрө. Сүргэтэ сүрдээҕин көтөҕүллүбүтэ. Оо, барахсаттар, сыттыын туох эрэ олус умсугутуулаах турук кини сүрэҕин долгуппута. Бэл, сүһүөҕэ мөҕүтэлээн ылара. Сорох биэлэртэн кэлэр дьикти сыт таныытыгар минньигэстик дыргыйара. Айылҕалатан, атыырҕаан сүүлэ киирэн, били тэрилэ дэлби тыҥыыра, өрүтэ хороҥноон өрөҕөтүгэр охсуоланара. Оччоҕуна били дьикти сыттаах биэлэргэ чугаһаары гыннаҕына, анарааҥҥылара кулгаахтарын ньылатан, тиистэрин килэтэн атыннык суоһурҕанан ылаллара. Инньэ гыналларыттан кыйыттан Туоһахта бэйэлэрин үчүгэй аҕайдык сиирэ-халты хадьырыйталаан, хабыталаан лаһырҕатара. Аҕатын Харачаас хаана көхсүгэр көймөстөн, хааннааҕынан көрүтэлээтэҕинэ, анараалара тэйэ хаамсаллара.

Арай биир киэһэ күһүҥҥү буһурук туманын быыһынан ыраах олус кэрэтик, дьикти дьүрүскэн буолан, биэ кистиирэ иһиллибитэ. Бары ол диэки чөрбөс гына түспүттэрэ. Туоһахта сэлбиллибэтэх көҕүлүн быыһынан сытыытык чолбоодуспут харахтарыгар, туус маҥан сиэлэ үрэллэҥнээн, кытыылыыр биэ кырыытынан тыкаарыйа сиэлэн, Лэгиэннээх Лэкиэс аттарыгар күөйүллэн иһэрэ көстүбүтэ. Оо, кэрэ да көстүү. Туоһахта хайдах эрэ сүһүөхтэрэ мөҥөн ылбыттара. Аҕатын Харачаас курдук моонньун үрдүктүк токутан, сүүһүн ортотугар кылбайар туоһахталаах эҥил баһын илгистэн ылаат, көҕөччөр сиэлинэн үрэллэҥнии оонньоон, иччилээх баҕайытык ис-иһиттэн эҥсэн кистээн дьириһиппитэ. Онтон соһуйан атын биэлэр чөрбөҥнөһө түспүттэрэ. Оттон бурдук, эбиэс тобоҕор-ибэҕэр кыттыһан, Омоллоон оҕонньор олоҕор олорсубут барабыайдар, татыйыктар соһуйан, бурал гынан көтөн тахсыыларыгар сорохтор ыһыктан кэбиспит хойуулара биэлэр үрдүлэригэр саккыраабыта. Туоһахта тоҥ күөнүнэн хааччах суон сиэрдийэтэ хаачыгырыы түһүөр диэри сааллыталаабыта. Били туус маҥан биэ аана аһаҕас аттынааҕы хааччахха күөйүллэн киирэн иһэн, эмиэ дьикти кэрэтик, Туоһахта сүрэҕин ортотунан дьириһийэн киирэр кэрэ дьүрүскэнинэн кистээн дьырылаппыта. Туоһахта бэйэтэ да билбэтинэн ити үүт кэрэ кытыылыыр биэ кылдьыылаах хараҕын, быакагар биилин, курбалдьыйбыт таһаатын олус астына, сөҕө, умсугуйа көрбүтэ. Биэ, ханна-ханна кэллим диэбиттии, тулатын сытырҕалаабыта, уйуһуйбут хараҕынан Туоһахта диэки көрүтэлээбитэ. Кулгаахтара, икки үргээри өндөҥнөһөр туллуктар курдук, эргичиҥнээбиттэрэ. Хаайыллыбыт хааччаҕыттан тахсар сир көрдөөн кыйа, төгүрүччү сиэлэн тамайбыта. Туоһахта уоскутардыы иҥэрсийэн ылбытыгар тохтоон, чуҥнуурдуу көрөн турбута. Аргыый хааман кэлэн, күрүө быыһынан төбөтүн уган сытырҕалаан көрбүтэ. Ити курдук маҥнайгы билсиһиилэрэ саҕаламмыта. Күн-дьыл ааһан испитэ. Туоһахтаны биэлэри барыларын кытары биир хааччахха хаайан аһаппыттара. Онон үөр баһылыгын Туоһахтаны кытары бодоруһан барбыта. Туоһахта хара ааныттан били кэлин аҕалбыт үүт кэрэ биэни тула көппүтэ, биэтэ да бу сүүһүн ортотугар туоһахталаах хара көҕүлүн быыһыттан кимиэллээхтик эриличчи көрбүт тураҕас, эдэр атыыры дуоһуйа көрөн сыһыарбыта. Биир үтүө сарсыарда тыҥ хатыыта, хааччахтан таһааран чугастааҕы алааска күөйэн илдьибиттэрэ. Туоһахта саҥа үөрүн иннигэр күөйэн сиэлэ турбута. Сорох биэлэр халыйаары гыннахтарына, самыыларын сиирэ-халты хабыалаан лаһырҕатан боччуйталаан биэртэлээбитэ. Кини биэлэрин сыттарын барыларын ааҕа билэрэ. Оттон били сөбүлүү көрбүт биэтин бэйэтин аттыгар туппута. Бастыҥ хаһыыларга илдьэрэ. Ити курдук Лэгиэннээх Лэкиэс Туоһахта үөрүн бэркэ көрөрүн итэҕэйэн, ыраах бастыҥ хаһыылаах үрэх баһыгар үүрэн, кыстык сирдэрин булларбыттара.

Лэкиэс оскуолатын бүтэрэр түмүк сылыгар Сэгэйик биир кылааһынан аллара үөрэнэрэ. Онон чугас-чугас ыаллыы да олороллорун быһыытынан, бииргэ аргыстаһан, сэргэстэһэ үөрэнэ сылдьыбыттара. Ол саас «ОСОАВИАХИМ» диэн ааттаах оборуонаҕа бэлэмнэнии уопсастыбатыттан, оскуолаларыгар биир байыаннай таҥастаах эдэр киһи кэлэн, улахан кылаас уолаттарын байыаннай дьыалаҕа үөрэппитэ. Устуруойдатара, хаамтарара, сэрии саатын ыһарга, хомуйарга уһуйара. Сыал ытыытыгар, бастыҥ уолаттарга диэн, значок туттарара. Ити үөрэҕи Лэкиэс сонурҕаан, Лэкиэс эрэ буолуо дуо, уолаттар бары умсугуйан туран дьарыктаммыттара. Лэкиэс бары эт-хаан өттүнэн тургутууларга, сүүрүүгэ, кыранаата быраҕыытыгар атыттартан чорбойоро. Сыал ытыытыгар биир бастыҥ ытааччы буолан, ол «Ворошиловский стрелок» значогу маҥнайгынан кэтэн, түөһүн мөтөччү соҕус туттан хаамыталыыра. Сэгэйигэ, атын да кыргыттар Лэкиэһи тула көппүттэрэ. Ити курдук үөрэх чиэппэртэн чиэппэргэ ойуолаан, ылааҥы күннэр тиийэн кэлбиттэрэ. Лэкиэс оскуолатын бүтэрэн, Сэгэйик өссө биир сыла хаалан, үөрэх дьылын түмүктээн, үөрүүлэрэ үрдэ суох буолбута. Иккиэн да ситэн, Лэкиэс кэтит дараҕар сарыннаах, биэкэгэр бииллээх, дьороҕор сотолоох уола хаан буола, оттон Сэгэйик иирэ талах курдук чочуонай таһаалаах, долгуйдьуйбут хара суһуохтаах, кылдьыылаах харахтаах кэрэ куоҕа кубулуйбута. Саас, оо, сандал саас, эдэр саас, дьикти кэрэ саас. Сир-дойду эмиэ силигилии ситэн барбыта.

Туоһахтаҕа эмиэ туһугар үтүө кэмнэр тосхойбуттара. Кыыдааннаах кыһыны этэҥҥэ төлө түһэн, сааскы күн сыралҕана көхсүлэрин сылыппыта. Туоһахта көҕүйбүт биэлэрин сыттарын ыллаҕына, айылҕалатан, таныытын кычыгылатар имэҥ сүр минньигэстик били тэрилин дьырылата күүрдэрэ. Дьэ оччоҕуна биэлэрин биир-биир үрдүлэригэр ыттан таҕылын ханнарара. Биллэн турар, били үүт кэрэ биэтин маанылаан, дуоһуйа таптаһаллара. Күөххэ үктэнэн эбии төлөһүйбүттэрэ. Туоһахта сиэлэ, кутуруга хойдон, уһаан, быһыыта-таһаата киһи хараҕа туолар атыырыгар кубулуйбута. Хам-хаадьаа атын үөрдэр ыырдарыгар охсулуннахтарына, үөрүттэн биир эмэ биэни быһа анньан, күрэтээри саантаан дураһыйар атыырдары кытары туйах-туйахха, тиис-тиискэ түсүһэн үөрүн энчирэппэтэҕэ.

* * *

Үрүҥ түүннэр үүммүттэрэ. Лэгиэннээх Туоһахта үөрүн чугаһатан, Уһун Эбэ алаастарыгар аҕалбыттара. Онно ордук Сэгэйик үөрбүтэ уонна: «Туоһахталаах үөрдэрин көрдөрүөҥ дуо?» – диэн Лэкиэстэн көрдөспүтэ. Биир күн Лэкиэс Сэгэйиги илдьэ, икки аты миинэн, Туоһахта үөрүн көрө барбыттара. Лэкиэс биир уостаах субуйааҥкатын сүгэн, баҕар, көҕөн ытар санаалааҕа. Аара хас да куһу көрбүттэрэ да, ат үрдүттэн ытар табыллыбата. Лэкиэс, Сэгэйик ата сиргэнэн быраҕыа диэн, туттунан ыппатаҕа. Күн оройо биир үрэҕи батан, кэҥэс алаас илин баһын сыырын үрдүгэр кэлэн тохтоон, аттарын үрдүттэн Туоһахта үөрүн ыраахтан көрөн, астынан күө-дьаа кэпсэппиттэрэ. Туоһахта обургу ыраахтан суос бэринэн, төбөтүн өрө көтөҕөн, хойуу көҕүлүн быыһынан чолбоодуччу көрөн, сиэлэ бураллаҥнаан, үөрүн күөйүөхчэ буолан эрдэҕинэ, Лэкиэс иһиирбитэ. Туоһахта чөрбөс гына түспүтэ, онтон сүр улаханнык кистээн дьырылатаат, Лэкиэстээх диэки сиэлэн бураллаҥнаабыта. Лэкиэстээх Сэгэйик миинэн иһэр аттара ороһуйан тэпсэҥнэһэ түспүттэрэ. Хардары-таары кэпсэтэр курдук, эйэнэн кэллибит диирдии, иҥэрсийэн ылбыттара. Лэкиэстээх аттарыттан ойон түһэн, аттынааҕы тииттэргэ туомтуу тардыталаан баайа охсубуттара. Иккиэннэрин сүрэхтэрэ үөрүүнэн туолбуттара. Лэкиэс идэтинэн уолугун сиэбин хаста-хаста, Сэгэйиги хааларыгар соруйан баран, инники хардыылаабыта. Сэгэйик тохтоон курус гынан ылбыта. Тоҕо, туохтан? Тыый, Дьөһөгөй оҕотугар күнүүлүү турарыттан иһигэр күлэ да, сонньуйа да санаабыта. Бу икки атах уонна Дьөһөгөй оҕото Туоһахта алаас ортотугар көрсүһүүлэрин сөҕө-махтайа, киэн тутта көрбүтэ. Үөһэ күөрэгэй дьурулуура, мутукча сыта дыргыйара. Сэгэйик хайдах эрэ олус долгуйбута. Күөрэгэй ырыатыгар, ханна эрэ куккууктуур кэҕэ этиитигэр хардарыан санаан ылбыта. Онтон хомустааҕын өйдөөн, таһааран оргууй тардан барбыта. Оо, тоҕо да кэрэтэй бу Орто дойдуга. Туоһахта Лэкиэскэ сылаас муннунан саннын ньуххайара, оттон Лэкиэс чэрдээх ытыһынан модьу-таҕа моонньун таптайа-таптайа, тугу эрэ кулгааҕар сипсийэрэ. Онтон Туоһахта ойоҕоһугар сыста түһээт, сиэлиттэн тардыһан үрдүгэр хап гына миинэн кэбиспитэ. Туоһахта иччитин хапсаҕай туттуутуттан соһуйан, икки атаҕар туран кэлбитэ. Лэкиэс ыксаан, Туоһахта сиэлиттэн харбаан эрэ хаалбыта. Туоһахта мөҥөн иһэн, Лэкиэс иһиирбитин истэн намыраабыта. Лэкиэс атаҕынан имнэнэн, Туоһахтаны киксэрэн биэрбитэ.

– Нохоо, Туоһахтаа, үөргүн билиһиннэр эрэ, – диэн кулгааҕар сипсийбитэ. Туоһахта үөрүн диэки тамайа сиэлбитэ. Кинини сиэллээх биэтэ атыҥырыы көрөн, хаста да кистээн дьырылаппыта. Оо, бу икки эдэр сүрэхтэр долгуйа тиҥиргэччи тэбэллэрэ, Туоһахта сиэлэн тамайар туйаҕын тыаһын, Сэгэйик дьириһитэр хомуһун кытары дьүөрэлэһэн этиэхтэн дьикти тыын Алаас Хотун иччитин уйулҕатын хамсаппыта.

Ол үрүҥ түүнү Лэкиэстээх Сэгэйик бииргэ атаарбыттара. Туоһахта үөрүгэр тиийэн туохтан эрэ сүрэҕэ ороһуйан мөҕүллэҥнээн ылбыта. Бэл, сиэллээх биэтэ сымнаҕас сылаас хоҥоруутунан арҕаһын ньууххайан болҕомтоҕо наадыйарыгар кыһаммата. Кини Лэкиэһэ атын уһун суһуохтаах икки атахтааҕын кытары, эмиэ кини сиэллээх биэтин курдук, чугастык сыстыһан хаамсалларын харааста, атыҥырыы көрбүтэ. Оо, түөрэм түөрт туйахтаах, сүүһүгэр кэлтэгэй туоһахталаах Дьөһөгөй оҕото барахсан тугу түүйбүтэ эбитэ буолла? Ким ону тымтыктанан көрүө буоллаҕай? Үөһэ Дьөһөгөй Айыы бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…

* * *

Лэкиэс Сэгэйигин кытары дуоһуйа күүлэйдээн, көтүөҕүн кыната суох курдук, сарсыарда дьиэтигэр тиийбитигэр дьоно туохтан эрэ санаалара түспүт көрүҥнээх көрсүбүттэрэ. Ийэтэ кэри-куру сирэйдээх саҥата суох чэй бэлэмнээбитэ. Остуолга олорбуттарын кэнниттэн аҕата Лэгиэн көхсүн этиппэхтээн баран:

– Дьэ, Лэкиэс, улахан иэдээн буолбут… Сэрии, арҕаа сэрии буолбут.

Лэкиэс ийэтэ иһитин сото олорон:

– Ол сэрии ыраах ханна эрэ арҕаа буолбут диэбитэ дии, бэйэлэрэ да сэриилэһэр инилэр. Аһыҥа туран эрэр дииллэр, от-мас да үлэтэ элбэх.

Онуоха Лэгиэн көхсүн этитэн баран, табаҕын күлүн холумтаныгар тэбии-тэбии нүһэрдик:

– Холкуоспут бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс, бэҕэһээ киэһэ утуйаары олордохпутуна, киирэн кэпсээн ааспыта. Сураҕа, эдэр дьону бэбиэскэ диэнинэн сотору сэриигэ хомуйаллар курдук үһү, – уонна уолун тургутардыы көрөн олорбута. Лэкиэс Сэгэйигиниин Туоһахтаҕа бара сылдьыбыт үрүҥ түүнүн дьоллоох түгэниттэн олус астынан, көтүөҕэр кыната эрэ суох кэлбитэ эбээт. Оттон дьиэтигэр бу ыар сурах тэҥсик илдьитэ буолан, кинини хайдах эрэ хаарыйбат курдук саныыра.

– Тоҕо, туох сэриитэй, ким сэриилэһэр? – диэн аат эрэ харата ыйыппыта буолбута. Халтаһалара ыарааннар, хараҕа сабыллан ылбыта. Ийэтэ уолун дьолломмут сирэйин хомотумаары:

– Тоойуом, Лэкиэс, сытан нухарыйа түһэн ыл, түүнү быһа утуйбакка, ити оскуола оҕотун Сэгэйиги кытары олус чугасаһыаҥ суоҕа этэ, – диэбитэ. Лэкиэс онно өй ылбыттыы, сирэйэ күлүгүрэн ылбыта:

– Ийээ, мин тоойуом буолан бүппүтүм ээ, уон аҕыс сааспын туолбут улахан киһибин, Сэгэйик да эһиил сааһын ситэр, оччоҕуна бииргэ буолуохпут дии, – остуолтан туран оронугар тиийэн сууллан түһээт, муннун тыаһа буккураабытынан барбыта. Ийэтэ уолун будьурхай баттаҕын имэрийэн ылбыта. Оо, уолун ама ылан барыахтара дуо, күнү көрдөрбүт көмүс туллугун? Оттон Лэгиэни эмиэ араас санаалар үүйэ-хаайа туппуттара. Баар-суох эрэлин, туйахпын хатарыах киһим диир уолун, бу бачча улаатан борбуйун көтөхпүтүн кэннэ ама ылыахтара дуо? Сэрии диэн өлүү-сүтүү аргыстаах, икки атахтаах икки өттүттэн кэйгэллэһэр амырыын суоллара. Һуу, кэбис, арах, арах! Араас санаалар киирэллэр, кэбис…

Суоһар сурах бүтүн холкуостарын устун тилийэ көппүтэ. Сир-дойду да, хайдах эрэ тугу эрэ түүйэрдии, чуумпура уоһуйбута. Ити сэрии саҕаламмытын туһунан сурах кэнниттэн сүүрбэччэ хонук ааспыта. От ыйын бүтүүтэ Лэкиэстээх уот кураан, аһыҥа харааччы салаабыт алаастарын оттоон бүтэрэн, өрүс арыытыгар оттуу бараары сылдьыбыттара. Биир сарсыарда ыаллыы сытар Чурапчы байаҥкамаатыттан боломуочунай кэлэн, 1922 сыл төрүөхтэргэ, Лэкиэстээх Тириипэҥҥэ уонна хас да кинилэр саастыылара уолаттарга, ону таһынан хас да аҕа саастаах дьоҥҥо бэбиэскэ туттаран ааспыта. Икки хонугунан Майа байаҥкамаатыгар киирэргэ бэлэм буолалларыгар сорудахтаабыта. Бу сурах Уһун Эбэҕэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии, ньиргийбитэ. Дьон-сэргэ аймаммыта. Лэкиэстээх Тириипэн уонна хас да эдэр уолаттар буолан, сүбэлэһэн сэргэ оҥоро охсубуттара уонна Уһун Эбэ халдьаайытыгар мустан туруорбуттара. Быраһаайдаһыы тэрээһинигэр холкуостарын бэрэссэдээтэлэ уоттаах-күөстээх тыл эппитэ. Лэгиэн олус хараастыбыта, ол да буоллар тыл көтөҕөн, атаарыы оһуохайын эппитэ. Ол дорҕооно тумултан тумулга охсуллан бара турбута. Туоһахта хаһан эрэ биир туох эрэ тэрээһиҥҥэ икки атахтар итинник эйээрдэн оһуохайдыылларын истибитэ. Ол дуораана хат хатыланан, ыраах эйээрбитигэр чуор кулгаахтара, тэһииркээбит туллуктар курдук, чөрбөҥнөһө түспүттэрэ. Эҥил баһын өндөтөн, хойуу көҕүлүн быыһынан чолбоодуччу көрөн туран иһиллээбитэ. Онно чопчу доҕорун Лэкиэс куолаһа иһиллэрэ.

Киэһэ борук-сорук буолуута үөрүн күөйэн, дьон айманар сирдэрин диэки чугаһаан, чуҥнаан көрбүтэ. Арай ол сырыттаҕына, ханна эрэ хатан иһиирии иһиллибитэ. Көрбүтэ – доҕоро Лэкиэс били уһун сиэллээх икки атахтааҕын кытары сиэттиһэн, халдьаайы сыырын үрдүнэн хааман иһэллэр эбит. Туоһахта үөрүн сиэллээх биэтигэр хаалларан, Лэкиэстээх диэки сиэлэн бураллаҥнаабыта. Сыыры сыыр диэбэккэ, чэпчэкитик дугунан, Лэкиэскэ утары сиэлэн тиийбитэ. Сэгэйик толлон Лэкиэһин кэтит көхсүн кэннигэр сыстыбыта. Туоһахта Лэкиэс сирэйигэр бу сырыыга истиҥ мичээри көрбөтөҕө. Иччитэ хайдах эрэ кэри-куру туттан турара. Туоһахта сылаас хоҥоруутунан Лэкиэс санныгар сыста түһэн сытырҕаталаан ылбыта. Иччитин кэннигэр сыстан турар Сэгэйиги сөбүлээбэтэхтии иҥэрсийэн, кулгааҕын ньылатан ылбыта. Лэкиэс Туоһахтатын уоскутан хоҥоруутуттан, моонньуттан таптайталаабыта, имэрийтэлээбитэ уонна киһилии кэпсэтэн барбыта. Сэгэйик соһуйуон иһин, Лэкиэстээх Туоһахта тугу эрэ өйдөһөр курдуктара, кинилэри туох эрэ көстүбэт ситим бэйэ-бэйэлэригэр тардыһыннарара.

– Чэ, нохоо, Туоһахтаа, мин ыраах сэрии диэннэригэр, төрөөбүт дойдубутун көмүскүү, аттанан эрэбин. Эн дьэ холкуос үөрүн үчүгэйдик көрө-истэ сырыт. Үлэ тириир түгэнигэр күүһүҥ-уоҕуҥ кыайарынан дьүккүйээр дуу. Биһиги ол суостаах сурахтаах дойдуга хайа кыалларынан туруулаһан көрүөхпүт… – ити курдук бу эдэр сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэрин кытары сэмэйдик бырастыыласпыттара.

Сэгэйик Лэкиэһин кэтит түөһүгэр ыга сыстан уһуун-уһуннук саҥата суох тураахтаабыта. Бу Орто дойдуга саҥа олох аартыгар иккиэн сэргэстэһэ, сарын-сарыннарыттан өйөнсөн хаамсыах буолбут доҕоро, Лэкиэһэ, ыра санаатын ытата хаалларан, сарсын сарсыарда ыраах аттаныахтааҕа. Сэгэйик эһэтэ: «Сэрии диэн ынырык, хааннаах кыргыс толооно, онтон бүтүн ордон эргиллэр аҕыйах», – диэбитин сүрэҕэр ыттара истибитэ. Лэкиэс эмиэ хараастара да, эр киһи буолан бэйэ бодотун тардынан дьиппиэнник туттара. Ол, арааһа, кыргыс үтүргэннээх түҥ үйэлэригэр буспут-хаппыт өбүгэтин хаана тымырыгар сүүрэриттэн эбитэ дуу, хайдах эрэ сэрииттэн толлубат этэ. Ити курдук, олус аймаммакка, эдэр дьон сиэринэн сэмэйдик бырастыыласпыттара. Ону уйгуурдумаары, бэл, кумаар да дыыгынаабат курдуга.

Күнүскү ыам саҕана били байыаннай таҥастаах киһи кэлбитэ. Холкуос дьоно, кыралыын-кырдьаҕастыын бары, хонтуора иннигэр мустубуттара. Байыаннай таҥастаах киһи чуор куолаһынан бэбиэскэ туппут, маҥнайгы хомуурга сэриигэ барааччылары биир кэккэҕэ туралларыгар бирикээстээбитэ. Хаалааччылар суугунаһан ылбыттара, саха сиэринэн улаханнык аймаммакка, уоланнарын хараастыбыт харахтарынан көрөн турбуттара. Лэкиэс ийэтэ саҥата суох былаатын төбөтүнэн хараҕын уутун сотто турбута. Лэгиэн уолун эрдээх сирэйин көрөн, уоскуйа санаабыта. Лэкиэс саастыылаахтарыттан арыый өндөс, кэтит дараҕар сарыннаах, салгын сиэн хараарбыт сирэйигэр уоттаах харахтара чаҕылыһаллара. Сэгэйик харахтарыгар санньыар санаа, долгуйуу, Дьылҕа Хаантан Лэкиэһин көмүскүүрүгэр ааттаһыы көстөрө. Холкуостарын бэрэссэдээтэлэ тыл эппитэ, бары да саҥата суох, санааҕа хам баттатан иһиллээн турбуттара. Байыаннай таҥастаах киһи сэрии туһунан кылгас иһитиннэрии оҥорбута. Ньиэмэс халабырдьыттара сэрэтиитэ суох сидьиҥник саба түһэн улахан өлүү-сүтүү тахсыбытын, ол эрээри Сэбиэскэй Кыһыл аармыйа Иосиф Виссарионович Сталин салалтатынан күүстээх утарсыыны оҥороллорун туһунан иһитиннэрбитэ. Кыһыл аармыйа күүстээҕин, өстөөҕү сотору уодьуганныаҕын туһунан эрэннэрбитэ. Онно дьэ бу эдэр буойуннар бэриниилээхтик сулууспалыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Өссө «Коммуна суола» холкуостарын бэрэссэдээтэлэ Лэгэнтэй Мааркабыс Нохуоккун хоһуун үлэһиттэрин уоттаах сэриигэ хорсуннук охсуһан, сахалар ааттарын түһэн биэрбэккэ, кырыктаахтык кыргыһалларыгар алгыс тылын эппитэ. Дьэ ол кэнниттэн байыаннай таҥастаах киһи доргуччу хамаандалаан, сэриигэ барааччылар аттарын миинэн, аарыктаах айан суолун тутуһан, дьулурҕатык айанната турбуттара.

Лэгиэн сэриигэ барааччылары, сахалыы сиэринэн улаханнык аймаммакка, дьиппиэнник атаарбыта уонна ыраатан эрэр уоланнарга туһаайан:

– Саалаахтан самнымаҥ, охтоохтон охтумаҥ, – диэн алҕыы хаалбыта. Атаарааччылар, Лэкиэс ийэтэ былаатынан ыраатыахтарыгар дылы далбаатыы турбуттара. Бу уоттаах сэрии соҕотох уоланын туох-хайдах көрсүөн, тугу-тугу тускулуон саныан да куттанара. Сэгэйик ытаан дьолтойбут хараҕа кыыс оҕо килбик иэйиитин кэрэһилиирэ. Барыларыттан үөһэ уонна уһуннук кини эрэ былаата ыраахтан туртаҥныыра.

Сэриигэ аттанааччылар хас да биэрэстэни барбыттарын кэннэ, Лэкиэс Туоһахтатын үөрэ ыраах алаас үрэҕин уҥуор сылдьаллара көстүбүтэ. Айанньыттар аттара кистээн дьириһиппиттэрэ. Лэкиэс Туоһахтата сиэлэ бураллаҥнаан үөрүттэн көҥөнөн үрэх кытылыгар диэри сиэлэн кэлбитэ. Тыалга үрэллэҥниир көҕүлүн аннынан хатааһын чолбонун курдук уоттаах харахтарынан айанньыттары чочумча одуулуу турбахтаан баран, иһин түгэҕиттэн эҥсэн улаханнык кистээн дьырылаппыта. Лэкиэс сүрэҕэ мөҕүл гына түспүтэ. Кини кутун туттарбыт Туоһахтатын: «Аны көрүөм дуо?» – диэн санаа үүйэ-хаайа туппута. Ону сэрэйбиттии, Туоһахта сииктээх таныыларынан сыт ыла-ыла, кистии-кистии, үрэҕи кыйа сэриигэ барааччылар субурҕаларын сайыспыттыы, сиэлэн атаарбыта…

ААРА АЙАҤҤА

Лэкиэстээх биир нэһилиэктэн тохсуо буолан ыҥырыллыбыттара. Ол курдук бары тутуспутунан, оройуон киинигэр байыаннай хамыыһыйаны ааспыттара. Оччотооҕу күөгэйэр күннэригэр сылдьар эр бэртэрэ, тоҥ маһы булгу тардыах курдук, бөҕө-таҕа көрүҥнээхтэрэ, от-мас үлэтигэр эриллэн улааппыт буоланнар, эт-хаан өттүнэн чиргэллэрэ, чэгиэннэрэ. Хамыыһыйаны ааспыттарын кэннэ иккис күнүгэр, түөртүүр ыам саҕана, атын нэһилиэк уолаттарын кытары таһаҕас тиэйэр массыынанан Аллараа Бэстээххэ илдьибиттэрэ.

Массыыналар суол буорун өрө бурҕатан, күн арҕаа саҕахха тэмтэйэ санньыйыыта, Өлүөнэ эбэ үрдүк мырааныгар тиийэн кэлбиттэрэ. Өлүөнэ эбэ киэҥ, модун көстүүтэ иннилэригэр туох да куһаҕан сибикини түүйбэттии, наҕыллык уста сытара. Уҥуор ырыых-ыраах дьоллоох Дьокуускай куорат дьиэлэрэ бытыгыраһан тумарыктыйан көстөллөрө. Массыыналар аллара сыыйыллар суолунан сотору Буор Ылар диэн ааттаах сиргэ тиийэн чугас-чугас тохтообуттара. Сэриигэ барааччылары массыынаттан түһэллэригэр соруйбуттара, барыларын биир кэккэҕэ устуруойдаппыттара. Саллаат олоҕун саҥа билэн эрэр эдэр дьон саҥата суох турбуттара, арай сирэйдэрэ күн уотугар тыйыстык дьиппиэрэ кыыһан ылара. Байыаннай таҥастаах киһи арҕаа кырыктаах кыргыһыыга Сэбиэскэй аармыйа хорсуннук сэриилэһэрин, ол да буоллар өстөөх кимэн киириитэ соһуччутун уонна олус уодаһыннааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. «Сэбиэскэй норуот чулуу уолаттара, ньиэмэс халабырдьыттарын утары биир ньыгыллык, хорсуннук туруулаһан сэриилэстэхпитинэ, кыайыы биһиэнэ буолуо», – диэбитэ. Онон бүгүҥҥүттэн ыла бары байыаннай бэрээдэгинэн, хамаанданан сылдьалларын тоһоҕолоон эппитэ. «Ким байыаннай бэрээдэги, бирикээһи толорбот, көҥүлэ суох байыаннай лааҕыртан күрээтэҕинэ, дизертир буолар уонна байыаннай кэм сокуонунан трибуналга туруо, ол аата үгүс кэпсэтиитэ суох ытыллар», – диэн дьулаан ыстатыйаны билиһиннэрбитэ. Онтон: «Вольно!» – диэн хамаанда биэрбитэ. Өссө да дөйүөрэн турар тыа уолаттарыгар: «Тарҕаһыҥ!» – диэн тылбаастаан, дьэ өй ылан тарҕаспыттара. Ити курдук сотору-сотору массыыналарынан, сорохтор атынан маҥнайгы хомуурга түбэспиттэр кэлитэлээн испиттэрэ.

Аллараа Бэстээххэ сэриигэ барааччылары биир сиргэ түмпүттэрэ, араас таҥастаах-саптаах, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уоланнар төттөрү-таары хааман-сиимэн адаарыҥнаһаллара. Лэкиэс бииргэ ыҥырыллыбыт уолаттарыныын бары тутуһан сылдьарга сүбэлэспиттэрэ. Оннук санааларыгар да бөҕөх буоларга дылы эбит. Бары да нууччалыы билбэттэрэ улаханнык моһуоктуоҕуттан санааҕа ылларбыттара. Арай Лэкиэс син онон-манан удумаҕалатар курдуга. Взвод, рота хамандыырдарынан үөрэхтээхтэри анаталаабыттара. Онон олор салалталарыгар киирбиттэрэ.

Сарсыныгар «Красный» диэн дьоҕус борохуотунан Лэкиэстээҕи трюмҥа, палубаҕа толору симэн Даркылаахха туораппыттара. Оннук ол борохуот хаста да кырыммыта. Оттон туораабыттары устуруойдата-устуруойдата сатыы хаамтаран, куорат киинин диэки Жорницкай уулуссаҕа баар кэҥэс олбуордаах мунньар пууҥҥа аҕалтаан испиттэрэ. Нуучча, саха, араас да омуктар киһи киһитин билсибэт үлүгэрэ этэ. Киэһэ барыларын устуруойдатан баран толуу, байыаннай таҥастаах нуучча эписиэрэ сэрии туһунан кылгас иһитиннэрии оҥорбута. «Түөкүннүү уоран саба түспүт фашистскай халабырдьыттары уодьуганныахпыт, Сэбиэскэй аармыйа ньыгыл күүһэ өстөөҕү кыайыаҕа», – диэн доргуччу эппитэ-тыыммыта. «Онно, бу сэриигэ ыҥырыллыбыттар, эһиги, хорсуннук кыргыһыахтааххыт», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Үгүстэр алаастарыттан саҥа тэлэһийбит, нууччалыы саҥаны бастакыларын истэр буолан, эписиэр тугу эппитин өйдөөбөтөхтөрө. Ол эрээри кини сорунуулаах сирэйиттэн-хараҕыттан туох эрэ сүдү суолталаах хамаанда бэриллэн эрэрин сүрэхтэринэн таайбыттара.

Баарсаларын күүтэн хас да хоммуттарын кэннэ, Даркылаахха биэрэккэ киллэрбиттэрэ. Онно эмиэ кэтэһии буолбута. Арай туох эрэ сүпсүлгэн турбута. Сэриигэ барааччылар биир сиргэ үөмэхтэспиттэрэ. Лэкиэстээх эмиэ ол диэки тиийбиттэрэ, Бүлүү умнаһын күүстээхтэрэ хапсаҕайдаһаллар үһү диэн сурах сэргэхсийиини таһаарбыта. Призывниктар төгүрүччү симсэ үмүөрүспүт бөлөхтөрүн быыстарынан биир дойдулааҕа хапсаҕайдьыт Тириипэнниин үтүрүһэн, түһүлгэ баар сирин диэки чугаһаабыттара. Буучугурас бөҕө диир киһилэрэ араас ааттаахтары, ол иһигэр саһаан холобурдаах нуучча, татаар бухатыырдарын, уҥа-хаҥас быраҕаттаабыта. Отуччатын ааһан эрэр, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, кыһаан киһи этэ. Түөрт кырыылаах харылардаах, кэтит дараҕар сарыннаах, көхсүттэн үргүлдьү тахсар модьу сүнньүлээх, күүстээх көрүҥнээх, быһый быһыылаах, уоттаах сытыы харахтарынан батарыта көрбүт эр бэрдэ этэ. Дьэ, кырдьык, астык тустуулаах хоһуун, бэдэр курдук сылбырҕатык, иҥиирин тыаһа өрө лачыгырыы түһэрэ да, көрүөх бэтэрээ өттүгэр утарылаһааччылара сири булан бурҕас гына түһэллэрэ. Арай биир сүүнэ нуучча охтон баран, алҕас дии-дии, иккитэ киирэн холоспута. Онтон кыһыйан түксү дииллэрин үрдүнэн, курданарыттан үөһэ өттүнээҕи таҥаһын ньылбырыта тыытан, сиэх-аһыах көрүҥнээх үсүһүн киирбитэ. Дьон хаһыы бөҕөтө, биир кэм күүгэн оргуйан олорбута. Буучугурас утарсааччытын кытары өрө батыгыратан, тутуһан өрө холоруктуу сылдьыбыта. Анараа киһи табаҕайынан Буучугурас сүнньүн сабыта саайталаабыта. Онтон кыһыйан, Буучугурас хаптас гынаат, киһитин икки такымыгар түһээт, түүтэх мээчик курдук салгыҥҥа өрө көтөҕөн таһаарбыта уонна аарыма мөхсө сылдьар лөкөйү санатар утарылаһааччытын кулахачыппытынан, түһүлгэ ортотугар сүүрэн батыгыратан киирэн, тоҥ иэнинэн сиргэ эпсэри бырахпыта. Киһитэ түһүүтүн омунугар сир ньиргийэргэ дылы гыммыта. Бурҕайбыт буору бүрүнэн били киһи дөйөн сыппыта. Буучугурас илиитин өрө көтөхпүттэрэ, призывниктар хаһыылара биир кэм өрө ньиргийэн олорбута. Дөйөн сыппыт киһи өндөйөн, бу туох ааттаах күүгээнэ буолла диэбиттии, тулатын көрүммүтэ. Онтон өйдөнөн, туран буорун-сыыһын тэбэнэн баран, кыбыстыбыттыы, төбөтүн нөрүччү туттан, түһүлгэ таһын диэки байааттаҥнаабыта. Лэкиэстээх Тириипэн Буучугураһы сөҕө, дуоһуйа көрбүттэрэ, оттон биир дойдулаахтара Үөһээ Бүлүүлэр бөҕөстөрө хабараан хапсыһыыга соргута тосхойбутуттан харахтарыгар астыныы, киэн туттуу суһума сыдьаайара.

1 Хоруотаабыт – биэ төрүүрэ биллибит.
Продолжение книги