Номох буолбут кэпсээннэр бесплатное чтение

УОС НОМОҔОР

«Аны биир үйэнэн эргиллиэм!»
(Номохтон кэпсээн)

Былыр, сүүстэн тахса сыллааҕыта, Аллан эбэ кытылыгар, Уус Маайа улууһун 1-кы Эдьээнин нэһилиэгэр, Күбүү Арыыта диэн сиргэ Истиэ эмээхсин уонна Көбүө оҕонньор ииттинэр сүөһүлэригэр, соҕотох аттарыгар сайынын оттонон, эбэлэригэр туулаан, күһүнүн куобахха, куртуйахха туһахтаан – син быр бааччы ыал аатын ылан олорбуттара.

Нус-хастык, эйэ дэмнээхтик күннэрин кылгатан олордохторуна, биир сарсыарда тарбыйахтара өлөр оруутун орулаан, минньигэс ууларын аймаата. Көбүө оҕонньор уһукта биэрэн, ойоҕун соруйда: «Эмээхсиэн, борооскуҥ босхо баран тарбыйаҕын кэйдэ быһыылаах. Тахсан көр эрэ».

Истиэ эмээхсин туран таҥнан, хотонун киирэн көрбүтэ: ынахтаах борооскута быаларыттан тардыста, буугуначчы тыына, харахтарын өҥүргэһинэн көрөн тураллар эбит. Онтон «кэйдэрбит» тарбыйаҕа быатын соспутунан бу утары сүүрэн кэллэ.

– Пахай, тарбыйах быата сөллөн, босхо бардаҕын аайы маннык үргэр баҕайыта үһү дуо? – диэн эмээхсин сүөһүлэрин мөҕө-мөҕө, тарбыйаҕын соһон илдьэн оннугар баайда. Иһигэр бу тарбыйаҕы, арааската, чөчүөккэ моһуоктаата ээ дии саныы, тарбыйаҕар туһаайан иһиллэр гына: – Оттон эн, Мааныкаан, кутуйахтан соһуйан маннык айдааны тардыбат буол, – диэн хомуруйбута буола-буола, төттөрү балаҕаныгар киирдэ.

Оҕонньоро ыйыта тоһуйбутугар, тугу көрбүтүн барытын кэпсээтэ. Киһитэ истэн эрэ кэбистэ.

Сотору турар кэм буолан, эмээхсин чэйин оргутан, күөрчэҕин ытыйаары үгэҕиттэн үүттээх чабычаҕын хостообута: сүөгэйэ барыта булкуллан, иһит иһэ сүөһү, сылгы сааҕынан, бөҕүнэн-сыыһынан туолбут. Эмээхсин соһуйуу-өмүрүү бөҕөнөн киирэн оҕонньоругар кэпсээтэ, иһитин аҕалан көрдөрдө.

– Бэй, хайдах маннык буолбутай? Туох суолун быһа хааман, бу курдук хара накааска түбэстибит? – диэн Көбүө оҕонньор мунаахсыйда.

Ити итинэн ааста. Оҕонньордоох эмээхсин киирэн хоччорхой лэппиэскэлэринэн чэйдээн эрдэхтэринэ, хотоннорун аана аһылла түстэ да, ынах сааҕа кэлэн остуолларыгар «пал» гына түстэ. Онтон хончоҕордорун, лэппиэскэлэрин сиирэ-халты түһүтэлээтэ. Көбүө оҕонньор: «Хайалара дьээбэлэнэ сылдьарый?» – диэн кыыһыран оргуйа түстэ да, остуолга сыппыт быһыччатын туппутунан хотонугар лэппэрдээтэ. Аан сабыллан хаалла. Хотон аанын аһа баттаан иһир-дьэ киирэн, чүүччэйэн көрдө да, кими да булбата. Ол тухары Истиэ эмээхсин эрэйдээх тэллэҕэ тэлибирии, уҥуоҕа халыр-босхо бара оҕонньорун ырбаахытытыттан тутуһан батыһа сырытта.

Дьиэҕэ киирэн көрбүттэрэ: били лэппиэскэлэрин тобоҕо суох буолбут. Ордугун хончоҕордоро кураанахтаммыт. Истиэлээх Көбүө түбэспэтэх суолларыгар түбэһэн улаханнык моһуогурдулар, санааҕа түстүлэр. Чэйдиир чэйдээбэт икки ардынан аһаан, балаҕан иһинээҕи-таһынааҕы үлэлэрин үлэлээбитинэн бардылар.

Күнүс собо буһарынан, оҕонньор уот иччититтэн: «Көстүбэти үүр», – диэн көрдөһөн баран, баҕар, буруолаах мастан күрэнээрэй диэн, биир хардаҕаһы буруолаппытынан балаҕаннары-хотоннору далбаатаата. Ол кэннэ, санаата ситэн, күөстэрин хостоору гынан эрдэхтэринэ, хотоннорун аана эмиэ аһылла түстэ да, ынах сааҕа кыырайталаабытынан барда. Истиэ эмээхсин күөһүгэр сааҕы түһэртэримээри, былаатын эһэ охсон ылан, солуурчаҕын айаҕын саба тутта. Онон, инчэҕэй саахха илиитин сиэртибэлээтэ.

– Ээ, дьэ биллим! – Көбүө саҥа аллайда. – Хотоммут иччитэ ас көрдүүр эбит. Ыл, эмээхсиэн, көмүс хатырыктааххыттан бойум соҕустук хоторон, туоска ууран илдьэн биэр!

– Э-һээ-ээ, о-оннук э-биэ-эт! Һэ-һээ, – Истиэ буруйун билинэн, мичээрдээн мытырыйа, сэк курдук, бэрт улгумнук тиириллибит туоска өллөөҕө буолаарай диэн балыгыттан хотордо. Ол кэннэ лэппэриҥнээн тиийэн, хотон аанын айаҕар уура-уура:

– Хотоммут иччитэ-э, кырдьаҕас, түөһээҥки иччилэргэр кыыһырыма. Кырдьык даҕаны, бу тухары биирдэ да эйиэхэ анаан айах туппатах эбиппит. Уордайбыккын уҕарыт. Үөл соботтон амсай, – дии-дии, Истиэ остуолугар чугуруйан чугаһаан эрдэҕинэ, Көбүө күргүйдүү тоһуйда:

– Мииҥҥиттэн!.. Мииҥҥиттэн тордуйаҕа кутан биэр!

– Э-йиис. Ту-ууй-сиэ. Кырдьык даҕаны, аны мииммин ум-нан кэбиспиппин дии, – эмээхсин көмүлүөк кэннинээҕи наараттан тордуйа булан аҕалан, миин кутан, илдьэн уурда.

Көбүө, эмээхсинэ «хотонун иччитин» кытта бодьуустаһар кэмигэр, соботуттан сиэмэхтээн, мииниттэн сыпсырыйбахтаан хаалла. Эмээхсин кэлэн олорорун кытта, тордуйалара көрдөрбүтүнэн салгыҥҥа күөрэйэн таҕыста уонна хотон иһин диэки айах тыаһа чамырҕаан баран, бүтэҥитик иһэн киллиргэтэр тыас иһилиннэ. Тыас сүтэрин кытта, кураанахтаммыт тордуйа балаҕан ортотугар үҥкүрүс гына түстэ. Онтон балыктаах туостарын көрбүттэрэ: балыктара биир-биир күөрэйэн тахса-тахса, ойоҕосторун, систэрин, кутуруктарын уҥуохтара бытарыһан түһүтэлээтилэр. Оҕонньордоох эмээхсин сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр, ол кэннэ дьэ холкутуйан күнүскүлээтилэр. Ити түгэнтэн ыла Көбүөлээх аһыахтарын иннинэ, «хотоннорун иччитигэр» туспа ас өлүүлээн уурар буоллулар. «Иччилэрэ» топпотоҕуна эбэтэр көтүтэн умнан кэбиһээри гыннахтарына, баарын биллэрэн силбиэтэнэн ылбахтыыр.

Биир киэһэ утуйаары сытан, оҕонньор эмээхсинигэр сипсийдэ:

– Эмээхсиэн, биһиги бу дойдуга сатанымаары гынныбыт. Сүрүн-сүрүн туттар тэриллэрбитин ылан, сыыйа-баайа, тыаһа-ууһа суох уҥуоргу өтөххө көһөн хаалыахха.

– Оннук-оннук, били көстүбэт күтүр сүгүн олордоруттан ааста, – эмээхсин сөбүлэһэн кэҕилдьийдэ.

Нөҥүө күнтэн ыла, оҕонньор кыра-кыралаан туттар малларын уҥуоргу өтөҕөр биллибэтинэн-көстүбэтинэн туоратта. Тахсыах малын барытын таһааран баран, үгэстэринэн чэйдии олорон, Истиэтигэр күннээҕи түбүгүн иһиллэр гына кэпсии олордо:

– Эмээхсиэ-эн, ынахпыт үүтэ тардыбыкка дылы буолла, барыларын өрүс уҥуор харбатан таһааран мэччитиим. Туох да тыыппатах күөх өлөҥү сиэтэхтэринэ, ыанарбыт үүтэ эбиллиэ, борооскулаах тарбыйахпыт быһа түһүө суохтара этэ.

– Оннук-оннук, ынахпыт олох иэппэт буолан хаалла. Кырдьык, эн инньэ гын. Киэһэ уонна төттөрү туоратыаҥ буоллаҕа, – Истиэ эгди-сэгди буолла.

– Хайа, уонна, – Көбүө салҕаата. – Ыраатан хааллахтарына, хайа атахпынан ситиэмий? Онон, аппын эмиэ таһаардахпына табыллар.

Көбүө ол күн сүөһүлэрин, атын, эмээхсинин мачайа суох биир-биир туораталаан көһөн хааллылар. Көспүт түүннэригэр этэҥҥэ хоннулар. Куһаҕана диэн оҕонньор төрүт өтөҕөр остуолга хамсатын умнан кэбиһэн эрэйдэннэ. Көстүбэт барарын кэтэһэн бу эҥээргэ олордоххо эрэ табыллар буолан, оҕонньор тулуйарыгар тиийдэ.

Сарсыардааҥҥы чэйдэрин уруккуларын курдук наҕыллык чэйдээн, көхсүлэрэ кэҥээн, холкутуйан эрдэхтэринэ, уҥуоргу кытылга киһи үөгүтэ иһилиннэ. Бастаан оҕонньордоох эмээхсин алҕас иһиттибит диэн кыһамматылар. Утаакы буолаат тыа баһа эймэнэринэн киһи үөгүтэ эмиэ умайыктана түстэ. Бу сырыыга чуолкай киһи саҥатын истэн, Көбүөлээх Истиэ кытылга таҕыстылар. Киһи саҥата: «Туоратыҥ!» – диэн хаһыытыыр эбит.

Хайалара кэлэн хаайтардаҕай диэн мунаара, оҕонньордоох эмээхсин солбусуһа-солбусуһа:

– Кимҥиниэй? – диэн ыйыттылар.

– Ми-иэн! Мин! Мин! – диэн, киһи көстүбэт да буоллар, уҥуоргу кытылга саҥа иһилиннэ.

Сүрэхтэригэр баастаах дьон кимин билээри, лаппыйан, кулгаахтарын хаста-хаста ыйытан көрдүлэр да, тугу да өйдөөн-дьүүллээн истибэтилэр. Ол курдук күн лаппа уоттаныар диэри харахтарын араастаан оччото-оччото одуулуу, кыччата-кыччата кыҥастаһа сатаан кэбистилэр да, тугу да таба көрбөтүлэр.

– Кырдьар диэн кырыыс да буолар эбит. Харах-көс мөлтөөн, ханан баарын да кыайан харахтаабатыбыт. Аны быстаран иһэр айан киһитэ буолуо, туох кыһалҕалаах эбитэ буолла. Сонун истэ, хамсабын ыла таарыйа, билсэн-көрсөн киириим, – диэт, Көбүө оҥочотугар олорон өтөҕүн диэки эрдиннэ.

Көбүө кытылга чугаһаан иһэн: «Ким бааргыный? Кытылга киир!»– диэн көрдө да, туох да биллибэтэ. «Истибэтэ дуу, барда дуу», – диэн дьиибэргээн кытылга тиксэн баран, балаҕаныгар хаччыгынайан таҕыста. Балаҕанын иһин өҥөйөн көрбүтэ: ким да суох буолан биэрдэ. Хамсата остуолга сытарын көрөн тиийэн, тыаһы-ууһу иһиллии, киһини кэтэһэ таарыйа табахтаата. Онтон чахчы киһи суоҕун итэҕэйэн оҥочотугар киирдэ. Саҥа оҥостон олорон эрдиитинэн анньыныах курдук буолан эрдэҕинэ, киһи атаҕын тыаһа хачыгыраччы үктээн киирэн, тыытын тумсугар олорунан кэбистэ. Оҕонньор сүрэҕэ «бар» гына түстэ, ыараабыт оҥочотун салайан эрдэн кулупайдаабытынан барда.

Кытылга тиксэллэрин кытта, туох эрэ туран ыараханнык таска тирэнээт, өтөх диэки хачыгырайа турда. Оҥочо тумса чэпчээбиттии эндэйдэ, оҕонньор уҥуор тахсыбытын кэмсинэ саныы, оҥочотун кытылга соһоот, балаҕан диэки харбыаласта. Ыраахтан иһэн көрдөҕүнэ: балаҕан аана аһыллан баран, сабыллан хаалла. Бэрт ыксалынан-тиэтэлинэн балаҕан аанын аһарын кытта, эмээхсин соһуйбут-өмүрбүт саҥата кутаалана түстэ:

– Атын күтүр!.. Арахпын да-а арахпын!..

Киирбитэ: остуолун үрдэ, иһитэ-хомуоһа ынах сааҕынан, буорунан туолбут. Ол туран көрдөҕүнэ, хаҥас диэки турар суораттаах чабычах күөрэйэн, иҥнэллэн киһи иһэрин курдук чамырҕаата. Оҕонньор итини көрөн, ааттаһан саҥарда:

– Кырдьаҕас, онто да суох арычча олорор дьону муҥнаама. Иннибит кылгаабыт, кэннибит уһаабыт дьоммут. Кэлбит сиргэр кэбэлий, төрөөбүт сиргэр төнүн.

Көстүбэт тугу да саҥарбакка, чабычаҕы талыр гына туора бырахта уонна тыаһа бэрт наҕыллык үктэнэн таһырдьа таҕыста. Киэһэ көстүбэттэрэ арахсар санаата суоҕун биллилэр. Онон хайыыр да кыахтара суох буолан, «сиэрдэрин-туомнарын» тутуспутунан бардылар. Кэлиҥҥинэн үөрэнэн да хааллылар.

Көмүс күһүн тиийэн кэллэ. Хас да хонуктаах ардах кэннэ, сытыы тыаллар түһүтэлээн мастар сэбирдэхтэрин суйдаталаабытынан бардылар. Көбүө оҕонньордоох төттөрү төрүт өтөхтөрүгэр көстүлэр. Онно да көстүбэттэрэ хаалбата. Уҥуор-маҥаар туорааһыҥҥа оҥочоттон түспэккэ олорсо сырытта. Онон, Көбүөлээх Истиэ көстүбэттэрин кытта кыстыыр буоллулар.

Төһө өр ити курдук эрэйдэнэн олоруохтара эбитэ буолла. Биир күн кинилэргэ ичээнинэн, отоһутунан, кыра ыарыыларга кыыран эмтиир арҕаа улуус киһитэ Көрбүө Ойуун тохтоото. Истиэ эмээхсин туспа ас-өлүү уурбутун көрөн, дьукаахтарын кэтэһэн ону-маны олоотоото да, атын киһи баара биллибэтэ:

– Хайа, дьукааххыт тоҕо биллибэт? Кими кэтэһэҕит? – диэн ыйытта.

– Ээ, ити хотоммут иччитигэр өлүүлээтибит. Быйыл сайыҥҥыттан күн аайы аһаппатахпытына, иһиппитигэр-хомуоспутугар ол-бу бөҕү-саҕы хаалыыр, сылгы, сүөһү куһаҕанынан тамнааттыыр, – диэн хардарда оҕонньор.

Көрбүө Ойуун иччи туһунан бэркэ сэргээн сураста, ол кэннэ дьиэ эргиннээҕини сэһэргэһэн баран, Көбүөҕэ хайыста:

– Дьэ, оҕонньоор, эһиги дойдугут булдунан-алдынан сураҕырар ээ. Онон, бу дойдуга бачча кэлэн баран, булдуттан амсайан бардахпына табыллар. Аҕыйах хонук эйиэхэ хонорбун баалаабат инигин?

– Тыый, ама, эн курдук кырдьаҕаһы, иннинэн сирэйдээҕи хоннорбот буолуохпут дуо? Эгэ эрэ буоллаҕа дии. Хонон, өрөөн бултаан аас, – Истиэлээх Көбүө күө-дьаа буолаахтаатылар.

Ити түүн эмиэ тарбыйахтара сөллөн сүгүн утуппата. Сарсыарда үүттэрин көрбүттэрэ: Айыы киһитэ аһыыр аһыттан ааспыт.

Күн ортото Көрбүө Ойуун Көбүөнү сиргин-уоккун көрдөр диэн чугас эргин бытархай булт көрө бардылар. Эбэ арыытыгар түөрт куобаҕы бултаатылар. Төннөн иһэн сынньана таарыйа уу аҕалбыт нэлгэтигэр олордулар.

– Бөлүүн дьукааххыт тыаһын-ууһун иһиттим да, бэйэтин көрбөтүм, – диэн саҕалаата Көрбүө. – Иччилэрим этэллэринэн, кыра быыс-хайаҕас быыһынан уоран көрүөхтээх үһүбүн. Оччоҕо эрэ көстүөхтээх үһү. Оннук үүтү-хайаҕаһы мутук оннун хос быысаһыытыгар көрдүм. Ол утарыта остуол тардан баран, куобаҕыҥ этиттэн ыгыччы соҕус буһаран уур. Онно көрдөхпүнэ, кыайан үүрэрбин—үүрбэппин быһаарыам. Сэрэйдэххэ, эһигини дэриэтинньик буулаабыт. Өскөтө ол дэриэтинньиги дьаһайар күннээх буоллахпына, мин бу улуус иһиттэн үс хонук иһинэн атын улууска күрээн тахсыахтаахпын. Онон, нэһилиэктэри кэрийэн куотар миҥэбин бэлэмнээ. Оттон бэйэҕит эмиэ малгытын-салгытын хомунан атын ыалы кытта дьукаахтаһан кыстыыргытын бэриниҥ. Бараргытыгар түннүгү-үөлэһи, ааны тэтиҥ маһынан кириэстии саайан баран, балаҕаҥҥытын уматан бараарыҥ. Оччоҕо дэриэтинньик дууһата эһигини батыһыа суоҕа. Чэ, ити курдук.

Ол киэһэ оҕонньор, Көрбүө эппитин курдук, эмээхсинигэр куобаҕын буһартарда. Утуйалларыгар остуолларын мутук хайаҕаһын утары тардан «хотоннорун иччитин» өлүүтүн уурдулар итиэннэ хосторугар бүктүлэр.

Көрбүө Ойуун хаптаһын быыстаах хоско киирээт, били үүтүнэн кэтээн сытта. Тыас-уус намырыйарын кытта, хотон аана аһылынна да, остуолга биллэ-биллибэт сүүнэ күлүк хааман кэллэ. Сандалыга турар кытыйалаах эттэн кум-хам ыстаан кимиритэн киирэн барда. Сотору соҕус күлүҥнүүр күлүк иһитин кураанахтаан баран, хотонугар төнүннэ.

Көрбүө көстүбэт иччи хайдаҕын-тугун билэн баран, нус-хас утуйан турда. Күн уота күүһүрүүтэ эмиэ бэҕэһээҥҥи арыыларыгар бардылар. Көбүө оҕонньор тугу кэтэһэ иһэрин билэр буолан, Ойуун кэпсэтиини саҕалаата:

– Оҕонньоор, мин кыайар кыылым эбит. Бэҕэһээ эппитим курдук, суол былаһын тухары дьону кытта кэпсэтэн, ааһа турар гына аттарда бэлэмнэт. Эн кэлиэххэр диэри эмээхсиҥҥэ доҕор буолан олоруом, көстүбэти хайдах гынан суох оҥорору тобулуом, – диэтэ.

Нөҥүө күнүгэр оҕонньор кыһыны туоруур чэй, табах, бурдук була улуус киинигэр аттанна. Уонча хонон баран, биир ат сэтиилээх, култайбыт бэрэмэдэйдээх төннөн кэллэ. Ойуун кини туттуутуттан-хаптыытыттан барыта бэлэм буолбутун өйдөөтө, онон, дьиэлээхтэргэ тыл көтөхтө:

– Ытык кырдьаҕастар, Добдурҕа ыйа буолла, эт ирбэт кэмэ кэллэ. Манна хонон-өрөөн барбытым бэлиэтигэр тиҥэһэҕитин хастаан, чоҕочута сиэх.

Оҕонньордоох уһата-кэҥэтэ барбакка, сүөһүнү сүүскэ охсон тэс гыннардылар да, иһиттэн, этиттэн ботуччу буһаран бурулаттылар. Көбүө сүөһүнү астыы сүпсүлгэнигэр сылдьан Көрбүөтүн сирэйин-хараҕын кэтии сырытта. Күөс оргуйа турар кэмигэр таһырдьа утуу-субуу таҕыстылар.

– Хайа, өссө туох тэрээһин нааданый? Туох албаһынан кыйдыыр буоллуҥ? – диэн дьиэлээх ыйытта.

– Ол нэмэ олох судургу эбит. Этитиилээх оруоһунан кыайдахпытына кыайабыт. Утуйар кэм чугаһыгар тахсан аккын ыҥыырдаар. Бэйэҕит томмот гына оҥостон, ампааргытыгар тахсаарыҥ. Сарсыарда халлаан сырдыар диэри онтон быгымаарыҥ, – диэтэ Ойуун.

Күөстэрин хоторон, аһаан, бэркэ астынан, тиҥэһэлэрэ куҥ-нааҕын хайҕаатылар. Эмээхсин иһити-хомуоһу хомуйуор, өлүү ас ууруор диэри Көрбүө көмүлүөк иннигэр олорон:

– Саам буораҕа сиигирэн, сүгүн-саҕын тэппэт буолан хаалла. Бу оруос сиэмэтин сииги тартара таарыйа симиэххэ эрэ, – дии-дии, ылахтаһар быһыынан саа уоһугар туорааҕы чуумпуурунан симтэ.

Көбүө оҕонньор ити кэмҥэ тахсан сэтиилэммит атын ыҥыырдаан кэбистэ. Үлэспиттэрин курдук, эмээхсинин киирэн соруйда:

– Истиэ, дьиэбит иһэ оргуйан сылааһа бэрт буолсу, киэһэнэн халлааммыт сылыйбыт курдук буолбут. Бүгүн тахсан ампаарбытыгар утуйуох.

Эмээхсин тугу да саҥарбакка, таҥас таһаарар түбүгэр түстэ. Ол курдук тахсан ампаардарыгар киирэн, ааннарын олуйан баран, чохороон сыыһын туппутунан, суос-суостарыгар бигэнэн хороһон олордулар. Сотору соҕус саа тыаһа ньиргийэ түстэ да, киһи сүүрэн тибигирэйэн ааста. Өтөр аты самыыга охсор тыас уонна соруйар саҥа иһилиннэ. Ону кытта ат туйаҕын тыаһа тус арҕаа битигирэйэ турда… Оҕонньордоох эмээхсин кулгаах-харах иччитэ буолан, бэрт кутталынан, титирэстээһин бөҕөнөн уһун түүнү атаардылар. Халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, харса суохтарын киллэрэн ампаардарыттан таҕыстылар. Сарсыардааҥҥы кырыаҕа туох да суолун булбатылар. Арай далга турар сылгылара от көрдөөн иҥэрсийдэ. Дьиэ аанын айаҕар кэлбиттэрэ, аан тэлэччи аһыллан турар эбит. Иһирдьэ аан модьоҕотун атыллаан киирбиттэрэ: остуол, кытыйа тус-туһунан иҥнэһэн сыталлар. Сандалы туһунан буорга үөс курдук хара хаан халыйбыт. Хааны батыһа көрбүттэрэ: улахан баҕайы хааннаах ытыс суола аан холуодатыгар бэллэччи олорон хаалбыт. Итини барытын Көбүөлээх Истиэ чуҥнаан үөрэтэ турдахтарына, соһуччу тымныы салгыны сатарытан ынахтара ыатаары маҥыраата. Хотонноругар киирбиттэрэ, ынахтара бэрт холкутук иччилэрин кэтии турар эбит.

Ити күн Көбүөлээх Истиэ сүрүн туттар малларын аттарын сыарҕатыгар тиэнэн, ынахтарын кэнниттэн сэтиилээн атын ыалга көстүлэр. Ол көһөн күккүрээн иһэн Көбүө түүн утуйбатаҕа таайан уонна былыт баттаан хааман иһэн нухарыйан ылла. Арай иһиттэҕинэ, өтөҕүн диэки: «Аны биир үйэнэн эргиллиэм!» – диэн саҥа дуорайан иһиллэргэ дылы гынна. Оҕонньор соһуйан ходьох гына түспүтэ: чугас соҕуһунан суор, хооҕургуу-хооҕургуу, ааһан эрэр эбит. «Дьэ, эргиллэн көрөөр, онуоха диэри хайа халдьаайыга тахсан сытарбыт биллибэт», – диэн сэтэрээт, Көбүө хардыытын эбэн биэрдэ.

Халлаантан көп хаар аргыый кыыдамнаабытынан барда.

Былыргы айан суолугар
(Буолбуттан кэпсээн)

Тэрис ыйбыт айаҥҥа туттуллар үгэстэрин биһиги оҕо сылдьан үгүстүк истэрбит, суруллубатах сокуон быһыытынан тутуһарбыт. Арыт күһүҥҥү киэһэлэргэ өрүс кытыытыгар муһуннахпытына, онно сыһыаннаах кутталлаах да сэһэннэри сэһэргэһэрбит. Онтон тугу өйдөөбүппүнэн…

… Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бүтүүтүн диэки, Охуоскай Бэрэбиэс Уус Маайа оройуонугар киирэр эрдэ-ҕинэ, Томпоттон төрүттээх, уон сэттэтин саҥа туолбут тулаайах уол Ааллаахтыыр суолунан Ньычаанда диэн күөлгэ курдары түһэн, балык собуотугар үлэҕэ киирээри сатыы баран испит. Ол баран иһэн киэһэрэн, сылайан да буоллаҕа буолуо уонна, баҕар, кэпсэтэр да киһини кэтэһэн, суол ортотугар ардахтан хаххаланар халтааматын балаакка курдук оҥостон утуйан хаалбыт.

Арай түһээтэҕинэ, хайа томторҕотун кэтэҕиттэн икки аттаах киһи көстөн кэлбит. Биирдэстэрэ хара аттаах, хара кыл бэргэһэлээх, хара сукуна сонноох, муннун анныгар тор курдук хойуу бытыктаах сааһыра барбыт хара бараан киһи, иккиһэ маҕан аттаах, сырдык таҥастаах, эдэрчи дьүһүннээх киһи үһү. Хара бараан киһи атыттан түһээт, халтаама сабыытын өрө тардаат, улаханнык уордайбыт куолаһынан: «Хайа, нохоо, туох буолан биһиги суолбутугар туора сыттыҥ? Киэр буол мантан!» – диэн ордоотообут. Уол баттатан, уһуктаары мөхсө сыттаҕына, били киһи: «Бу уолу илдьэ барарбыт дуу?» – диэн аргыһыгар туһаайан эппит. Онуоха аргыһа өҥөйөн көрөн баран: «Па, оҕото бэрт эбит. Олорбохтуу түстүн», – диэн хардарбыт. Харата турбахтыы түһэн баран: «Нохоо, биһиги сотору төннүөхпүт. Ол төннөрбүтүгэр манна суох буолуохтааххын», – диэбит.

Уол уһукта биэрэн, дьон барбыт сирдэрин диэки өҥөйөн көрбүтэ: сыыры таҥнары икки ат самыыта туртайан көстөн иһэн симэлийэн хаалбыт. Уол бэрт суһаллык хомунан, ыллыгынан ойуур быыһыгар түһэн айанын салҕаабыт.

Хойут, уонча сыл буолан баран, ол уол кэргэнэ түһээн үүт-маас ол дьону көрбүт. Ол күн бастакы оҕолоро күөлгэ ууга түһэн өлбүт.

Ол киһи кэлин сааһыран баран Күп нэһилиэгин Маарыла Төрдө үрэҕэр бултуу дуу, туох соругунан дуу тахсан баран, былыргы ыллык ойоҕоһугар балаакка тардынан утуйа сыппыт. Арай ол сыттаҕына, ыта үрэн тоҕо барбыт. Олоро биэрэн аанын быыһын сэгэтэн көрбүтэ: борук-сорукка биир дьуп-дьулугур синньигэс тэтиҥ ыты таба охсоору сабыы, курбуулана аҕай турар үһү. Ымыылаах ыт ол тэтиҥи, аһаран биэрэ-биэрэ, балааккаҕа чугаһаппакка үрэ сылдьыбыт. Бэрт өр оннук киирсэн баран, ыт саҥата, ханна эрэ ыраах иһиллэ-иһиллэ, сүтэн хаалбыт. Сарсыарда туран айаннаары гыммыта ыта кэлбэтэх, устунан оннук сүппүт.

Кэлин ити түбэлтэни дьоҥҥо кэпсээбитигэр, кырдьаҕастар «суол иччитэ моһуоктаабыта буолуо» дэспиттэр.

Бахсы Тойонун туһунан номохтон

Былыр-былыргыттан Боотур Уус ыччаттара ханна тиийбэтэхтэрэ баарай?! Удьуор утумун салҕаары, кэнчээри ыччаты тэнитээри, киһи-хара буолаары, хара тыаны батан бултаан-алтаан, иитэр-аһатар Иһэҕэйдэрин, Дьөһөгөйдөрүн оҕолорун ииттинээри үрэҕи-маары баһылаан, араас кыһалҕалары ааһан, модун санааларын булгуруппакка, өркөн өйдөрүн өһүлбэккэ, «Һай-һат» диэн саха буолан сандаарыйан, урааҥхай буолан ууһаан, тоҥус буолан туругуран баччаҕа диэри үүнэн-сайдан кэллэхтэрэ. Ол былаһын тухары кэккэ сылдьар дьонноругар, оҕолоругар сайыҥҥы буһук куйаас күннэргэ от үлэтин кэннэ киэһээҥҥи сынньалаҥҥа, кыһыҥҥы умайык тымныыга дьиэ ис-тас үлэтин кэннэ уһун түүннэргэ, дойду оҥостубут сирдэригэр, көмүлүөктэрин суоһугар сыралла төрөөбүт түөлбэлэрин сэһэнин сэһэргииллэрэ.

Былыр арҕаа улуус аата-суола биллибэт биир улахан алааһыгар ааттаах-күүстээх ойуун олорбута үһү. Бу ойуун алааһа өҥ-быйаҥ буолан сылын аайы ботуччу от кэбиһиитин ылар эбит. Ол сураҕа ол эргин олорбут биир баай, тойон киһини утуппат буолбут. Хайдах гынан ол ойуун сирин-уотун бэйэтигэр ылар толкуйугар түспүт. Араас аатырбыт-сураҕырбыт ойууттары ыҥыртаран ылан абынан-хомуһунунан өлөртөрө, үтүрүйтэрэ сатаабыт да, кыайбатах.

Сааһыары биир күн тоҕус ойууну мунньан күндүлээн-маанылаан, аһатан туран ойуун кэбирэх сирин булан, өлөр нэмин билэргэ дьаһайан кыырдарбыт. Ойууттара үс түүннээх күн кыыран баран, биир күн улуулара сууллан түспүт:

– Бу ойуун көннөрү апка-хомуһуҥҥа өлбөт үөстээх эбит. Арай икки тарбыйаҕы төрөөбүт ынах сыатын сиэтэҕинэ, өлөр ыйаахтаах эбит. Оннук ынах субу сотору кэминэн бу сиртэн ырааҕа суох биир ыалга төрүө, ону атыылаһан ылан аһатан-сиэтэн уотан, аны күһүн идэһэлэнэн баран, кэһии ыыттахха түмүгэ биллиэ, – диэн үлүгүнэйбит.

Тойон иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, бары ойууттарын дойдуларыгар кэһиилээн, бэлэхтээн-туһахтаан ыыталаабыт итиэннэ чугастааҕы ыалларга араас соругунан хамначчыттарын-чаҕардарын ыыталаабыт.

Өлүү түбэлтэлээх, биир хамначчыта сарсыарда эрдэ уутун быыһынан иһиттэҕинэ, дьиэлээх дьахтар саҥата, кэргэнин уһугуннаран өттүккэ анньыалыы:

– Оҕонньоор, тур, тур! Иэдээн буолбут. Ынахпыт икки тарбыйаҕы төрөөбүт, – диэн ботугураабыт.

– Аргыый, хоноһо истиэ, ол да иһин иһэ ынайан, синньэ улахана бэрт этэ. Ыл тахсан, киһи-сүөһү уһукта, кэлэ илигинэ, биирин дьон көрбөт гына балбааҕынан таптайан кэбиһиэххэ, кэлин ханна эрэ тиэйэн илдьэн кистэниллиэ, – диэн буолбут.

Дьиэлээхтэр аргыый, тыас-уус иһиллии, бэрт түргэнник хомунан балаҕаннарын биир эҥээригэр турар сүөһүлэригэр тиийэн, эр киһи биир ньирэйи мөҕүһүннэрбитинэн киирэр аанынан таһырдьа дьөгдьөрүйэн хаалар. Сотору соҕус мас көтөҕөн киирэн, үөрэн-көтөн уотун күөдьүтэн, эмээхсинигэр уоһах алаадьыта астыырыгар дьаһайан, хоноһотун малааһын аһын аһатар аатыран уһугуннарар. Хоноһолоро малааһын аһын аһаан баран, бу ынаҕы атыылаһыы туһунан кэпсэтиини ыытар уонна тойонугар төннөр.

Мааһа табыллыбыт тойон сүөһүнү атыылаһан ылар, ньирэй диэнинэн эмтэрбэккэ, уотан баран сайыҥҥы-күһүҥҥү түбүктэр бүппүттэрин кэннэ, дьэ идэһэ оҥостон, балайда биллэр сыалаах ойоҕоһуттан быһа оҕустаран били ойуунугар кэһии гынан ыытар. Ойуун кэһиини тутан баран, киэһэ күөстэнэн аһаары олорон, биир сааһын ситэ илик дуу эбэтэр төбөтүнэн мөлтөх дуу уолугар туһаайан этэр:

– Дьэ, нокоо, мин дьабыммар көтөр күнүм-дьылым үүннэ. Өскөтө мин өлбүтүм кэннэ, ким эмэ атаҕастаары гыннаҕына эбэтэр атаҕастаатаҕына, мин уҥуоҕум араҥаһын тахсан удьаа хамыйаҕынан таптайаар, оччоҕуна мин кэлиэҕим, – диир да, били ынах сыалаах этиттэн быһа элийэн ылан ыйыстан иһэн, сыата куолайыгар туора туран хаалар да, тыына хаайтаран, хараҕын үрүҥүнэн-харанан көрөн баран, иҥиир ситиитин тартараат, сууллан түһэн өлөн хаалар.

Улуу ойууну бары сиэри-туому тутуһан араҥастаан кэбиһэллэр, уол онуоха-маныаха диэри соҕотоҕун олорор. Онтон сотору сыарҕа хаара түһэр, ону кытта тэҥҥэ били тойон баар буола түһэр.

Ол кэлэн, аны бу сир-дойду миэнэ, бас билиим буолар, оккун-маскын барытын ылабын диэн туран, аттаах-оҕустаах дьонугар дьаһал биэрэн, көрөн туран кэбиһиилээх отун тиэйтэрэн, дьонун иннигэр түһэн айаннаабытынан барар.

Уол эрэйдээх атаҕастатан, икки иэдэһинэн хараҕын уута субуруйа сүүрэ, сарылаабытынан, били удьаа хамыйаҕын харбаабытынан, аҕатын уҥуоҕар сүүрэр. Ол тиийэн ытыы-ытыы, аҕатын араҥаһын таптайан табырҕатар итиэннэ:

– Ыы-ый-ыыйбыа-ан! Аа-ай аайбыан! Бу күрүлүүр күнүс талаан бардахтарыа-ан. Көмөлөһүөх буолан баран, көмөлөспөтүҥ! Харыстыах буолан баран, харыстаа-батыҥ! – диэн аймаммыт.

Ону кытта, хантан кэлбитэ биллибэтэх, чугуун тыаһын курдук тыас иһиллибит да, арҕааттан хара холорук хаары ытыйбытынан, сир-халлаан силбэһиитэ ханан да көстүбэт ала буркунун түһэрэн, барбыт дьон туһаайыыларынан айанныы турбут.

Сотору соҕус дьон уолуйбут хаһыыта, ат кистээһинэ бөҕө дуораһыйан иһиллибит да, сыарҕалаах оттор өрө ытыллан тахсан алааһы биир гына ыһыллыбыттар. Өр дуу, өтөр дуу буолан баран, күүстээх тыал эмискэ уостан хаалбыт. Уол балаҕанын таһыттан көрө турдаҕына, онно-манна үрэллибит дьон бэрт түргэнник хомуллан, кэлбит сирдэрин диэки харбыалаһа турбуттар.

Тойон ол алаастан барыаҕыттан балаҕаныгар тиийбэтэх, аҕыйах чаҕар дьонун кытта үөр буолан, Бахсы тойоно аатыра сылдьыбыт. Хойутаан хараҥалаппыт айанньыттарга, эргэ быраҕыллыбыт өтөхтөргө көстөр буолбут.

Мэлдьээкэй

Урааҥхай удьуора, түҥ уус төрүөҕэ, Маайыскай тоҥуһа, Эдьээн нэһилиэгин төрүт-уус киһитэ Уоһук Сахаарап бултууругар, атах тардыстан айанныырыгар үчүгэй аҕай сэниэлээх сылгыта суох буолан эрэйдэннэ. Булда уот кыһыл да, кырымахтаах хара да саһыл буоллун, адаар муостаах тайах да буоллун – кини миҥэ гына миинэ сылдьар соноҕосторо көлөөктөрүттэн, иҥиирдэрин сындааһына сымнаҕаһыттан, көрдөрбүтүнэн туран таһы сыа хаарга уйдаран, халыҥ хаары күрдүргэччи кэһэн куотан хаалан үгүстүк сииккэ сиэллэрэн, хаарга хаамтаран абартылар. Дьэ саҥа эккирэтэн бөтөрүҥнэтэн иһэн маар дулҕатыттан иҥнэн, батырчахтаа-бытынан умса тобуктуу түһэллэрэ ол суох, тоҥуу хаары оймоон баран иһэн, сотору соҕус уҥан, көлөһүннэрэ сарт түһэн, көбүөхтүү иннилэринэн да, кэннилэринэн да барар кыахтара суох буолан, хаарга сытынан эбэтэр кэннилэринэн чинэрийэн иччилэрин баттыы сыһан иттэни түһэллэрэ ол суох. Хаһан сылгы хаарга таалан сытан баран, оронон туран уоскуйуор диэри бултарын суола сойор, ардылара атан ыраатар. Онон, тута бултаммакка, атын туох эмэ албаһынан бултуохха диэри көччүйэллэригэр тиийэллэр. Уоһук бэйэтин сылгыларыттан биир эмэ үчүгэй уҥмат тыҥалаах, быстыбат быртылаах сылгы үөскүүрүн кэтэһэ сатаан кэбистэ да: биир кини санаатын толорор сылгы үөскээбэтэ, чугаһынан оннук сылгы баара биллибэтэ. Ол курдук санаа ымсыылаах сылдьан, Аммаҕа биир ааттаах баппатах атыыр үөскээбитин туһунан иһиттэ. Онон, туох ааттаах сылгыны сүрдээн-кэптээн кэпсииллэрин билээри уонна биэрэр буоллахтарына атыылаһаары, тутуу былдьаһан, өрүс турарын кытта түүлээҕин бастыҥын талан, бэрэмэдэйигэр хааланан, айаны тулуйуо диэбит соноҕоһун миинэн Аммалаата. Эдьээнтэн сүүрбэ көс сири түөрт күн наҕыллык айаннаан, бэһис күнүгэр күн ортото били баппатах атыырдаах ыалы ыйдаран тиийдэ.

Кэлээт да, ирэ-хоро чэйдээн баран, дьиэлээх киһиэхэ кэлбит соругун кэпсээтэ. Сыанатын ботуччу соҕус бысыһан ол күн бу ыалга хонно. Сарсыарда халлаан сырдыан быдан иннинэ туран, дьиэлээх тойон сылгыһыттара атыырдарын үүрэн аҕалан, үөрүн кытта хаһааларыгар хаайдылар. Тутан бас быалаан биэрээри гыммыттарыгар халыҥ куҥнаах хаҥыл ат туттарбакка үөрүн кыйдыы өрө холоруктана сырытта, хаарчахтарын сиэрдийэтин тоҕо көтөөрү куттаталаата. Кэлин сордоон-сордоон быыс күрүө иһигэр киллэрдилэр да, сылгылара бэриммэккэ кычыгыламмыттыы илин-кэлин атахтарынан тэбиэлэнэн, табыйан, тииһинэн түһүөлээн дьону олох чугаһаппата.

Тиһэҕэр тиийэн дьиэлээх тойон:

– Дьэ, миҥэ гынар атыырыҥ ити баар. Сылгы гыныах буоллаххына, бэйэҥ тутан биэр, – диэн дьаһайда.

Уоһук саҥата суох сылгыһыттартан атын бас быатын, үүнүн-тэһиинин ылан кыбыыкка иһигэр турар атыырга баадайан тиийдэ. Итиэннэ: «Нокоо, аргыый буол!!!» – диэбитинэн, атыыры сиэлиттэн харбаата. Саһаан үрдүктээх сүүнэ киһиэхэ сүр баттатан били баппатах атыыр хараҕын икки чанчыгынан бүлтэччи көрөн, уоһун ыртатан бөдөҥ тиистэрин килэппитинэн, тоҥон титирээбиттии салҕалыы, түөрт атаҕын өчөһүннэрэ баҕаналыы тэбинэн баран таалан хаалла. Уоһук бас быатын кэтэрдэн суларын сөллүбэт гына туом-туу баайаат, күрүө баҕанатыгар көнтөһүн эрийэ тардан хантаччы баайан кэбистэ. Ону кэтэһэн туран сылгыһыт уолаттар ат үүнүн кэтэрдэн, буутайдаан, өрөһөтүгэр хоноһолорун таба тэллэҕин сыһыары тардан ыҥыырдаан, холунун кытаанахтык баайан, сылгыны айааһааһын сиэрин-туомун ситэрдилэр. Ол күн Уоһук миинэн кэлбит соноҕоһун астаан аһаатылар-сиэтилэр, киэһэ хойукка диэри былыргы-аныгы сэһэни-сэппэни сэһэргэһэн хойутаан утуйдулар.

Нөҥүө күнүгэр хоноһо сөпкө соҕус туран, дойдутугар айанныыр чааһа кэллэ. Аатырбыт-сураҕырбыт атыыры тоҥус киһитэ хайдах миинэн барарын көрөөрү, ыраах-чугас ыаллар бары мустан атаараары тоҕо суулаһан таҕыстылар.

Уоһук тиэтэйбэккэ эрэ атыырын көнтөһүн сүөрэн, бүтэй ааныгар чугаһатта, туора тардыллан турар сүллүгэстэр аттыларыгар туран ат баһын быатын дэгин өттүттэн холбуу тутта. Атыыр, тулуйбатахтыы-тэһийбэтэхтии, тэпсэҥэлээн ылла. Сылгыһыттар сүллүгэһи сулбурута тардалларын кытта, атыыр бөтөрөҥ ойуунан таҕыста. Ону кытта бэдэр бэргэһэлээх, тииҥ кутуруга нээлбилээх, бүүчээн тириитэ сарын таҥас нээлбиктээх, бөрө үтүлүктээх, таба саҕынньахтаах, таба тыһа күрүмүлээх киһи атыыр ойоҕоһунан сүүрэн тэлэкэчийэн иһэн, ыарҕаттан көтөн тахсыбыт хабдьы курдук салгыҥҥа дайаат, лөглөс гына олоро түһэн быраһаайдаһан, уҥа илиитин өрө көтөҕөн кэннин хайыһан көрбөккө эрэ, ат туйаҕынан чигди хаары көҥү тэптэрэ уу дьоруонан битигиччитэ турда. Ону көрөн туран дойдулаах тойон:

– Оо, тэгил дойдуттан тэҥнээҕэ, хол дойдуттан холооннооҕо кэлбит эбит. Манна сылдьан дьон оттоох күрүөтүн алдьатан дьылга ыытыаҕынааҕар, атын үөр атыырдарын аймыаҕынааҕар, туора дойдуга баран туйгун атыыр буоллун, атын сиргэ баран ааттаах ат буоллун! – диэн ботуччу да соҕус сыанаҕа атыылаабытын бэркэ астынан туран алҕаата.

Уоһук күҥҥэ уоннуу көһү түһэн нөҥүө күнүгэр киэһэ хонугар өтөҕүн булла. Тымныы күн-дьыл ыган иһэр буолан, өр таалалыы сыппакка, суол-иис көрө таарыйа өтөҕүн таһынааҕы үрүйэлэри сыыйда, харыстыы соҕус дулҕалаах маардаах хочолору устатынан-туоратынан оймоото. Ол тухары ат улаханнык илистибитэ көстүбэтэ, сымнаҕас систээҕэ, дул-ҕаһыт-дьаппаһыт дьоҕурдааҕа билиннэ. Онтон дьэ ыырын кэҥэтэн ааттаах Ааллаах өрүс үрэхтэринэн, Аллан эбэ хаҥас кытылларын от үрүйэлэринэн тайааталаата. Ол аайы атыырын бииртэн биир дьоҕурун таһааран, майгытын билэн истэ. Сөхпүтэ диэн баар: биирдэ саһылы эккирэтэн ситэн тайаҕынан охсон бултуоҕуттан, сылгыта бэйэтэ иччитигэр оҕустарар түгэн биэрбэккэ илин туйаҕынан табыйан эбэтэр таптарбатаҕына тииһинэн түһэн моонньун булгу хадьырыйан бултаан биэрэр буолла. Хайа да бэйэлээх тайаҕы атахтаах оҥорбокко ситэн тиийэн, тойонугар тайыынан өтөрү түһэртэрэн бултатан абыраата. Онон, атыырын эллээн баран, Хардааччы диэн соргулаах ааты иҥэрдэ. Ол да буоллар тыа да талыы кыылларыгар уҥмат тыҥалаах, быстыбат бырталаах лөкөйдөр баар буолар эбиттэр.

Биирдэ Уоһук Эбэ мууһа турбутун кэннэ Кээлбик диэн от үрэххэ тайахтыы таҕыста. Ол күн бу соторутааҕыта кэлэн ааспыт лөкөй суолун көрөн үөрдэ, хайаан да эккирэтэн ситэн бултуурга сананан атын суолу батыһыннаран тиҥилэхтээтэ. Улгум бэйэлээх Дьөһөгөй оҕото ону эрэ кэтэспиттии, бугуһуйбут курдук иннин диэки түһүнэн кэбистэ. Арай кыыллара, бөрө курдук, барбыт тосхолун уларыппакка арҕаа диэки айанныы турбут. Уоһук ыраатаары гынныбыт ээ диэн ытырыктата санаан баран атыырыгар эрэнэн – эккирэппиччэ эккирэтиэххэ диэн атын айанын быспакка, тула өттүн көрө-истэ истэ. Күн аҥаарыттан ордук айаннаатылар да, лөкөй сынньаныах, тохтуох быһыыта биллибэтэ. «Төннүбэккэ сыыстым дуу», – диэн хаста да төннөөрү гынан баран тохтоон, атын сиһин сынньатан, тас саҕынньаҕын хонноҕун анныгар укта сылдьар уулларыллыбыт эһэ сыатыттан ойо ыстаан, буспут тайах этиттэн сыыйа тардан сиэн сэниэ ылан, ирэн-хорон, эрчимирэн баран атыырыгар хатаастан тахсан салгыы эккирэттилэр. Сотору соҕус кыһыҥҥы кылгас күн бүтэн, хараҥаран барда. Ону кытта Хардааччы кыыллара чугас баарын биллэрэн, уһуктаах кулгааҕын чөрөтөн сотору-сотору уҥа-хаҥас хамсатан иһиллиир курдук туттан иччитин сэрэппэхтээтэ. Субу киэһэ сиппэттэрин билэн уонна хараҥаҕа кыылын кытта бодьуустаһарын сылаарҕаан, Уоһук миҥэтин, титирик иэйэ аттыгар тохтотон, сойута таарыйа кураанах титириктэри тоҕута тардыталаан, мутуктарын тоһуталаан, тосторута үктэтэлээн сотору бэрт улахан кутааны отунна. Сылгытын илиҥҥи уҥа атаҕыттан көнтөһүнэн өртөөн хойуу өлөҥҥө ыытта. Маарыҥҥы аһыттан үссэнээт, тас саҕынньаҕын халтаама курдук тиирэн көхсүн хаххаланан, уотун көннөрөн биэрэ-биэрэ, нухарыйталаан ылла.

Сарсыарда сулустар хайысхаларынан быһааран эрдэ ту-ран, атыырын тутан, салгыы лөкөйүн сонордоон барда. Лөкөй да бөлүүҥҥү сиртэн улаханнык ырааппатах. Сарсыарда халлаан лаппа сырдыыта, Нуотара баһын ыраас маарыгар сотору-сотору онон-манан тыынара күдэриктийэн көстүтэлиир буолла. Атыыр да ол күдэриги көрөн, эбии холкутугар түспүт курдук буолла. Айанын эппэккэ да, бытаардыбакка да иннин диэки дьулуруйан истэ. Күнүһүөрү Амма сиһин тэллэҕэр дьааҥыттан киирбит атыыр ойуһар кырыа буолбут көхсө субу чугаһаан кэллэ. Аттаах киһи ыкса астаран кэлбитигэр, сэниэтэ эстибит лөкөй атаҕын баҕаналыы тэбинэн турунан кэбистэ. Киһи уһуну-киэҥи саныы барбакка, үөрүйэх киһи быһыытынан булдун хаҥас холун аннынан тайыытынан биирдэ супту түстэ. Лөкөй соһуйбуттуу иннин диэки ыстанан иһэн умса баран, сирэйинэн хаары хоруйда.

Уоһук булдун икки буутун этин элийэ баттаан бэрэмэдэйигэр хаалаан уонна сыаналааҕын аанньа тириитин түрбэлии эрийэн ыҥыырын кэннигэр баанан баран, айан суола бу туһунан баара буолуо диэн атын соруйан кэбистэ. Ол киэһэ ыкса түүн айан суолун уонна ыалы булан сылаас сиргэ хонно. Сарсыныгар ыалыгар кыылын этиттэн бэрсэн, дьиэлээх хаһаайыҥҥа булда ханна хаалбытын ыйан баран дойдулаата.

Күн-дьыл ааһан истэ, Хардааччы аата ат туйаҕа тиийэринэн иһилиннэ, эт сиир дьоро киэһэлэргэ хоноһо, дьиэлээх сэһэнэ буолла. Хардааччы олоҕор аҥаардас булт эрэ соргулаах күннэрэ баар буолуохтара дуо? Бары тыынар тыыннаах, хамсыыр харамай аналынан, «балык ыамнаах, киһи күннээх» дииллэринии күөх сайыҥҥа көччүйэр, ууһуур-тэнийэр дьол имэҥин амсайар күннэр эмиэ бааллара. Амматтан кэллэҕин утаа, иччитэ бэйэтин үөрүгэр сыһыарыаҕыттан, кырдьаҕас атыырын харайыаҕыттан билигин кини үөр баһылыга буола сылдьар. Кэлээт да, кини үөр быыһыгар сылдьар туллук курдук туус маҥан кытыты Туллукчайы сөбүлүү көрбүтэ. Туллукчай да, кинини анала кэлбитинии, атыҥыраабатаҕа. Атын аҕам биэлэр курдук ньылайан, тэбиэлэнэн астаһыннарбатаҕа. Билигин Туллукчай үөр бас-көс биэтэ, мэлдьи кини аттыгар буолар, үөр олоҕун сүрүннэһэр, сылы-сыллата бэйэтин курдук кулунчуктары төрүүр.

Сылы-хонугу кытта Уоһук бэйэтэ кырдьа быһыытыйда, аһыыра-сиирэ мөлтөөтө. Эти сиэтэҕинэ, куртаҕа дэлби аалларан ыалдьар, ол иһин аһын уларытан хаан буһартаран сиир, бурдук дэлэй соҕустук көһүннэҕинэ судурааннаан, оргуйбут ууга суурайан убаҕас хааһы гына оҥорторон үссэнэр. Оччоҕуна, хайдах эрэ куртаҕа сынньаммыт, ыарыыта аматыйбыт курдук буолар.

Дьылдьыттар сабаҕалыылларынан, быйыл угут дьыл буолуох курдук, ол гынан баран саас үллүктээбит хаар муус устар ортотугар уостан, сир хайыы-үйэҕэ элэмэс таба курдук дьүһүннэннэ. Саас уһаары гыммыт сибикилээх, күн эмиэ да чэмэличчи тыгар курдук да, хатааһына диэн сүрдээх. Сүгүн-саҕын мууһун ууллартарбат. Былырыын күһүн күөллэр, үрэхтэр тот сытан тоҥмуттара. Сэтинньи ортотуттан саҕалаан олунньуга диэри хастыы эмэ күннээх сэргэ баһа сэтэриччи тоҥор тымныылара түһүтэлии сылдьыбыттара. Ол да иһин буоллаҕа, муус быйыл аһара халыҥ. Онон, өрүс үрдүгэр олорооччулар сүрүннээн сэргэҕэлиир сонуннара өрүс быйыл хайдах эстиэн, былыргыны – аныгыны санатыһан, күнү-дьылы сылыктаһыы буолла.

Ыам ыйын ортото, кэтэһиннэрэн-кэтэһиннэрэн, күүтүүлээх кэмнэрэ дьэ кэллэ. Күндэ үрэх үрдүк мырааннарыгар олорор аҕа уустара сэрэхтээх өттүлэрэ ынахтарын-сылгыларын хаайталаатылар. Арай Тараах эрэ оҕонньор наҕылыйан олорон баран, дьон олус аймаммытын иһин, үрэҕи туораан уонча сылгытын хочоттон сатыы үүрэн кэлэн иһэн сынньана түһэн, чэй иһээри амынньыары тоһута сылдьан, дулҕа быыһын көрбүтэ: уу күрүлгэннии күллүгүрээн, көрдөрбүтүнэн туран сүүрүгүрбүнэн барда. «Арааһа, өрүс эһиннэ, хочону уу толоро илигинэ тэскилии охсуохха, сылгылар бэйэлэрэ да батыһан тиийээ инилэр», – дии санаат, солуурчаҕын тоҕо сүөкээт, үс биттэхтээх үрүмэччи тыытыгар харбыаласта. Маар быыһыгар уу туолбута сүрдээх. Ууну-сииги кэспитинэн үрэх үрдүн кырдалыгар тиийбитэ, маарыын үөһэ тардыбыт тыыта субу устан барыахтыы, биэтэҥнии-күөгэҥнии турар эбит. Хата, талахха баайбыта абыраабыт. Сүөрэн, бэйэтигэр тарда охсон, киирэн олорон баран, мыраанын диэки сыыйылыннарда. Аартыгар тиксэн баран, били кырдалын көрбүтэ: уу үрдүнэн таһыйа охсон эрэрэ.

Аллан эбэ уонна Күндэ үрэх хочотун икки ардыгар баар үрдүк булуҥҥа Оҕонньор ууһун өтөҕүн хоту уһугар олорор Уоһук Сахаарап уолаттара биир күн эбэлэригэр киирэ сылдьан, сотору соҕус төннөн кэллилэр:

– Аҕаа, өрүспүт мууһа үөһэ Буор Хайаны бэтэрээ өттүнэн быстыбыт уонна ыраахха диэри ырааһырбыт. Байанай аартыгынан Уҥуор Кээлбиккэ диэри киһи тыынан куттаммакка тахсар буолбут. Онтон Буор Хайа анараа өттүгэр Халҕаннаах сээнинэн муус дьааҥы хайатын курдук өрөһөлөнөн тахсыбыт. Уу буоллаҕына, күөгэлдьийэ-күөгэлдьийэ, кэлэн эрэр. Били киирбит ыллыкпытынан арычча ууттан куотан кэллибит. Арааһа, улахан уу кэлээри гынна.

Ону истэн баран, хаҥас диэки ыарыытын уталыта сып-пыт Уоһук нааратыттан туран, сандалытыгар тайанаат:

– Хайа, ноколор, иэдээн буолбут. Олоруохпут дуо, балаҕан, хотон эркиннэрин көтүрэн, сыһыаран кэтит далаһата оҥостуохха, сүөһүлэрбитин онно таһааран баайталыахха, бэйэбит эмиэ онно хатааһыннахпытына, ордор буолбуппут. Чэйиҥ, тахсыаххайыҥ! – диэн дьаһайаат, сүгүллэн туран уолаттарын кэнниттэн таһырдьаны былдьаста.

Өрүс эстибитин биллэрэн эбэттэн тымныы, уорааннаах салгын охсулунна. Бэрт тиэтэлинэн киэһэ хойукка диэри болуоттарын оҥорон бүтэрдилэр. Сүөһүлэрин онно таһааран баайталаатылар, малларын сыыһын эмиэ биир уһукка курулаатылар уонна туох дьүүл-дьаабы буоларын кэтэһэн олордулар. Сарсыарданан өтөхтөрүн үрдүнэн уу таһыччы охсон кэбистэ, тула килэччи уу буолла, тыа, ойуур быыһыгар сылбай ууга көҕөттөр саҥалара мээтиргээтэ, чыккымайдар саҥалара чырыктаата, далаһаларын сыыһа дагдаҥнаата. Уоһук санаата болуоттарын тутан турар кирис быаларыгар, өтүүлэригэр уонна сылгыларыгар буолла. Быалара билиҥҥитэ чиҥ курдуктар, онтон сылгылара барахсаттара ха-йастылар буолла? Хардааччы акаары сылгы буолбатах, үөрүн ханна эрэ үрдүк сиргэ таһааран быыһаа ини. Эчи, быйылгы көмүөл уута кэлбитэ балысхана, соһуччута да бэрт.

Хардааччы Күндэ үрэх хайаларын утарыта Өлөрсүбүт Маарыгар мэччийэ сылдьан эмискэ тымныы салгын охсубутугар, уруккутунан өрүс мууһа хамсаабытын сэрэйбитэ. Үрэх хаатыгар уу сүүрүгүрдэр тыаһын истэн уулаары киирбитэ, хайыы-үйэ уу үрэх эниэтин ортотунан буолан эрэрэ. Сулбу-халбы уулуу охсоот, төттөрү үөрүгэр тиийэн сааһаабыт өтөхтөрүн диэки үүрбүтэ. Ол кэмҥэ хочо устатынан, туоратынан халааннаан эрэрэ. Тымныы ууттан куттанан атыырдарын суоһурҕаныытыгар да бэриммэккэ, кытыттар уонна тыйдар төттөрү үрэхтэрин үрдүгэр салаллан тахсыбыттара. Ол икки ардыгар Үрэх хаата туолан, күөгэҥнээн сылгылары өссө ордук куттаабыта. Бэрт кыра уһун синньигэс томтор сир баарыгар тахсан, мустан биэлэр, ууну сытырҕалыы-сытырҕалыы, бүтэйдии куттанан титирэһэ турбуттара.

Хардааччы кытыттарыгар уордайан, хаһыҥырыы-хаһыҥырыы, ытыран, тэбэн көрө-көрө ууга киллэртии сатаабыта да, кытыттар кинитээҕэр ууттан чаҕыйбыттара.

Ол курдук сылдьан Хардааччы сыыгынас тыаһы иһиттэ. Хонос гынан көрө түспүтэ: хочо үөһээ баһыттан буор мыраан ойуурун тоҕо солоон хайа саҕа дьапталлыбыт муустар халҕаһалыы анньан иһэллэрэ! Эмискэ күүһүрэн кэлбит тыалга муус тыаһын быыһынан ыраах ханна эрэ хочо ортотун диэки сылгылар ииримтийбиттии айманыылара иһиллэн ааста.

Ол икки ардыгар кинилэр турар тоҕойдорун таһынан бэриэччит муустар устан ньолбоһон бардылар. Хардааччы Туллукчайын диэки көрөн иччилээхтик кистээн дьырылатта да, муустаах ууга күөнүнэн күр гына түһэн хайа эҥээр диэки харбаабытынан барда. Кини кэнниттэн Туллукчай кулунчугун кистээн ыҥыраат, батыста. Кулунчук ийэтин самыытын көрөн эмиэ ууга ыстанан киирдэ: илин атахтарын күөрэҥнэтэн харбаан чалымнатан иһэн, биир муус кэлбитигэр онно ойон тахсаары илин атахтарынан тарапачыҥнаат, халтарыйан тас иэнинэн ууга баран түстэ. Ол түһүүтүгэр кулгааҕар уу киллэрэн аны ону илгистэн таһаарабын диэн, муннунан ууну сыҥан ылла да, соһуйан кистээн дьырылатта. Туллукчай кулунчугар төннөөрү эргийэрин кытта, түргэн сүүрүккэ быстыбыт халҕаһа муус субу барыйан кэллэ.

Хардааччы кытылга тахсаат, муустаах уутун сахсынан иннин диэки батыччахтаан баран, баһын булкуйан төннөн кэлэн үрэх үрдүн көрбүтэ: быыһа суох көһөҥө муустарынан туолбут. Урут ааспыт муустар кэннилэригэр Туллукчай кистиирэ иһиллэргэ дылы гыммыта да, бэйэтэ көстүбэтэ. Хардааччы Туллукчайа тахсыбатаҕын итэҕэйбэтэхтии, хайа эниэтин устун үрэҕи батыһа ойутан ыһылыннарда. Кытылга сүүрэн тахсыбыт муустар быыстарыгар биир да сылгы тахсыбыта көстүбэтэ. Онтон кистии-кистии, туораабыт сирин туһунан көрбүтэ да: көмүөл сыҕайан кэбиспит мууһа буом буолан турара. Атыыр ол буому эрэ тоҕута-хайыта тэбиэлээтэҕинэ быыс арыллан үөрэ быыһаныаҕыныы, ииримтийэн туран көһөҥө муустары кэлин атахтарынан тэбиэлээтэ, илин туйахтарынан хампарыта сыста, тииһинэн да түһүөлээн көрдө да, абыраллаах быыс арыллыбата. Үөрүттэн мэлийбит атыыр ол күн өр кытыл устун, төттөрү-таары кистии-кистии сүүрэкэлээбитэ, төннөн кэлэн хаста эмэ төхтөрүйэн күөх мууһу көҥөрүтэ тэбиэлээбитэ, бүтэр уһугар туйахтарын ойута тэбиэлээн, модьу тиистэрин тосторута хадьырыйталаан сэниэтэ-сээбэһэ эстэн, эниэ үрдүнээҕи сиһиккэ тахсан ааспат-арахпат аһыыга ылларан иэҕэҥнии, сиэлэ, кутуруга намылыйан сукуллан турбута.

Продолжение книги